Оҕуруоту үүннэриигэ биһиги балаһабыт эрэллээх дьүөгэтэ Агафья Тарасова бүгүн сааскы дьаһаллар тустарынан сүбэлиир.
edersaas.ru
Ас үтүөтэ – помидор
Помидору күн лаппа уһаатаҕына, кулун тутар бүтүүтүгэр, муус устар саҥатыгар арассаадалыыр ордук. Сороҕор арыый эрдэ олордуллубут, дьиэ аһары сылаас эбэтэр күн уота тиийбэт буоллаҕына, помидор уга уһаан хаалар. Ону маннык ньымаларынан дьаһайыллар.
Уһаабыты эрийиллэр: Биир-икки хонукка уу куппакка утатыннаран баран, умнаһы эрийэ тутан саҥа иһиккэ көһөрөн олордуллар. Күннээх эрээри, сөрүүн, кыратык тымныы да соҕус сиргэ ууруллар. Эрийэ тутуллубут умнастан элбэх силис тахсан, буортан иҥэмтиэлээх эттиги быдан элбэҕи иҥэринэн, үнүгэс салгыы уонна сөптөөхтүк сайдарыгар күүһү биэрэр.
Биир уктан – иккини: Үөһээттэн үһүс лабаатын ааҕан баран, сытыы быһаҕынан олдьу быһан ылан, кыра корневиннаах ууга угуллар. Силис тартаҕына, атын иһиккэ олордуллар. Маннык ук сибэккитэ түргэнник тахсар, аһа да бөдөҥ буолар. Хаалбыт умнастан икки ойоҕос лабааны таһааран үүннэриллэр. Онон, биир уктан икки угу таһаарыллар. Манна биири өйдүөххэ наада: умнаһы быһаат, тута күннээх сиргэ туруоруллубат, эмиэ икки хоннорон баран сырдыкка таһаарыллар. Салгыы үүнэн истэҕин ахсын, кэлэ-бара имэрийэ, таарыйа сылдьыллар. Ити таарыйар кэмҥэ кини сытын таһааран, уһуур көҕүн бытаардар, сөрүүн эрээри күннээх сиргэ чэгиэн-чэбдик, модьу-таҕа буола улаатар. Сөрүүн салгыҥҥа үөрэнэн, саас тэпилииссэҕэ таһаарарга тымныыны тулуйумтуо буолар.
Арассааданы көһөрөн олордуу
Ханнык баҕарар култуура, оҕуруот да аһын, сибэкки да арассаадаларын улаата түспүттэрин кэнниттэн, уопсай иһиттэн туспа иһиттэргэ көһөрүллэр.
Уһаан хаалбыт умнастаах үүнээйини көһөрүөх икки күн иннинэ, туругуттан көрөн, уу кутуллубат, оччоҕуна умнастара уонна силистэрэ сымнаан, истимтиэ буолаллар итиэннэ көһөрөргө эмсэҕэлээбэттэр. Силис тута сииккэ олорорун курдук, көһөрөр иһит буорун эрдэ илитиллэр.
Саҥа иһиккэ көспүт арассааданы тута сырдыкка ууруллубат, силиһэ ылсарын наадатыгар бастаан аллараа, күлүк соҕус сиргэ, туруоруллар. Икки хоннорон баран, сылаас, күннээх сиргэ таһаарыллар.
Тэпилииссэҕэ – хаары
Сайын өлгөм үүнүүнү ылар туһугар, оҕуруот сиригэр кэккэ дьаһаллары өссө хаардаахтан ыла тэрийиллэр. Онуоха туох да улахан түбүк-садьык, ороскуот эрэйиллибэт, барыта таһырдьа салгын сии таарыйа оҥоһуллар.
Бастатан туран, тэпилииссэ буорун үрдүгэр хаары киллэрэн кутуллар. Наһаа халыҥнык куттахха, буор сиигирэн, аһыйар, көҕөрөн, сытыйбыт көрүҥнэнэр, инньэ гынан, уонча эрэ сантиметр халыҥынан таптайыллар. Ол кэнниттэн күн эбии уһаата да, эбиэс эбэтэр фацелия сиэмэтин ыһыллар. Эбиэс үүнэн, 10-15 см уһаата да, тээпкэнэн буору кытары булкуйан кэбиһиллэр. Ити аата сидеральнай уоҕурдуунан байытыллан, буор састааба быдан тупсар, оҕуруот аһа өлгөмнүк үүнэригэр тирэх буолар. Маннык оҥоһуллубут буорга олорбут арассаада хамсыы-хамсыы үүнүөҕэ, өлгөм аһы биэриэҕэ.
Ыарҕаҕа — күлү
Билигин үгүс ыал тиэргэнигэр тыаттан да аҕалан, Ботаническай саадтан да моонньоҕону уонна ыарҕалары, бөлөх уктаах атын да үүнээйилэри олордор идэлэннэ.
Дьэ, бу барахсаттарбыт чэгиэн-чэбдик буолалларын, ыарыыга ылларбаттарын тустарыгар төрдүлэригэр мас күлүн кута сылдьар ордук. Ол күл хаары кытары ууллан, силистэрин иҥэмтиэлээх эттиктэринэн аһатыахтара.
Моонньоҕоҥҥо — итии ууну
Маннык ньыма баарын мин 1980-с сылларга, сурунаалтан ааҕан билбитим. Моонньоҕон угар итии ууну муус устарга дьылыттан көрөн кутуллар, чыыһылата оруолу оонньообот.
Хаар барда да, күһүҥҥү саһаран хаппыт сэбирдэхтэри (онно араас ыарыы хаалыан сөп) моонньоҕон угуттан, анныттан үчүгэйдик ыраастаан баран, убаҕас марганкалаах оргуйбут итии ууну үрдүттэн кутуллар.
– Итии уу моонньоҕон үнүгэһин бүөрүн сиэбэт дуо? – диэн ыйытыаххытын сөп.
Суох, сиэбэт. Уу үөһэттэн аллараа түһүөр диэри итиитэ паар буолан көтө охсор, аны кыратык бөлтөйбүт үнүгэстээххэ эрэ кутуллар. Марганкалаах итии уу моонньоҕону араас ыарыыттан эрдэттэн быыһыыр, тоҕо диэтэххэ, ааспыт күһүнтэн хаалбыт ыарыылары, үөн-көйүүр сымыытын, үөскэҕин суох оҥорор.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru