Биһиги эрэллээх дьүөгэбит Агафья Тарасова ааспыкка оҕуруот аһын уонна сибэккилэри хаһан арассаадалыыр, буору хайдах оҥорор итиэннэ сиэмэ тахсыытын күүһүрдэр ньымалар тустарынан кэпсээбитэ. Бүгүн ол сүбэлэрин салгыыр.
edersaas.ru
“Дезинфекция” диэн, дьиҥинэн, соҕуруу дойду ньымата. Онно араас үөн-көйүүр уо.д.а буорга туох да буолбакка кыстыыр буолан, уоҕурдууну тутталлар. Урут биһиэхэ итинник араас ыарыы, үөн-көйүүр суоҕа. Экологиябыт быдан ыраас, кэлии үүнээйи дэлэйэ илик кэмигэр дьон оҕуруот аһын арааһын олордон, өлгөм үүнүүнү хомуйаллара. Күһүн бэлэмнээбит буору киллэрэн арассааданы олордуох иннинэ туох да эмтиир-сэрэтэр үлэни тэрийэр наадата суоҕа, барытын тымныыбыт бэйэтэ дьаһайара.
Сүүрбэччэ сылтан бэттэх, соҕурууттан эҥин-эгэлгэ үүнээйилэри, бэлэм буордары аҕалар буолуохтарыттан ыла, араас ыарыы үөдүйэн, буору киллэрэн эбии аһатар курдук эмтиир ирдэнэр. Манна биири өйдүүр наада: бэйэ буорун духовкаҕа эбэтэр микроволновкаҕа уктахха, наадалаах микроэлэмиэннэрэ сүтэллэр, ол иһин марганцовка суурадаһынынан ыстарар ордук. Оттон маҕаһыынтан атыылаһыллыбыт бэлэм буору суутун алдьаппакка, улахан көстүрүүлэҕэ уган баран, үрдүгэр субу оргуйбут итии ууну кутан, балтараа чаас тутан, үөн-көйүүр үөскэҕин суох оҥоруллар.
Эрдэ сиири түннүккэ
Олунньу ыйтан баклажан, биэрэс, порей луук, сельдерей арассаадаланаллар, помидор уонна оҕурсу арыый кэлин олордуллаллар. Ол эрээри, тэпилииссэ үүнээйитэ ситиэр диэри сииргэ анаан, балкоҥҥа үүннэриллэр суортартан аҕыйах атаҕы түннүккэ олордор үчүгэй. Онуоха иһиттэрэ биэс лиитэрэлээх уонна дренажтаах буолара ордук. Арассаадалаах иһити күн көрөр түннүгэр туруоруллар. Түннүк сэҥийэтигэр пенофолу тэлгэттэххэ, түннүктэн тымныы салгын үрбэт.
Күн уһаан, уота күүһүрэн истэҕин ахсын үүнээйилэргэ стеклопакет түннүк дьайыыта күүскэ охсор – түннүккэ ыкса турааччылар оҕустарар кутталлаахтар. Биллэрин курдук, күҥҥэ оҕустарбыт арассаада сэбирдэхтэрэ хаппыт курдук саһаран киирэн барар, ону ыарыы дии санаан уоҕурдуу куттаххына, абырыахтааҕар, дьэ, эбии алдьатыаҥ. Ити кэриэтэ түннүгү чараас түүлүнэн сабан кэбис. Түннүккэ силис таттарар үүнээйини дьэҥкир иһиккэ угуллубат, хараҥа дьүһүннээх иһит үчүгэй, күн уотун тэйитэн, силиһин ордук тардар.
Сымыыт хаҕар тылыннарыы
Сорох сиэмэни сымыыт хаҕар тылыннарыахха сөп. Маннык үүммүт арассаада көһөрөргө табыгастаах, хаҕын хампы тут да бүтүүтэ, силиһэ алдьаммат. Кальцийынан байытыллан уонна биир кэм сылаас буорга туран, силиһэ үчүгэйдик сайдар. Иһиккэ көһөрөр саҕана биирдии араарбакка, хаһы да бииргэ олордуллар. Тэпилииссэҕэ таҕыстахха, дьэ, туһунан иһиттэргэ налыччы көһөрүллэр.
Муохха үүннэрии
Сүрүннээн биир кэмҥэ арассаадаланар оҕурсу, тыыкыба, кабачуок сиэмэлэрэ атыттарга тэҥнээтэххэ, бөдөҥ буолаллар. Олору мин муохха тылыннарар идэлээхпин.
Бастаан сиэмэни чараас таҥаска, маарылаҕа суулаан, сылаас сиргэ икки күн сытыарабын. Салгыы муоҕу иһиккэ тэлгээн баран, сылаас уунан ыстаран, сиэмэлэри онно ууран, чараас муоҕунан бүрүйэбин. Сылаас сиргэ уурабын. Үс-түөрт хонугунан сиэмэ силиһин биэрэр, ону тута буолбакка, үүнэ түспүтүн, кыаҕын ылбытын кэннэ, буорга (силиһин муоҕуттан араарбакка) олордобун. Кылгас күнү сөбүлүүллэрин быһыытынан, күн аҥаарыгар күннээх сиргэ, күн аҥаарыгар күлүккэ тутабын.
Көрүҥүн элбэтии
Оҕуруот аһын уонна сибэкки ханнык баҕарар көрүҥүн арассаадалыырга пачкаҕа баар сиэмэни барытын ыспакка, суорт ахсыттан биэстии-алталыы устууканы олордор ордук. Оччотугар ордук-хос үлэ тахсыбат.
Элбэҕи ыһан кэбистэххэ, кэлин атын иһиттэргэ арааран көһөрөр саҕана эрэйдээх буолар. Иккиһинэн, үүнээйи көрүҥэ элбиир. Холобур, биир сибэкки хас да суордун булкуйа олортоххо, сайын тиэргэни араас дьэрэкээн өҥнөрүнэн оонньотуохтара. Үсүһүнэн, суортар араастарын билэргэ киһи уопутурар.
Кыстаабыты сырдыкка чугаһатыы
Күһүн сөрүүн сиргэ кыстата уурбут үүнээйилэр (гладиолус, георгин уо.д.а. сибэккилэр) луукайкаларын баччаларга таһааран, «Фитоспоринынан» ыстаран араас ыарыыттан уонна үөнтэн-көйүүртэн сэрэтэр дьаһалы тэрийиллэр. Буорту буолбуту быраҕыллар, аны кэккэлэһэ сытар үүнээйигэ ыарыытын сыһыарыаҕа.
Дьиэҕэ кыстаабыт дьэдьэн арыый көҕөрөн эрэр буоллаҕына, хараҥаттан сырдыкка сыыйа чугаһат. Ол эрээри, атын иһиккэ төрүт көһөрүмэ, буорун көбүтүмэ, салгын киирдэ да, силиһэ хатан хаалар. Сиигэ көппөтүн наадатыгар, буорун үрдүгэр муоҕу уур. Уопсайынан, дьиэҕэ кыстыы киирбит дьэдьэн, клубника силистэрэ төрүт хатыа-кууруо суохтаах. Хас да хоно ыраах айаҥҥа барарбар мин дьэдьэҥҥэ эрэ буолуо дуо, үүнээйилэрбэр барыларыгар уу кутан баран, буордарын муоҕунан бүрүйэбин. Муох сииги көтүппэт уонна наадалаах эттигинэн хааччыйа сытар буолан, сибэкки, арассаада чэгиэн-чэбдик үүнэллэр.
Астра көһөрүн сөбүлүүр
Дьиэҕэ турар кэмигэр астраны иһититтэн кыччаабыта икки төгүл көһөрүллэр. Бу сибэкки атыттартан уратыта диэн, кунуһа суох буору сөбүлүүр. Төһө да бэйэлээх улааппыт астра кунустаах буорга силиһиттэн сытыйан өлөр. Салгыны таптыырын быһыытынан, буорун көбүтэн биэрэ сылдьыллар итиэннэ кураанах күлүнэн аһатыллар.
Кыстаабыт моркуобу саҥаттан үүннэрии
Моркуоп сиэмэтин, кыстаабыт аһы иккистээн үүннэрэн ылыахха сөп. Саас баччаларга били күһүн сөрүүн сиргэ ууруллубут моркуоптан биири-иккини таһааран, бакыат иһигэр уган кыратык үүннэрэ түһүллэр, төрдүнэн күөх үнүгэс тахсан эрдэҕинэ дириҥ иһиккэ олордуллар. Кэлин тэпилииссэҕэ таһаарыллар, сир ирдэҕинэ, кирээдэни булларыллар. Укуруоп курдук, эмиэ зонтик биэрэн үүнүөҕэ. Ону тыытыллыбат, күһүн алтынньыга диэри туруоруллар, хаар түспүтүн кэннэ хомуйуллар. Сиэмэтин, ол эбэтэр зонтигын быһан, укуруоп курдук хатаран ылыллар.
Бэйэлэрин иһиттэригэр
Атыылаһан аҕалар үүнээйилэрбин мин бэйэлэрин хоруопкаларыгар олордобун. Түөрт өттүттэн быһан бүк тутабын уонна эрэһиинэнэн туттаран кэбиһэбин. Онон атын иһити көрдүү сатаабаппын, иккиһинэн хоруопка таһыгар аата-суола, суорда сурулла сылдьар буолан, атын көрүҥнэри кытары төрүт булкуйуллубат. Хоруопка иһигэр салапаан мөһөөччүгэ суох буоллаҕына, маҕаһыыҥҥа атыыланар хараҥа өҥнөөх бөх мөһөөччүгүн угабын, үөһээ ордон хаалбыт өттүнэн үүнээйи умнаһын сабабын. Кыра уктаахтары үрдүнэн баайан, пластик бытыылканан бүрүйэн, дьоҕус тэпилииссэ оҥорон биэрдэхпинэ, сылааска түргэнник тыллаллар. Сайын таһырдьа таһаарыахха диэри итинник тураллар.
Олохтоох усулуобуйаҕа сыыйа үөрэтиллэр
Кыһыҥҥы сибэккини маҕаһыынтан атыылаһан аҕаллахха, атын иһиккэ көһөрө охсорго тиэтэйимэ. Тоҕо диэтэххэ, кэлии үүнээйи бастакы күннэргэ дьиэ климатыгар үөрэниэн наада. Уонча хонугунан бастаан буорун үрдүнэн биир улахан ньуоска буору кутуллар, нэдиэлэ курдугунан эмиэ кутуллар. Ити курдук сыыйа бэйэ буоругар үөрэтэн иһиллэр.
Дьэ ол кэнниттэн улахан иһиккэ көһөрөргө эмиэ бастаан бэйэ буорун кутан баран, маҕаһыынтан кэлбит буорун сүөкээбэккэ көһөрүллэр. Оччотугар кини стресс ылбакка үчүгэйдик үүнүөҕэ. Үүнээйини атыыга ыыталларыгар бэйэлэрин уоҕурдууларын дэлби кутан, сибэккилэтэн баран биэрэллэр, ол иһин дьиэҕэ аҕаллахха, аһын-үөлүн суохтуур, устунан ыалдьыан, кэхтиэн сөп. Дьэ ити иһин бастаан бэйэ буоругар үөрэтиллэр. Аны аһатар буоллахха, уоҕурдууну мээнэ туттуллубат, «Агрикол» диэн сибэкки эбии аһылыгын кыратык убатан кутуллар. Умнаһыгар кутуллубат. Маннык көрдөххө-харайдахха, кэлии сибэккилэри быыһыахха сөп.
Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru