Агафья сүбэлэрэ: кэмин куоттарымаҥ

Ааптар: 
25.07.2017
Бөлөххө киир:

Ньурба Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова баччаларга оҕуруоту хайдах көрөргө-истэргэ бэйэтин үөрүйэҕин үллэстэр.

edersaas.ru


Мүөтүнэн угуйан

Билигин оҕуруот аһа ситэн-хотон, ас биэрэр кэмэ. Ханнык баҕарар үүнээйи уунан тыыннаах. Итиннэ биири учуоттуур наада: лиэйкэнэн ыстарар буоллахха, ууну умнаска кутуҥ, астаах сибэкки илийдэҕинэ, куоппаһырара бытаарар.

Оҕуруот аһын куоппаһырдарга мин маннык ньымалаахпын: 1 лиитэрэлээх бааҥка аҥаарынан кутуллубут сылаас ууга 1 ост. ньуоска мүөтү суурайаммын сарсыарда эрдэ эбэтэр киэһээ хойут ыстарабын, ол иннинэ көннөрү ууну кутабын. Мүөт сытын ыланнар, сарсыарда эрдэ тигээйилэр, ыҥырыалар кэлэн, үүнээйилэри куоппаһырдаллар. Мүөттээх ууну ыстардаххытына, тэпилииссэни аһаҕас хонноруҥ, ыҥырыалар киирдиннэр.

Бэйэтэ бэлэм уоҕурдуу

Помидору сахалар балачча баһылаатыбыт. Билигин саамай үгэннээн астанар кэмигэр хоннохтуур ирдэнэр. Ону сэргэ угун таарыйан, сахсата сылдьары итиэннэ салгын курдары охсорун сөбүлүүрүн төрүт умнумаҥ. Ордук хос лабаатын, сэбирдэҕин быһан, ууга көөнньөрөн, атын култуураларга, чуолаан хаппыыстаҕа эбии аһылык быһыытынан туттуҥ.

Оҕурсу килиэбинэн аһыыр

Түүнүн биллэрдик хараҥарар буолан, оҕурсу үүнэрэ түргэтээтэ. Онон күнүскү өттүгэр тэпилииссэ аанын барбах эрэ сэгэччи аһыҥ – күнүс сылыйбыт буор түүн сылааһын биэрдин. Тэпилииссэни арыйан, салгын курдары охсорун хааччыйдахха, тэллэй ыарыыта сыстыбат. Оттон биэдэрэҕэ сибиэһэй ынах сааҕын көөнньөрөн туруордахха, сыта, сиигэ дьайан, аһын кутуута хойуу буолар. Баччаларга оҕурсу силиһэ тахсан кэлээччи, ону саҥа буорунан куттахха, ыалдьыбат уонна күһүн өргө диэри астанар.

Эбии аһатарга килиэп ордук. Бастаан уу кутан баран, отон муоруһун курдук дьүһүннээх марганка суурадаһын ыстарыҥ, түөрт хонугунан кураанах күлү табыгынатыҥ. Дьэ, ол кэнниттэн биир биэдэрэ ууга бухааҥка аҥара килиэби көөнньөрөн, нэдиэлэ аайы аһата сылдьыҥ. Оччоҕуна оҕурсугут магний, калий курдук наадалаах эттиктэринэн хааччыллыа, ыарыыны чугаһаппат буолуо, сэбирдэхтэрэ саһарыахтара суоҕа, аһа улаатыа, элбиэ.

Хаппыыста күлү таптыыр

Сотору үөн-көйүүр иккис түһүүтэ саҕаланыа, онтон сэрэтэр дьаһал быһыытынан, хаппыыстаны тээпкэлээн биэрэ сылдьыҥ.

Үөн хаппыыста сэбирдэҕэр сымыыттаабыт уонна куруһуба курдук быһа сиэбит буоллаҕына, күлү хойуутук кутуҥ. Нэдиэлэ буолан баран, эмиэ табыгынатыҥ. Итинник эмтээтэххэ, хаппыыста саҥалыы сайдан, үүнэн барар.

Күл – айылҕа ыраас матырыйаала, аска буортуну оҥорбот.

Луук саҥаттан олордуллар

Батун луугу икки эрэ эрээтинэн олордуллар итиэннэ буорун көбүтэн биэрэ сылдьыллар, оччоҕуна үчүгэйдик үүнэр. Үстүөрт эрээтинэн симэ олортоххо, ортоку кирээдэҕэ салгын дьаарбайбакка, сахсырҕа саахтаан, алларааҥы лабаалара саһаран, силиһэ сытыйан, үөн буолан өлөр. Саһарбыт лабаалар сытыйан аһыгар түспэттэрин наадатыгар, тууран иһиллэр. Ардах кэнниттэн “моонньун” арыйан, буорун тарыйыллар, оччоҕуна сахсырҕа мээнэ олорбот. Хойуутук өрө анньан тахсыбыт буоллаҕына, луугу күһүн атын сиргэ көһөрөн саҥаттан ыытыахха сөп. Оччотугар аны саас тэҥҥэ үүнэн тахсыаҕа.

Дьиктитэ элбэх

Уоҕурдууну мээнэ куттахха, үүнэр күүһэ барыта отугар баран хааларын иһин, кабачуогу сайын устата биирдэ-иккитэ эрэ эбии аһатыллар. Үчүгэйдик куоппаһырарын наадатыгар, сэбирдэхтэрин аҕыйатыллар, ити салгын оонньоон аһа сытыйбатыгар эмиэ көмөлөһөр.

Кыһын өргө диэри хаһааныллар суортары атырдьах ыйыгар улаатыннарар ордук, хаҕа халыҥ буоларын туһуттан. Өссө анныгар хаптаһын ууран биэрдэххэ, хаҕа ардахха буорту буолбат. Хаҕа халыҥаатаҕына, куурдан баран сөрүүн сиргэ ууруллар. Кыһын таһааран аска туттар саҕана иһинээҕи сиэмэтэ толору сиппит буолар, ону хатаран, сиэмэ оҥостуохха сөп. Өр харайыллар тыыкыбаны эмиэ маннык дьаһайыллар.

Дьэдьэн сиэмэтин хомуйуу

Наһаа хойдубут сэбирдэхтэрин аллараа өттүн быһыллар. Оччоҕуна буорга сыста сытар сэбирдэх сытыйан, араас ыарыыны тарҕаппат итиэннэ аһа түүнүгүрбэт.

Билигин атыыланар сиэмэ хаачыстыбата мөлтөөн, барыта гибридкэ кубулуйан иһэр. Сэбиэскэй саҕанааҕы сортобуой сиэмэни күнүс тымтыктанан да булбаккын. Ол иһин, сиэмэни бэйэ үүнээйититтэн ылар ордук.

Дьэдьэн сиэмэтин маннык хомуйарга сүбэлиибин. Кирээдэҕэ биир угу үчүгэйдик бэлиэтээн хаалларыҥ, атыттары кытары бутуйбат наадатыгар тугунан эмит төгүрүтэн кэбиһиҥ итиэннэ аһа хараара буһуор диэри тыытымаҥ, аһары буһан хатыахча курдук буоллаҕына, хомуйан кураанах, ыраас илиискэ ууран биир ый кэриҥэ хатарыҥ. Илиигитинэн ныһыйан, сиэмэтин ылан, кумааҕыга суулаан кэбиһиҥ, таһыгар аатын уонна суордун бэлиэтээҥ. Кумааҕы тыынар буолан, сиэмэ түүнүгүрбэт.

Баклажан хоннохтонор

Улаатан истэҕин ахсын, баклажан алларааҥы сэбирдэхтэрин биир-биир ылан иһиллэр. Бутуоннара саҥа аһыллан баран саккыраабатын наадатыгар сарсыарда эрдэ тиксиһиннэрэр ордук, ол эбэтэр синньигэс киистэнэн сэрэнэн сибэккилэрин барытын таарыйталаан биэриллэр. Тоҕо диэтэххэ, сибэккитэ астааҕа эбэтэр аһа суоҕа биллибэт буолан, итинник эрэ ньыманан куоппаһырдыллар.

Эбии аһыырын сүрдээҕин билинэр уонна сөбүлүүр, төрүт талымаһа суох, ол иһин, кыра-кыралаан уоҕурда сылдьыллар. Күһүөрү төбөтүн сарбыйан кэбистэххэ, аһа үчүгэйдик улаатар.

Биэрэһи эмиэ алларааттан тахсар хоннох лабаарын үөһээ арахсар лабаатыгар диэри барытын тууруллар.

Арбуз

Бу саҥа ылсан эрэр, үчүгэйдик баһылыы илик култуурабыт. Ол иһин, биир лабааттан икки эрэ аһы ылар эбэтэр ситэри биири үчүгэйдик улаатыннарар ордук. Куоппаһырдарга астаах сибэккитин тыытыллыбат, кылаанын таарыйдыҥ да хатан хаалар.

Сүмэлээх сүбэлэр

— Тыыкыба астаах сибэкки аннынааҕы сэбирдэҕин буорга анньан биэрдэххэ, эбии силис тардан, өссө үчүгэйдик үүнэр.

— Чочунааҕы от ыйын бүтүүтэ баайдахха, улаатар. Кэмиттэн кэмигэр кураанах күлү таммалатар туһалыыр.

— Сайыҥҥы итиигэ саҥа олордуллубут үүнээйилэргэ ууну мэлдьи кута сылдьыллар.

— Элбэх сыллаах сибэккилэри кулуумбаҕа сиэмэнэн ыһар ордук. Эргэрбит сибэккитин туурдахха, саҥа сибэкки тахсар.

— Сүбүөкүлэ мөлтөөбүт сэбирдэхтэрин ылгыыр наада, ол эрээри аһара быстахха, быһыллыбыт сиринэн уга сытыйар кутталлаах.

— Билигин эриэккэни уонна эридьиискэни саҥаттан да олортоххо, бэркэ үүнэн тахсыахтара.

Раиса СИБИРЯКОВА. Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0