Агафья сүбэлэрэ: күннэтэ көмтөххө, хаппыыста улаатар

Ааптар: 
16.08.2017
Бөлөххө киир:

Баччаларга оҕуруоту хайдах көрөр-истэр туһунан Ньурба олохтооҕо Агафья Тарасова сүбэлиир.

edersaas.ru


Хаһаайка билиҥҥи сүрүн соруга – сайын устата көрбүт-истибит оҕуруотун аһын ыкса күһүҥҥэ диэри тиэрдии, саҥа тахсан эрээччилэри улаатыннарыы буолар. Онуоха кэккэ кистэлэҥнэр элбэхтэр: оҕурсуну наһаа улаатыннара сатаабакка хомуйан истэххэ, саҥалар тахсаллар. Помидору угуттан сэрэнэн тутан, силиһин хамсаттахха, үүнэрэ тохтуур, ол оннугар аһа улаатар, ситэр, угар туран буһан, кытаран барар. Иккис ньыма: угун сарбыйан, сэбирдэҕин быһыталаан кэбистэххэ, помидор аһын үчүгэйдик кутар. Улаатарын, ситэрин наадатыгар чочунаах угун баайыллар. Кыһын хаһаанар кабачуогу билигин улаатыннарар ордук, хаҕа халыҥаатаҕына, умуһахха балачча уһуннук тулуктаһыаҕа. Тыыкыба астаах угар үөһэттэн үстүөрт сэбирдэҕи хаалларан баран, төбөтүн лэппийиллэр, ордук хос лабаатын быһыллар. Биэрэс улахан сэбирдэхтэрин уонна төбөтүн эмиэ быһар ордук, оччотугар сибэккилэрэ сайдан, ас биэрэллэр. Моркуобу убаттахха (улааппыттары тоноон кэбистэххэ), аһа улаатар. Уоҕурдууну кутары тохтотуллар. Түүн сөрүүтүйдэ, онон сылааһы хааччыйар туһугар, үүнээйилэр төрдүлэрин кураанах отунан сабыллар.

Күннэтэ көмтөххө, улаатар

Хаппыыста сүрэҕэ ситэри хомулла илик буоллаҕына, ыксаамаҥ. Хомуйуохха диэри өссө да биир ый баар. Билигин кини алларааҥы сэбирдэхтэрэ наадата суохтар, онон итилэри быһан кэбиһиҥ уонна саамай улахан сэбирдэҕин үрдүгэр саба быраҕыҥ. Аллараа өттүн күн аайы тээпкэлээн, буорунан көмөн биэриҥ. Ый иһигэр киһи билбэт гына улаатыа.

Сиэмэни хомуйуу

Сыл аайы саҥа сиэмэни атыылаһар уустук, үчүгэй сиэмэ мээнэ түбэспэт. Ол иһин эһиилги сиэмэни бэйэ үүннэрбит суордуттан хомуйар ордук. Онуоха манныгы өйдүүр наада: хаатыгар «F1» диэн суруктаах үүнээйи сиэмэтин биэрбэт. Ити иһин ханнык баҕарар култуура сиэмэтин хаатын бырахпакка, сезон устата уура сылдьыллар. Помидор сиэмэтин ыларга угар үчүгэйдик кытардыллар итиэннэ дьиэҕэ өссө сытыара түһэн баран, хайытан, куурдан хомуйуллар. Оҕурсуну тэпилииссэҕэ саһарыар диэри туруоруллар, сиппитин кэннэ эмиэ помидор курдук ылан дьаһайыллар.

Эһиилги үүнүүнү билигин толкуйдааҥ

Элбэх сыллаах үүнээйи сиэмэтин хаатыгар “стратификацияланар” диэн суруктаах буоллаҕына, күһүн эрдэ босхолуммут кирээдэҕэ ыһан, кыстата хаалларыллар, үрдүн отунан бүрүйүллэр. Аны саас тахсыа. Биэрэһи угуттан түөрэн, дьөлөҕөстөөх иһиккэ олордон дьиэҕэ кыстаттахха, саас саҥаттан үүнэр. Күһүн малина, моонньоҕон уктарын эргэрбит улахан умнастарын быстахха, аны саас саҥа умнастар тахсан, элбэх аһы кутуохтара. Дельфиниум сибэккилээн бүттэ да, биир умнаһы сиэмэ биэрэригэр хаалларан баран атыттарын быстахха, күһүҥҥэ диэри силиһэ сайдар итиэннэ аны саас быдан хойуутук үүнэр.

Муохта хаһааныҥ

Тыаҕа сир астыы таҕыстаххытына, муоҕу хомуйаргытын умнумаҥ. Тоҕо диэтэххэ, муоҕу бастатан туран, ыкса күһүн сорох үүнээйилэри түөрэн киллэрэн, дьиэҕэ, сөрүүн уонна хараҥа сиргэ кыстатаргытыгар туттуоххут. Холобур, розаны уонна атын да сибэккилэри сайылаабыт сирдэриттэн хостоон киллэрэн, муохтаах буорга олордон баран, үчүгэйдик баттаан биэриллэр. Оччотугар муох иһинээҕи сиигин тутан, силиһи хатарбат. Оттон гладиолус, георгин бөлчүөхтэрин, атын да лууктуҥу култууралары муоҕунан суулаан, хордуон дьааһыкка туруорар ордук.

Иккиһинэн, кыһыҥҥы сибэкки буоругар муоҕу тэлгэттэххэ, сиик үөнэ төрүт үөскээбэт. Үсүһүнэн, муох саас сиэмэни тылыннарарга наада.

Бытыгы туспа олордуҥ

Сайыны быһа аһаппыт клубникаҕыт уонна дьэдьэҥҥит бытыгын туспа иһиккэ олордуҥ, ийэ умнаһыттан араарымаҥ. Онтон балаҕан ыйын саҥатыгар арааран ылан, сири кыратык хаһан баран олордуҥ, сылаас кэмҥэ силиһэ ылсыстын. Тоҥоруу саҕаланна да, кураанах отунан, хатыҥ сэбирдэҕинэн үчүгэй соҕустук сабыҥ, халыҥ лутрасилынан бүрүйүҥ. Саас ириэрдэҕинэ, «суорҕанын» сэрэнэн хомуйаарыҥ: этэҥҥэ кыстаабыт буоллахтарына, саҥа үнүгэстэр бытыгыраһыахтара. Ханнык суорт кыстыырын эбэтэр кыстаабатын маннык ньыманан киһи бэйэтэ быһаарар. Кыһын хаар чараас буоллаҕына, эбии хаарынан бүрүйэн биэрээриҥ.

Раиса СИБИРЯКОВА, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0