Агафья сүбэлиир: «Айылҕа бэлэхтэрин көдьүүстээхтик туһаныҥ»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс туорааҕыттан барыанньа.

edersaas.ru

Харах холооһунунан, биир киилэ курдук туораахха биир киилэ саахар кутуллар. Туораахтары суу­йан баран, орто көстүрүүлэҕэ кутабын уонна онно уу кутан, оһоххо ууруллар. Оргуйда да уоту кыччатан, биир киилэ саахары кутуллар итиэннэ булкуйа-булкуйа, уонча мүнүүтэ оргутуллар.

Салгыы уоту эмиэ аччатан баран, 1,5 чаас булкуйа-буккуйа оргутуллар. Туораахтар дьэҥкир дьүһүннэннилэр уонна сироба хойунна да, таһааран кыра бааҥкаларга кутуллар. Сойдоҕуна, сөрүүн сиргэ таһаарыллар. Уһун кыһыҥҥа бэртээхэй битэмиин.

Хаптаҕас барыанньата

Үс киилэ хаптаҕаска түөрт киилэ саахары кутуллар, онно эт эрийэринэн эриллибит биир киилэ апельсины эбэн баран, орто уокка туруоран, кыратык тэптэрэн ылыллар. Күүгэнин баһыллар. Барыанньа бэлэм. Оргуйбутун кэннэ, баар буоллаҕына, биир паачка ванилины куттахха, саахар кэмчилэнэр.


Джем

Хаптаҕаһы ныһыйан, уутун таһааран баран (холобур, мин маарыланы хас да хос тутан ыгабын), биир киилэ симэһиҥҥэ паачка аҥаара желатины, киилэ аҥаара саахары кутуллар. Кичэйэн булкуйуллар, желатина суураллан, хойунна даҕаны орто уокка туруоруллар. Оргуйдаҕына күүгэнин баһан ылыллар итиэннэ эрдэ бэлэмнээбит бааҥкаларга итиилии кутан хаппахтаан, сөрүүн сиргэ уурулла. Сойдоҕуна, минньигэс амтаннаах, хойуу желе курдук буолар, төһө баҕарар уһун болдьоххо харайыллар. Өссө сойорун саҕана дьэдьэн куттахха, көстүүтэ да үчүгэй буолар, амтана да байытылар. Кыһын убатан, утах оҥоруохха сөп.

Хомпуот
Хаптаҕастан уонна моонньоҕонтон барыанньаны эрэ буолбакка, хомпуоту эмиэ оҥоруохха сөп. Хаптаҕас хомпуота кыһыл, моонньоҕон киэнэ вишнятыҥы өҥнөөх буолаллар. Иккиэн биирдик оҥоһуллаллар эрээри, моонньоҕон хомпуотугар үс лиитэрэлээх бааҥкаҕа биир чаайынай ньуоска төбөтүнэн лимон кислотатын кутуллар, оччоҕуна, өҥө, амтана тупсар, аһыйбат. Оттон хаптаҕас хомпуотугар лимон кислотата төрүт кутуллубат.

Үс лиитэрэлээх өстүөкүлэ бааҥкаҕа биир (200 гр) курууска хаптаҕаһы, эмиэ оччо саахары итиэннэ бааҥка “санныгар” диэри оргуйбут ууну кутуллар. Ыга хаппахтаан баран, халыҥ суорҕанынан бүрүйүллэр. Сарсыныгар умуһахха угуллар. Кыһын сиир хомпуот бэлэм. Моонньоҕон хомпуоту эмиэ маннык оҥоруллар, арай, эрдэ эппитим курдук, кыратык лимон кислотатын эбиллэр. Биир биэдэрэ хаптаҕастан, моонньоҕонтон үс лиитэрэлээх бааҥканан отучча хомпуоту таһаарыахха сөп.


Дьөлүһүөнтэн утах 

Сир ахсын дэлэй дьөлүһүөнү көөнньөрөн, кымыс курдук уох­таах итиэннэ иҥэмтиэлээх эттигинэн баай утаҕы оҥоруллар. Биир ыстакаан дьөлүһүөҥҥэ үс лиитэрэ итии, оргуйбут ууну уонна биир ыстакаан саахары кутан үчүгэйдик ытыйан баран, дьиэ иһигэр биир суукка туруоруллар. Сарсыныгар дьырылыыр гына гаас тахсар буоллаҕына, ол аата көөнньөр.
Итинтэн аҥаарын туспа иһиккэ кутан ылан иһэҕит. Оттон аҥаарын ордорон, сойбут ууну кытта биэс остолобуой ньуоска саахары уонна икки остолобуой ньуоска дьөлүһүөнү кутан ытыйан баран, салгыы ууруллар. Бу курдук, хас да төгүл көөнньөрөн иһиэххэ сөп.

Дьөлүһүөнтэн повидло 
Сууйан баран куура түспүтүн кэннэ дьөлүһүөнү аҥаарданар уонна көстүрүүлэҕэ кутан, биир киилэ саахары кутуллар, кыратык уу эбиллэр. Оргуйдаҕына, булкуйа-булкуйа, сүүрбэччэ мүнүүтэ буһаран баран, итиилии таһааран улахан сиитэҕэ кута-кута, ныһыйан булкуйуллар. Хаҕын, сиэмэтин туспа иһиккэ ууруллар, оттон убаҕаһыгар кыратык лимон кислотатын эбэн иккиһин сылытыллар. Биэс мүнүүтэнэн хоторон, кыра бааҥкаларга кутуллар, туруора түһэн баран, хаппахтаан дьиэҕэ ууруллар. Тымныыга тута таһаарыллыбат.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0