Африканович үүтү да ыыр, харчыны да ылар

26.04.2017
Бөлөххө киир:

Үлэ дьоруойугар тэҥнээх Владимир Михайлов аата-суола үйэ аҥаарын устата уҕараабакка иһиллэр. Ол төрүөтэ – чулуу ыанньыксыт сүөһүттэн илиитин араарбакка, таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы сылдьарыгар. Владимир Африкановиһы киэһээ ыам саҕана көрсөн, ферма «Кыһыл муннугар» олорон сэһэргэстибит.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ыспыраапка

Владимир Михайлов Сунтаарга Бордоҥ нэһилиэгэр Марбаҕа холкуостаах дьиэ кэргэнигэр 1953 с. төрөөбүтэ. Сопхуоска 1969 с. ыанньыксытынан үлэлии киирбитэ. Уон сылынан уолаттар үлэлиир “Маяк” племенной фермаларыгар ыстаарсай ыанньыксыт буолбута. Кини IX, X, XI пятилеткалар сылларыгар бэйэтин хаһаайыстыбатыгар, улууһугар уһулуччу үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитэ: биир ынахтан үүт ыамын 4250 киилэҕэ тириэрдибитэ. Сүөһү бородууксуйатын дэлэтиигэ үтүөлэрин иһин Үлэ Албан аатын уордьанын толору үс степенинэн (1976, 1983, 1990 сс.) наҕараадаламмыта. В.А. Михайлов – Саха сирин хомсомуолун бириэмийэтин лауреата.

— Владимир Африканович, ааккыттан-суолгуттан саҕалыахха. Сахаҕа “Африкан” диэн иккис киһи баарын истэ иликпин. Хантан кэлбит дьикти аатый?

— Аҕам Африкан Федотович Иванов (миэхэ ийэм араспаанньатын биэрбиттэр) диэн этэ, тыыннааҕар иҥэн-тоҥон ыйыталаспакка хаалбыппыттан кэмсинэбин. Ханнык эрэ аҕабыыт ааттаабыт курдук этээччилэр. Ийэбиттэн 25 сыл аҕа этэ. Сэттэ оҕоломмуттарыттан улаханнарабын. Билигин биэспит баар.

— Сүөһү иитиитигэр үйэ аҥаарын кэриҥэ, этэргэ дылы, олоххун бүтүннүү анаан, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамныы сылдьаҕын. Атын дьылҕаланыаххын сөп этэ дуо?

— Мин эбэбэр иитиллэн улааппытым. Биэс саастаахпыттан ынахтарын этэттииригэр көмөлөһөрүм. Онтон ыла сүөһү үлэтигэр сыстыбытым диэххэ сөп. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаммын үҥкүүһүт эбэтэр ырыаһыт буолуохпун баҕарар этим. Дьокуускайга училищеҕа үөрэнэ бараары гыммыппын ийэм ыыппатаҕа. Аҕам ыарыһахтыыр буолан, балтыларбын-бырааттарбын иитиһээри, оскуола тохсус кылааһынан бүтэн, сопхуос ферматыгар ыанньыксыттыы тахсыбытым. Ол гынан баран, оҕо эрдэҕинээҕи дьарыкпын бырахпакка, билиҥҥэ диэри кулуупка бырааһынньыктарга ыллыыбын, үҥкүүлүүбүн.

— Иллэрээ сайын хаһыаппытыгар эһиги хаһаайыстыбаҕыт туһунан “Хонууга – кэриэйдэр, хотоҥҥо – узбектар” диэн ыстатыйа таһааран турабыт. Ол омуктаргыт ханна баалларый?

— Кырдьык, 15 киһи үлэҕэ наймылаһан кэлэ сылдьыбыта. Дуогабардара бүтэн, барбыттара. Кэриэйдэр тэпилииссэҕэ үлэлээбиттэрэ. Сүөһү үлэтигэр биэс узбегы сыһыарбыттара: 4 киһи ынах ыабыта, 1 уол бостууктаабыта. Үчүгэйдик үлэлииллэр этэ гынан баран, биһиги тымныыбытын тулуйбатылар. Кыстыкпытыгар алтынньыга биирдэ көһөн киирэбит. Онуоха диэри сайылыкка олоробут, онно тоҥоллоро бэрт этэ…

— Оччоҕуна билигин бары олохтоох дьон үлэлии сырыттаххыт? Үлэһит илии тиийэр дуо?

— Билиҥҥи туругунан, түөрт ыанньыксыт тиийбэт. Ынах барыта төрөөтөҕүнэ уонна быйыл тиҥэһэлэр эбиллэннэр, мантан саас-сайын ыктарар балаһыанньалаахпыт.

— Хамнаскыт хайдаҕый? Африканович ыйга 100 тыһыынчаҕа тиийэ аахсар дииллэрэ төһө олохтооҕуй?

— Омуннууллар бөҕө буоллаҕа. Хаһаайыстыбаҕа сыллааҕы орто хамнаспыт 15-20 тыһ. солкуобай. Маассабай төрүөх түмүктэнэн, үүт эбиллэр буолан, үүт кыһыҥҥы сыанатынан муус устарга уонна ыам ыйыгар муҥутуур аахсабыт. Холобур, мин кулун тутарга хамнас биэдэмэһигэр 60 тыһ. солкуобайга илии баттаабыт буоллахпына, ити этэр ыйдарбар, үгэс курдук, 70-80 тыһыынчаны илиибэр ылааччыбын. Сайыҥҥы ыйдарга 40-50 тыһ. солкуобай буолар. Быйылгыттан үүт харчыта балачча үрдэтиллибититтэн үөрэ сылдьабыт. Хос ааҕыахпыт дииллэр. Онон, ол кэпсииллэрин курдук, хамнаһым улаатар буолуохтаах.

— Атыттар киэннэрэ төһөнүй? Эйигинниин тэҥҥэ тардыалаһар ыанньыксыт баар дуо? Хайа муҥун, эдэрдэр “кырытыннарыахтарын” сөп этэ буоллаҕа…

— Кыргыттар, дьахталлар сайын 25-30 тыһ. солкуобайы аахсаллар. Миигиттэн эрэ кыраны кэргэним Елизавета Петровна Никифорова ылар. Ааспыт сыл түмүгүнэн хас биирдии ынаҕыттан ортотунан 3,5-дыы тыһ. киилэ үүтү ыата. Мин көрдөрүүм – 4 тыһ. киилэ.

— “Дьиэ кэргэнинэн бэдэрээт” диэххэ сөп эбит. Эн үөрэҕиҥ-такайыыҥ түмүгэ буоллаҕа. Үлэҕит кистэлэҥиттэн билиһиннэрэ түспэккин ээ.

— Кэргэмминээн сарсыарда 4 чаастан үлэлиибит. Массыыналаныахпыт иннинэ 3 чааска туран, сатыы кэлээччибит. Бөһүөлэктэн фермабыт чаас кэриҥэ хаамыылаах сиргэ турар. Сэбиэскэй саҕаттан үйэлээх сааспар оннук үлэлээн кэлбит режимим. Дойдубуттан, Бордоҥтон, кэллэктиибинэй хаһаайыстыба эстибитигэр 1999 сыллаахха “Кириэстээх” кэпэрэтиипкэ Горн Платонов ыҥырыытынан үлэлии кэлбитим. Манна олохсуйан үлэлии сылдьарбыттан букатын кэмсиммэппин. Салгыы билиһиннэрдэххэ, биһиги 8 чааска бастакы ыаммытын бүтэрэбит. Сүөһүбүт сааҕын бэйэбит күрдьэбит. Эдэр эрдэхпиттэн наҕылыччы, ньиккирэччи үлэлиирбин сөбүлүүбүн. Атын ыанньыксыттар 7-ҕэ кэлэн икки аҥаар чаас кэриҥэ үлэлээн бараллар. Биһиги сарсыарда 10 чаастан күнүскүлүүбүт. Чаас кэриҥэ. Онтон киэһээ ыаммытын 4 чааска саҕалаан, 6 чааска бүтэн дьиэлиибит. Күн аайы итинник, чаһы механизмын курдук.

— Алтай ынахтарын биһирээтиҥ дуо?

— Хаһаайыстыбаҕа 400 ынахтан аҥаара алтайкалар. Ону таһынан бастакы төрүөхтэриттэн 40 тиҥэһэ баар. Бэйэбит симменталларбыт күҥҥэ 9-10 киилэни ыатар буоллахтарына, Алтай ынахтара ортотунан 13-түүнү, бастыҥнара 17 лиитирэ үүтү биэрэллэр. Төһөнү аһатаҕын – соччону ылаҕын. Биир мөлтөх өрүттээхтэр: тымныыны тулуйбаттар, таһырдьа токуруйан-бөгдьөйөн хаалаллар.

— “Кириэстээхтэр” ынахтарыгар Сунтаар цеолитын сиэтэр буоланнар, үүтү кыайаллар дииллэрэ кырдьык дуо?

— Ол баҕас кырдьык. Сунтаар цеолитын иккис сылбытын сиэтэбит. Олус элбэҕи биэрдэххэ, сүөһү таҥкычаҕар мустар. Ол иһин нэдиэлэҕэ 2-3 төгүл биир аһылыкка 250-300 г цеолит мээккэтин солуур аҥаара уотурбаҕа булкуйан сиэтэбит. Итиннэ өссө араас битэмиини, Кэмпэндээйи тууһун эбиэххэ сөп. Цеолиты сиэбит ынах үүтэ тута 2-3 лиитирэ эбиллэрин, өҥнүүн-түүлүүн уларыйарын бэйэбинэн бигэргэтэбин.

Сэбиэскэй саҕанааҕы тус рекордкун куоһарыаххын сөп дуо?

– Үчүгэй аһылыкка 4,5-5 тыһыынчаҕа тиэрдиэххэ сөп. Ас быһаарар.

— Олоххор үлэҥ кэннэ киэн туттар, өйдүү-саныы сылдьар түгэннэрдээх буолуохтааххын.

— Бордоҥҥо күһүн умайан эрэр холкуос хотонуттан сүүрбэччэ сүөһүнү өрүһүйбүттээхпин. Ол кэмҥэ 13 саастааҕым. Иккис түбэлтэ 18 саастаахпар буолбута. Сопхуоска иккис сылбын үлэлии сырыттахпына, түөрт кыбартыыралаах дьиэ умайбытыгар сопхуос үлэһитин быыһаан турабын. Онтон икки сыл буолан баран, ууга түспүт кыра оҕону өрүһүйбүтүм. Ол киһи улаатан, ыал буолан, үс оҕоломмута. Тыыннаахтарыгар иккиэн махтаналлар этэ. Хотон умайбытыгар туоһу буолбут соҕотох эмээхсин хаалла. Оччолорго ити хорсун быһыыларым тустаах дьонтон ордук тэнийбэтэхтэрэ. Бэйэм даҕаны кэпсии, суруйа сатаабатаҕым. Аныгы үйэҕэ маннык түбэлтэҕэ мэтээл-туһах бөҕө ылаллар ээ…

— “Таҥара көрөр” дииллэр. Үтүө быһыыҥ кэлин Үлэ Албан аатын уордьанын толору үс степенэ буолан эргиллэн кэллэхтэрэ. Бу тиэмэни таарыйбычча эттэххэ, биир идэлээҕиҥ, эмиэ толору кавалер Михаил Готовцевка курдук, эйиэхэ Россия Үлэтин дьоруойун үрдүк аата иҥэриллиэн сөп буолбатах дуо?

— Дьэ, билбэтим. Түөрт сыллааҕыта Кремльгэ Бочуот уордьанын тутарбар РФ бэрэсидьиэнин аппараатын эппиэттээх үлэһиттэрэ уонна биир дойдулаахпыт Александр Акимов 65 сааспар диэри үлэлиирбэр баҕа санааларын эппиттэрэ. Биир сыл хаалла…

— Социализм уонна капитализм тутулларын иккиэннэрин хабан үлэлии сылдьар киһи билиҥҥи олохпутун хайдах сыаналыыгын?

— Билигин үлэлиир киһиэхэ барыта баар: үп-харчы, мал-сал, чиэс-бочуот. Арай, сэбиэскэй былаас саҕана барыта босхо этэ. Эмтэнии, путевка диэн этэбин. Үлэ Албан аатын уордьанын толору кавалера буоламмын үс сылга биирдэ босхо сынньанар бырааптаахпын. Москваҕа “Бэс Чагда” санаторийга иккитэ бара сырыттым. Итиэннэ судаарыстыбаттан ый аайы биэнсийэбэр эбии добуоччу харчы түһэр.

— Аныгы ыччаты сүөһү үлэтигэр хайдах тардыахха сөбүй?

— Биһиги 17-18 саастаахпытыгар мас хотоҥҥо 25-тии ынаҕы ыырбыт. Билигин дьон чэпчэки, сылаас олоххо талаһар буолла. Аҕыйахта хамнанан, элбэх хамнаһы аахсар баҕа баһыйар. Арай, толору механизациялаах тупсаҕай хотону тутан биэрдэххэ, үлэлиэхтэрэ буолуо. Эдэрдэр биирдиилээн син кэлэллэр. Биһиги 23, 25 саастаах икки кыыстаахпыт. Кэпэрэтииппит бэрэссэдээтэлэ Владимир Егоров булугас-талыгас салайааччы. Куокунутааҕы отделениеҕа 2010 с. саҥа хотон туттарбыта. Биһиэнэ 1986 с. тутуллубут таас хотон, хамнаабакка турар. Туруорсаммын капитальнай өрөмүөн оҥорторбутум. Итэҕэһэ диэн, туалет уонна душ алдьанан үлэлээбэттэр.

— “Саппыкыһыт саппыкыта суох” дэнэринии, хаһаайыстыба үлэтиттэн ордон, бэйэҥ сүөһүлэнэргэр бириэмэҥ даҕаны тиийбэт ини?

— Кэтэхпэр биир ынахтаахпын, кэргэммэр эмиэ баар. Салалтабыт сүөһүлэнэрбитин көҥүллүүр. Бу уопсай хотоҥҥо тураллар. Арендатын аҥаарын – ыйга икки ынахха үс тыһыынчаны төлүүбүт.

— Оттон дьиэ-уот боппуруоһа хайдаҕый?

— Уопсай дьиэҕэ 17 сыл олорбутум. Билигин ыал дьиэтин куортамнаһан олоробут. Хаһаайыстыбам быйыл 11 х 9 миэтэрэ иэннээх, сыһыары гаражтаах дьиэ көҥдөйүн туттарда. Аны күһүн киирэбит.

— Владимир Африканович, сааһыран даҕаны баран, олоҕу оҥостуохха сөп эбит дии?

— Эдэрбэр ойохтоно сылдьыбытым эрээри, табыллыбатаҕа, икки сылынан арахсыбыппыт. Онтон кэлин Кириэстээххэ үлэлии кэлэн баран, Елизаветалыын билсибитим. Кини бастакы кэргэниттэн үс оҕолооҕо улааттылар. Билигин бэйэбит алта саастаах кыыстаахпыт, аны күһүн оскуолаҕа үөрэнэ киириэ. Онон кэргэмминээн күммүт-ыйбыт Вилеттабытыттан тахсар.

Сэмсэ тыл

Павел ШАРИН, Саха сирин рекордсмен-ыанньыксыта:

— Владимир Африканович Бордоҥҥо, кэлин Кириэстээххэ үлэлиир кэмигэр элбэхтик сылдьыбытым, кини биһиэхэ эмиэ кэлэн көрөн барааччы. Сэбиэскэй былаас саҕана ити курдук хардарыта уопут атастаһарбыт. Үгүстүк күрэхтэспит киһим. Лидер хаачыстыбалаах, үлэтигэр бэриниилээх. Сопхуос ыһыллыбытын кэнниттэн бааһынайдыы барыан сөптөөҕө эрээри, кэллэктиибинэйтэн тэйбэтэҕэ. Улахан хаһаайыстыбаҕа технологияны тутуһаллар. Атаһым Африканович билиҥҥэ диэри үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии сылдьарыттан, ыччакка тыыннаах холобур буоларыттан үөрэбин эрэ.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа: Владимир Михайлов (уҥата) РФ Үлэтин дьоруойа Михаил Готовцевтыын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0