Покровскай олохтооҕо Геннадий Скрябин Афганистан сэриитигэр хорсуннук сылдьыбытын Афганистан «Кыһыл Көмүс» уордьана, «Афганистан норуотун махтала» уонна «Хорсунун иһин» мэтээллэр туоһулууллар. Хаҥалас Дьөппөнүттэн төрүттээх Геннадий Архипович остуол тенниһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тириэньэр, саха сөбүлүүр оонньуутугар хапсаҕайга солбуллубат судьуйа. Бу күннэргэ кинини Мэҥэ Хаҥаласка сэбиэскэй сэриилэр Афганистантан тахсыбыттара 30 сылын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ сылдьан кэлбитигэр көрсөн кэпсэттим.
* * *
—Үөрүү икки хомолто икки тэҥҥэ, киһи икки атаҕын тэҥэ, эҥээрдэһэн сылдьаллар. Уолаттар биллэ аҕыйаабыттар, мунньан-тараан 20-чэ буолан көрүстүбүт. Хаҥаластан соҕотоҕун тиийэ сырыттым. Үөрбүтүм диэн көрсүһүүгэ кэлбит уолаттар бука бары кэриэтэ дьон тэҥинэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар эбит.
Миигин, 1981 с. Новосибирскайдааҕы физкультура уонна спорт техникумун бүтэрээппин кытта, тута Орто Азиятааҕы байыаннай уокурукка, чуолаан Ташкент таһыгар Чирчик куоракка ВДВ-га – десаҥҥа сулууспаҕа ыҥырбыттара. Түөрт ый сулууспалаабытым кэннэ «Дьиэҕэр баран сынньанан кэл”, — диэн уоппуска биэрбиттэригэр, хайдах-хайдаҕый диэн дьиктиргээбитим. Уоппуска кэнниттэн Чинган хайаларыгар күн өрүү-өрүү марш-бросок бөҕөтө буолла. Саллаат тугу билбэтэҕэ, көрбөтөҕө баарай, Афганистаҥҥа сэриигэ киирэр буоллубут диэн уолаттар түүйэн эппиттэрэ бэрт сотору туолбута.
Биһиги чааспытыгар Новосибирскайтан уонна Читаттан элбэх киһи баара, Афганистаҥҥа сылдьарым тухары биир даҕаны саханы көрсүбэтэҕим, дембель чугаһыгар Колесов диэн Ленскэй уолун көрсүбүтүм эрээри, киһим ыалдьан Сойууска төттөрү киирбит этэ.
* * *
Комбаппыт Стодеревскай Игорь Юрьевич этэ, Афганистаҥҥа сулууспалаабыт дьоҥҥо «Железный комбат» диэн аатынан биллэрэ. Төрүт-хаан байыаннай, хабыр соҕус киһи этэ. Эчи бөдөҥө-садаҥа, биир саһааннаах киһи хаһыытаан бытарыттаҕына өрө чиккэс гына түһэрбит.
Биһиги бойобуой сорудахпыт диэн – таһаҕас тиэйэн киллэрэр, байыаннайдары уонна олохтоох дьону тиэйэр колонналары арыаллааһын, кишлактарга саба түһэр душманнары уодьуганнааһын этэ.
Мин разведка-десант ротатыгар бронемашинаҕа (БМД) наводчик-стрелокпун. Улахан уонна орто калибрдаах икки пулеметтаахпын. Мүччүргэннээх түгэннэргэ уолаттар: «Гена-аа, делай погоду, бей духов, поливай их, поливай…» диэн улахан пулемет үлэтин олус астыналлар этэ.
* * *
Соруйан анаан оҥорбуттара дуу, эбэтэр алҕас түбэһэ түспүппүт дуу, билбэтим, дьон-сэргэ ортотугар киһини өлөрүүнү уу харахпынан көрөн улаханнык саллан, ороһуйан турардаахпыт. Дьон мустар кэҥэс сиригэр царандойдар (Афганистан милиционердара) биир киһини хонбуойдаан аҕаллылар, кумааҕыны аахтылар. Онтон афганец (убайдаах быраатын өлөттөрбүт хатовец диэтилэр) өлөрүөхсүтү карабин луоһунан кырбаан барда. Уу-чуумпу бүрүүкээтэ, кырбанааччы бүтэҥи баҕайытык, ис иһиттэн ынчыктаан киирэн барда. Ытаабат, хаһыытаабат, көрдөспөт. Хааны хаанынан иэстэһиигэ көрдөһүүнү билиммэттэр, ылымматтар…
* * *
Кэлин биллэххэ, «Акчинскайдааҕы алдьархай» икки хамандыыр мөлтөҕүттэн тахсыбыт эбит. Этэрээт опер-боломуочунайа (оһуобай отдел эбэтэр контрразведка офицера) биир кишлакка сэрии сэбин кистии сыталлар диэн информациялаах кэлбит уонна уоппускаҕа барбыт Стодеревскайы солбуйан хаалбыт ыстаап начаалынньыгын күһэйэн туран Шибаргаҥҥа тиийэн, сэрии сэбин былдьыырга этии киллэрбит. Особист аармыйаҕа улахан боломуочуйалаах буоларын сулууспалаабыт дьон билэн эрдэхтэрэ. Дьэ туран, развединформацияны бэрэбиэркэлээбэккэ эрэ, сэттэ бронемашиналаах Шибаргаҥҥа барыы буолар уонна… уотунан уһуурар тоһуурга түбэһэллэр. Икки бронемассыынаны уматтаран, алта десантнигы өлөттөрөн, улахан иэдээн буолар.
Комбаппыт Стодеревскай тоһуурга түбэһэн өлбүт алта саллааты кытта бүтүн этэрээтинэн бырастыылаһыыны тэрийбитин иһин трибуналга барара буолуо диэн куттаныы баара даҕаны, этэҥҥэ ааспыта. Душманнар өлөртөөбүт дьоннорун, тыыннаахтары куттаатаҕа буолан, сүүстэригэр ыталларыттан абаран уоттаах-төлөннөөх тыл эппитин күн бүгүнүгэр диэри умнубаппын…
* * *
Учууталлыы сылдьан оҕолор звеноларын тэрийэн оттуур этибит. Биирдэ Хоточчуттан ыһык ыла дьиэбэр кэлбиппэр, кэргэним Надям: — Биир нуучча уола кэлэ сырытта. Афганецпын диир. Райкомолга тахса сылдьар үһүгүн, — диэн кэпсэннээх буолла. Оройуон комскомун бастакы сэкирэтээрэ Александр Климентовка киирбиппэр, “ЫБСЛКС обкомун бюротун чилиэнэ Дмитрий Войлочников Гена Скрябин миигин өлөр өлүүттэн быыһаабыта диир, куоракка киирэҥҥин хайаан даҕаны көрүс”, — диэн эттэ.
Дьокуускайга «Бэчээт дьиэтигэр» тиийбиппэр, биир үскэл көрүҥнээх нуучча уола: «Братан Гена! Товарищи, это мой кровный братан Гена Скрябин», — дии көрүстэ. Нуучча нуучча курдук, кууспаҕалыыр, илиибин бобута тутар.
Ис кырдьыгынан эттэхпинэ билбэт киһим ээ, дьэ онтон кэпсээн киирэн барбытыгар дьэ долоҕойбор түстэ. Биирдэ улахан колоннаны кыраныыссаҕа диэри арыаллаан баран, Термезтэн төннөн иһэн тоһуурга түбэспиппитин хайдах умнуомуй. Иннибитигэр иһэр БМД табыллан хара буруонан уһуурда. Хамандыырбыт ыксаата: «Уолаттар куһаҕан буоллулар бадахтаах, буксирдааҥҥыт таһаарыҥ» диэн бирикээс биэрдэ. Таһаарыҥ диэн эттэххэ дөбөҥ, духтар ытан лигийэ сыталлар, дөрүн-дөрүн гранатомет снаряда иһиирэн кэлэн дэлбиритэ барар. Үс буоламмыт сыыллан киирдибит, түргэн үлүгэрдик троһу иилэн состорон таһаардыбыт. Хатыҥыр, сылбырҕа киһи эн аллараа люгунан уолаттары көр диэн буолла. Ыыс-буруо быыһыгар уолаттар контузия ылан, өйдөрүн сүтэрэн сытаахтыллар эбит ээ. Кыайбакка хара сор, эчи кыараһаҕа, хараҥата даҕаны бэрт, тоҕус көлөһүммүн тоҕон бастакы уолбун түһэрдим, онтон дьэ, арыый миэстэ кэҥээн, суһал соҕустук уолаттарбытын биир-биир быыһаталаатыбыт. Өйдөммөккө сытар уолаттары вертолет кэлэн илдьэ барбыта. Ол быыһаабыт уолаттарбыт ортолоругар Новосибирскайтан сылдьар Дима Войлочников баар эбит. Бииргэ сэриилэспит уолаттарбытыттан сураһан миигин булбут эбит.
Афганистаҥҥа сылдьыбыт дьон дойду хайа баҕар муннугар элбэхпит. Боевое братство диэни кытаанахтык тутуһабыт. Кэлин бодоруһан, чугастык билсэн баран, мин оттуур ходуһабар сатыы сылдьарбын истэн, Войлочниковым улаханнык соһуйбута – хайдах итиччэ ыраах сиртэн, ыарахан үлэ кэнниттэн сатыы сылдьаҕын диэн, «Урал» матасыыкыл бэлэхтээбитэ. Кэлин саҥа УАЗ массыынаны биэрбитэ. Сүрэ бэрт диэн ылымаары дьирээлэспиппэр, «Гена, рука дающего не оскудеет», — диэн ытаһалыы этэн кэбиспитэ. Инженер үөрэхтээх Дима кэлин Алдаҥҥа көмүскэ улахан үлэҕэ үлэлээбитэ. Тылын тамаҕыттан иһиттэхпинэ, Амур старателлэрин салайар курдуга. Хаарыан доҕорбун Благовещенскайга квартиратын ааныгар ытан өлөрбүттэрэ…
* * *
Икки сыл бииргэ сулууспалаабыт доҕорбун, Читаттан сылдьар «Кыһыл Сулус» уордьаннаах, «Хорсунун иһин» мэтээллээх Сергей Гурбатовы Владивосток куоракка иллэрээ сыл көрсөммүн үөрүү-көтүү буолбута. Уолум «Арахсыбат таҥараһыт буоллум, дьэ сөптөөх суолу буллум», — диэн үөрэр. Икки күн кэлэн күүлэйдээтэ, табаарыстарын кэпсэтэн вертолетунан көппүтэ. Кэргэним Надям: «Гена, табаарыстарыҥ, дьэ кырдьык сиэдэрэй, баай дууһалаах нуучча ньургуннара эбит», — диэн сөҕөр.
Дьэ итинник кэпсэтии буолла, бырааппын Геннадий Архипович Скрябины кытта.
Ермолай СКРЯБИН, edersaas.ru саайтка анаан
Хаартыскаҕа: Геннадий Скрябин уонна Сергей Гурбатов