Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатын үлэһиттэрэ Дьокуускай куорат аэропуордугар дойду киин куораттарыттан, Сибииртэн, Уһук Илинтэн кэлбит дьону дистанционнай термометрия көмөтүнэн бэрэбиэркэлиэхтэрэ.
Тепловизор элбэх дьон быыһыттан температурата тахсыбыт, ыалдьыбыт киһини булан ылар кыахтаах. Ону таһынан, омук гражданнара булгуччулаах анкета толоруохтара уонна аэропуорка баар санитарнай-карантиннай пууҥҥа анаалыс туттарыахтара. Кыраныысса таһыттан кэлбит Арассыыйа олохтоохторо баҕа өттүнэн анаалыстаныахтара.
Хаартыска nn.ru
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1