Аэромобильнай бөлөх Дьокуускайга кэллэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арассыыйа ЫБММ аэромобильнай бөлөҕө Дьааҥы оройуонугар үлэтин түмүктээтэ.

Быыһааччылар Дьокуускайга кэллилэр. Кинилэр ардах халааныттан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэҕэ бастакы күнтэн сырыттылар. Ууттан хаххалыыр быһыты оҥорууга, дьиэттэн ууну ыытарга ханааллары ыраастааһыҥҥа, нэһилиэнньэ кыһалҕаларыгар барытыгар көмөлөстүлэр.

Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин үлэһиттэрэ үрдүк көлөлөрүнэн, дьоҕус суудуналарынан дьоҥҥо килиэптэрин, иһэр ууларын, наадалаах малларын-салларын тастылар. Эмсэҕэлээбит оройуоннарга 19 туонна кэриҥэ ас-үөл уонна наадалаах мал-сал тиэрдиллибит. Ууга барбыт нэһилиэнньэлээх пууннартан аҕыс сүүстэн тахса киһи көһөрүллүбүт, кинилэртэн сорохторо быстах кэмнээх олорор пууҥҥа түспүттэр.

Билиҥҥи туругунан бары нэһилиэнньэлээх пууннар ууттан босхолоннулар. Ол да буоллар,  чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ толору ситэриллиэхтэригэр диэри, РФ ЫБММ балаһыанньаны хонтуруолга тутар. Бүгүн Дьааҥы оройуонугар Ми-26 РФ ЫБММ бөртөлүөтэ 14 туонналаах гуманитарнай таһаҕаһы тиэртэ. Бөртөлүөт эрэгийиэн сиригэр-уотугар салгыы үлэлиир. Маны сэргэ, олохтоох баһаарынай-быыһыыр гарнизон исписэлиистэрэ нэһилиэнньэҕэ аадырыстаах көмөнү оҥороллор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0