Адыаччы мусуойун кини тэрийбитэ

08.01.2018
Бөлөххө киир:

Дьааҥы улууһугар ураты сэдэх экспонаттардаах палеонтология мусуойа баарын үгүс киһи истибит, ким эрэ илэ хараҕынан көрөн сөхпүт-махтайбыт буолуохтаах.

edersaas.ru

Аан дойду учуонайдарын, туристарын болҕомтолорун күн бүгүҥҥэ диэри тарда турар мусуойу төрүттээбит киһинэн оччолорго Адыаччы оскуолатыгар дириэктэрдээбит, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Михаил Слепцов буолар.

Ол туһунан Михаил Александрович төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан оҕолоро таһаартарбыт “Слепцов Михаил Александрович” диэн бэртээхэй кинигэлэригэр киһи бэрт элбэҕи сэргии уонна соһуйа ааҕар. Михаил Александровиһы билбэт да киһи кини үрдүк култууралааҕын, киэҥ интэриэстээҕин, байааҥҥа эҥкилэ суох оонньуур дьоҕурдааҕын, спортсменын, араас кэлиэксийэлээх мындыр киһитин, ыал аламаҕай кэргэнэ уонна аҕата буоларын билсэр.

Кинигэҕэ киирбит элбэх интэриэһинэй матырыйааллартан ааҕааччы болҕомтотун палеонтология мусуойа хайдах тэриллибитигэр тардыахпын баҕардым.

ххх

Михаил Слепцов өссө 1955 с. мусуой тэрийэр туһунан учууталлар мунньахтарыгар этии киллэрбит. Михаил Александрович мамонт тииһин булбут кэмэ эбит. Онон бу булумньута мусуой экспонаттарын кинигэтигэр киллэриллибит бастакы булумньунан буолбут.

1957 сыл ыам ыйын 18 күнүттэн Адыаччы оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара кыраайы үөрэтэр уон күннээх экспедицияҕа барар буолбуттар. Нэһилиэк олохтоохторо эмиэ мусуойга араас экспонаттары уонна матырыйааллары хомуйан барбыттар. Дьэ уонна биир сылынан Михаил Александрович учуутал хоһугар мас долбуурдарга экспонаттарын дьон көрүүтүгэр уурбут. Кыраайы үөрэтэр экспедиция улуус Силиилээх, Сис күөлэ, Араҥастаах, Мунньаҥы, Балыйа, Илин-Арҕаа Быраҕанталаах, Ааһыгы уо.д.а. ытык сирдэригэр тиийэр буолбут.

Мусуой экспонатынан байарыгар хас биирдии киһи бэйэтин кылаатын киллэрсэргэ кыһаллыбыт. Адыаччы олохтооҕо Анна Клепандина ХIХ үйэтээҕи үрүҥ көмүс халандаары уонна 1884 с. оҥоһуллубут эр киһи икки үрүҥ көмүс курун туттарбыт. Михаил Александрович бэйэтэ таҥара дьиэтигэр битиил кырыйар кыптыыйдары булбут. Олохтоох киһи Прокопий Прудецкай ХХ үйэ саҥатынааҕы үрүҥ көмүс куру, онтон 1964 с. Осхордоох диэн сиргэ булбут сэлии икки миэтэрэлээх аһыытын бэлэхтээбит. Иннокентий Горохов атынан айанныырга аналлаах дьөлө хаһан оҥоһуллубут мас дьааһыгы үйэтиппит.

Мусуой саамай бөдөҥ экспонатынан билиниллибит мамонт баһын уҥуоҕа 1965 с. Кыра Сууллар диэн сиргэ көстүбүт. Бу сүдү экспонаты Афанасий Потапов, Петр Потапов, Доржей Цыбекжапов уонна Илья Чириков булбут үтүөлээхтэр.

Алыһардаах олохтооҕо Василий Слепцов 1966 с. сирэй өттүгэр “Сделано мастером Мигалкиным для Ольги Григорьевой в 1866 году 13 мая” диэн суруктаах дьахтар ыҥыырын бэлэх ууммут. Алыһардаах олохтооҕо Герасим Слепцов булбут эр киһи икки ыҥыыра эмиэ ааспыт үйэлэргэ оҥоһуллубуттар эбит.

Көрдөөбүт көмүһү булар дииллэринии, Михаил Александрович бэйэтэ 1973 с. зоргелия баһын уҥуоҕун (аан дойдуга иккис) булан, бар дьонун соһуппут.

Адыаччы мусуойа аата-суола киэҥ сиргэ сураҕыран, дьон-сэргэ анаан-минээн көрө кэлэр үтүө сиринэн буолбут. 1973 с. мусуойга Саха сирин норуодунай суруйааччыта Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон уонна Моисей Ефимов ыалдьыттаабыттара историяҕа үйэтитиллибит.

Мусуой дириэктэрэ в көҕүлээһининэн Сэбиэскэй сойуус араас куораттарыттан палеонтолог-учуонайдар мусуой экспонаттарын көрө уонна үөрэтэ кэлэр буолбуттар. Ол курдук, ССРС Наукатын академиятын научнай үлэһитэ, геолого-минералогическай наука кандидата Андрей Шер мусуой булумньуларын сиһилии чинчийбит. Бу кэмтэн ыла палеонтология институтун уонна Адыаччы мусуойун хардарыта бииргэ үлэлээһиннэрэ саҕаламмыт.

Муус килиэ дойду быдан дьылларын кэрэһэлиир экспонаттар бииртэн биир көстөн испиттэрэ сөхтөрөр. Михаил Александрович уола Александр Слепцов мусуойга үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут “хаар ачыкыны” туттарбыт. Кини маннык сэдэх экспонаты эбээннэр түөлбэлээн олорбут Нэлгэһэ диэн сирдэриттэн булбут.

1982 с. Андрей Шер уонна геология институтун научнай үлэһитэ, геолого-минералогическай наука кандидата Владимир Котов сир аннынааҕы былыргы харамайдары көрдөөбүттэр. Булчут Василий Потапов Испиэн кумаҕа диэн сиргэ мамонт икки миэтэрэлээх аһыытын хостообут. Хотон Хайа диэн сиргэ Николай Божедонов хараҕын далыгар неолит үйэтинээҕи икки сүгэ түбэспит.

Александр Михайлович Адыаччы өрүс төрдүгэр зоргелия үһүс баһын уҥуоҕун булан учуонайдар махталларын ылбыт. Дьэ, ити курдук мусуой экспонаттара элбээтэр элбээн, 1998 с. оскуола мусуойа сопхуос дьаһалтатын 120 кв. миэтирэ иэннээх дьиэтигэр көспүт.

2001 с. мусуой экспонаттара Германияҕа аан дойдутааҕы павильоҥҥа туруоруллубуттар. Ыраах хотугу сир сэдэх экспонаттара омуктар болҕомтолорун тардыбыт. 2003 с. Токиоттан Сато Дзюити, Манн Юнион ТВ компанияттан Сибуя-Ку научнай-популярнай биэриигэ анаан устан барбыттар.

2009 с. мусуой кэлиҥҥи дириэктэрэ Николай Божедонов “Адыаччы сэдэх мусуойа” диэн кинигэни таһаартаран, ааҕааччыларга күндү бэлэҕи оҥорбута.

Елена Васильевна уонна кини кэргэнэ, Верхоянскай бочуоттаах олохтооҕо, меценат уонна попечитель Владимир Христофорович Чириковтар көмөлөрүнэн мусуой саҥа дьиэҕэ көһөрүллүбүт.

х х х

Киһи оҥорбут дьыалатынан аата үйэлэргэ ааттана турар буоллаҕына, Адыаччы мусуойун көрбүт хас биирдии киһи Михаил Александрович Слепцов уонна кини кэргэнэ, нуучча тылын учуутала Зоя Егоровна Сектяева үрдүк ааттарыгар сүгүрүйүө. Ону сэргэ ини аатын билигин оҕолоро, сиэннэрэ ааттата сылдьаллар. Оҕолоро:

Валерия Шумакевич – СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна уонна үтүөлээх үлэһитэ;

Александр Слепцов – биэнсийэлээх,

Наталья Слепцова – РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна,

Евгений Слепцов – биолог-охотовед,

Галина Семенова – педагогическай наука кандидата, математика уонна информатика институтун кафедратын доцена,

Сергей Слепцов – РНА СС криолитозона биологическай проблемаларын институтун научнай үлэһитэ.

Надежда ЕГОРОВА, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0