«Аччыгый баһаар» өрөбүл аайы кэтэһэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга Кырдьаҕас куоракка, Киров уулусса 12/1 №-гэр, «Аччыгый баһаар» тэриллэн үлэлиир.

Дьоҕус былаһааккаҕа киирэри кытары «Саха сирин балыктара», «Хатастааҕы сибиинньэ комплекса» ХЭТ, «Саха сиригэр оҥоһулунна», «Саха сирин балыга» диэн суруктаах-бичиктээх киоскалар олбуору кыйа кэккэлэспиттэр. Ону таһынан, аһаҕас павильоннарга уонна балааккаларга ас-үөл арааһын тардыбыт атыыһыттар тураллар. Дьэ бу – «Аччыгый баһаар». Быйыл атырдьах ыйыттан манна өрөбүл күн дьаарбаҥкалара тэриллэннэр, улуустартан тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулар кэлэннэр, эти, үрүҥ аһы, балыгы уо.д.а. атыылыыллар.

— История этэринэн, чуолаан субу сиргэ атыы-эргиэн киинэ баар эбит, ону сөргүтэн, биһиги Комдрагметы уонна куорат дьаһалтатын кытары сөҥнөһөммүт, «Аччыгый баһаары» оҥороммут, өрөбүл күн дьаарбаҥкаларын тэрийэбит, – диир «Якутские продукты» кэпэрэтиип салайааччыта Дмитрий Громов. – Улуус олохтоохторо табаардарын тиксиһиннэрээччитэ суох бэйэлэрэ батаралларын түмүгэр сыана ыараабат, оттон куорат олохтоохторо тыаттан киирэр сибиэһэй эти, үрүҥ аһы, балыгы удамыр сыанаҕа уонна бэйэлэрэ көрөн-истэн ылаллар. Куорат киинэ, оптуобус тохтобулларыттан чугас уонна массыынаны туруорар сир баар буолан, эргиччи табыгастаах. Гагаринскай уокурук дьаарбаҥкатын олохтоохтор олус биһирээтилэр, инньэ гынан онно эмиэ өрөбүл аайы дьаарбаҥканы тэрийэргэ былаанныыбыт. Аны икки нэдиэлэнэн хотуттан сибиэһэй балык кэлиэҕэ.

Ааспыт өрөбүллэргэ манна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна куорат дьаһалтатын тэрийиилэринэн, «Ас-үөл – 2021» дьаарбаҥка буолла. Амма, Булуҥ, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Таатта, Уус Алдан, Усуйаана, Хаҥалас улуустарыттан чааһынай, бааһынай хаһаайыстыбалар, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрэ, астыыр-таҥастыыр тэрилтэлэр уонна өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ хампаанньалара, барыта 40 табаары оҥорооччу бэйэлэрин бородууксуйаларын: үүт-эт, бурдук астарын, балыктарын, мүөттэрин, чэйдэрин, оҕуруоттарын аһын уо.д.а. аҕаланнар атыылаатылар.

Раиса Сибирякова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0