Билэрбит курдук, быйыл Абый улууһугар 2,5 миэтэрэ халыҥнаах хаар түһэн, улууска ыарахан балаһыанньа үөскээбитэ. Ол билигин даҕаны салҕанар. Абый улууһун Күөҥ Күөл нэһилиэгэр кыһыҥҥы суол аһыллыбакка, маҕаһыыннара курааныхсыйан, бүгүҥҥү күҥҥэ олохтоохтор саргылаах Саҥа дьылы остуолбут хотойор астаах-үөллээх көрсөр кыахпыт суох дииллэр.
Күөҥ Күөл баһылыга Екатерина Мыреева:
– Саҥа дьыл буолара адьас чугаһаата да, кыһыҥҥы суол оҥоһулла илик. Икки маҕаһыыннаахпытыгар бородуукта бүтэн эрэр, бүттэ даҕаны. АО «Якутоптторг» АУо салалтатын кытта кэпсэтэн, бүгүн сарсыарда үс бурааннаах уол Белай Гораттан социальнай суолталаах бородууктаны тиэйэ барда. Белай Гора нэһилиэктэн 70-ча км кэриҥэ ыраах. Бастакы уочарат чэй, саахар уонна Саҥа дьылга кэмпиэт, компуот аҕалыахтара. Биллэн турар, үс «Буран» сыарҕатыгар элбэх бородуукта кэлбэтэ чуолкай. Утарытынан бүтүөҕэ. Атыынан эргинэр икки предприниматель суол суоҕунан ас таһар кыаҕа суох.
Төһө даҕаны уустук балаһыанньа үөскээбитин үрдүнэн нэһилиэгим дьоно санааларын түһэрбэттэр, үлэлээбиппит курдук үлэлии олоробут. Улуус дьаһалтата сүөһүбүт аҕыйаҕынан тыа хаһаайыстыбатыгар көрдөрүүбүт мөлтөҕүттэн биһиги нэһилиэккэ улахан болҕомто уурбат. Дьиҥэр, тиэхиньикэлээхпит буоллар син оттоон сүөһүнү ииттиэ этибит.
Киэҥ Күөл олохтооҕо Яна Садовникова:
– Кыһыҥҥы суол аһылла илигэ уустук балаһыанньаны үөскэтэн эрэр. Нэһилиэнньэ Саҥа Дьылга сибиэһэй аһы көрүмээри гынна. Бу сайыҥҥыттан компуот, фрукты диэннэри амсайа иликпит. Бэҕэһээ үс «Буран» барбыт эбит. Бүгүн кэлбиттэр. Сымыыт аҕалбыттар тоҥон хаалбыт. Киһи ылыах буолбатах, дьаабы. Оҕуруот аһын, фруктаны үлүппэккэ аата «Буранынан» аҕалар кыахтара суох эбит. Онон бу уустук боппуруос бу күннэргэ быһаарыллара буоллар диэн эрэнэбин. Дьиҥэр, нэһилиэк баһылыга улуус дьаһалтатыгар уустук балаһыанньа үөскээн эрэрин суругунан да, тылынан эппитэ ыраатта эрээри, этэргэ дылы, ууга тааһы бырахпыт курдук.
Кылгас ыспыраапка
Киэҥ Күөлгэ билигин 33 ыал олорор. 100-тэн тахса сылгы баарыттан хаар олус түһэн, кыайан аһаабакка, аҥара охтубут. Билигин ыаллар сүөһүлэригэр, баар сылгыларыгар оту уонна оһох оттор мастарын «Буранынан» тиэйэллэр. Көлөтө суох ыалга нэһилиэк дьаһалтата бурааннаахтары кытта дуогабар түһэрсэн тиэйтэрэр.
Хаартыскаҕа: бүгүн кэлбит «Буранынан» дьааһыктаах сымыыт үлүйбүт.
Александр ТАРАСОВ, edersaas.ru