Өскөтүн абитуриентан 302н формалаах ыспыраапка ирдэнэр буоллаҕына…

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Абитуриеннар мэдиссиинэ ыспыраапкатын хойут, үөрэххэ киирэн баран аҕалыахтарын сөп диэбиттэрэ эрээри, билигин даҕаны тустаах боппуруос үгүс дьону долгутар.

edersaas.ru

Маныаха ректор: “Мэдиссиинэ ыспыраапкатын аҕалар булгуччулаах. Ол эрээри, коронавируһунан сибээстээн, бу сыл устата туттаралларыгар сүбэлиибит. Үөрэххэ киирдэҕинэ доруобуйатын көрдөрөн баран ыспыраапка аҕалыан сөп. Устудьуоннар уопсайга киирэллэригэр университет килиинэктигэр мэдиссиинэ көрүүтүн (медобследование) ааһаллар. Иккитэ ааһыах кэриэтэ, үөрэххэ киирэн баран биирдэ көрдөрүммүт ордук”, — диэн мэдиссиинэ ыспыраапкатын эрдэ барар ирдэммэтин быһаарда.

Ону таһынан, мэдиссиинэ уонна сорох инженернэй, о.д.а. хайысхаларга туттарсааччылартан 302н формалаах ыспыраапканы көрдүүллэр. “Өскөтүн оҕо бу хайысхаларга үөрэххэ киирэн хаалбыт, ол эрээри, доруобуйата ирдэбилгэ эппиэттээбэт түгэнигэр, эмиэ оннук усулуобуйалаах атын үөрэх хайысхатыгар көһүөн сөп. Бу быйыл эрэ, пандемиянан сибээстээн”, — диэн саҥа бирикээс тахсыбытын чопчулаата. Үөрэххэ туттарсааччылартан үксүгэр 086у формалаах ыспыраапка ирдэнэр. 302н формалаах ыспыраапканы аҕыйах идэҕэ көрдүүллэр. Чопчу испииһэги СВФУ https://www.s-vfu.ru/ сайтыгар көрүөххүтүн сөп.

Санатан эттэххэ, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет абитуриеннартан докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн тутар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0