Ааспыт нэдиэлэҕэ “Саха сирэ” хаһыат уонна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет (ХИФУ) быйыл университекка туттарсыан баҕалаах оҕолорго анаан быһа сибээһи тэрийбитэ. Ыйытыылары биир чаас устата төлөпүөнүнэн, edersaas.ru сайтынан итиэннэ “Саха сирэ” хаһыат батсаабыгар ылбыппыт.
Биллэн турар, биир чаас бириэмэ кылгас. Ол эрээри, төлөпүөнүнэн ыйытыы биэрбит дьоҥҥо ХИФУ педагогическай үөрэхтээһиҥҥэ проректора Михаил Федоров хас биирдиилэригэр сиһилии хоруйдаата. Оттон сайтынан уонна батсаабынан киллэрбит ыйытыыларгытыгар барытыгар университет Киин тутар хамыыһыйата (центральная приемная комиссия) хоруйдаата.
edersaas.ru
1 ыйытыы: Алын профессиональнай үөрэхтээх дьон М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка туттарсарыгар туох эмэ судургутутуу баар дуо?
Хоруй: Алын профессиональнай үөрэхтээх дьон Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ыытар тургутууларын туттарыахтарын сөп: уопсай үөрэхтээһин биридимиэттэригэр тестирование, профильнай хайысхаларга тус сэһэргэһии (собеседование).
2 ыйытыы: Англия тылын тылбаасчыта (уопсайынан, омук тыла) идэтигэр кэтэхтэн 2 сыл үөрэниэххэ сөп дуо?
Хоруй: ХИФУ Зарубежнай филологияҕа уонна регионоведение институтугар кэтэхтэн үөрэнии суох. Өскөтүн үрдүк үөрэхтээх буоллаххына, Зарубежнай филология уонна регионоведение институтугар магистратура бырагырааматынан (күнүскү, күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочная) үөрэххэ киириэххин сөп. Үөрэнии болдьоҕо – 2 сыл. Үөрэх хайысхаларын уонна үөрэххэ туттарсыы тургутууларын ХИФУ сайтыгар көр.
3 ыйытыы: Финансовай-экономическай институкка социолог эбэтэр менеджмент идэтин баһылаатахпына, ханна үлэлиэхпин сөбүй?
Хоруй: Финансовай-экономическай институт менджмент уонна социология хайысхатын бүтэрбиттэр өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи, өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы араас тэрилтэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ үлэлии киирэллэр. Профессиональнай үлэлэрэ – аччыгый уонна орто бизнес, предпринимательство, реклама. Итинник үөрэхтээх дьон бренд-менеджерынан, аналитик-администраторынан, маркетинговай аналитигынан, мерчендайзерынан, маркетологынан, менеджеринэн, бенч-маркетинг исписэлииһинэн о.д.а. үлэлиэхтэрин сөп.
4 ыйытыы: 1. Педагогическай институкка киирэрбэр биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) ханнык биридимиэттэри туттарабыный, баалым төһө буолуохтааҕый? Сыл устата ити биридимиэттэр уларыйбаттар дуо? 2. Эбии баалы хайдах ылыахха сөбүй? 3. Чугас улуустартан сылдьар туох даҕаны чэпчэтиинэн туһаммат ыал оҕолоро уопсай дьиэнэн хааччыллаллар дуо? Уопсай дьиэҕэ киирэргэ маҥнай тугу көрөллөрүй (сыана, баал, чэпчэтии, о.д.а.)?
Хоруй: 1. Педагогическай институкка киирэргэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн маннык көрдөрүү баар буолуохтаах: Педагогическай үөрэххэ – нуучча тыла, математика, обществознание; Психолого- педагогическай үөрэххэ – биология, нуучча тыла, математика; Профессиональнай үөрэтиигэ – нуучча тыла, математика, информатика эбэтэр физика. Киирии хайысхаларыттан көрөн баал 151-тэн 242 диэри халбаҥныыр. 2. Сиһилии ХИФУ http://priem.s-vfu.ru/ киирэн көрүөххүн сөп. 3. Уопсай дьиэнэн хааччыллыы туһунан үөрэххэ киирбитиҥ кэннэ устудьуоннар бастакы сүһүөх профсоюзнай тэрилтэлэригэр (первичная профсоюзная организация студентов) тиийэн ыйыталаһаар.
5 ыйытыы: Кыыһым логопед, психолог идэтигэр киириэн баҕарар. Эксээмэни талыы кэмигэр ханна туттарсарын чопчу быһаарына илигэ. Онон биологияны буолбакка, обществознаниены талбыта. Бу идэлэргэ биология ирдэнэр. Маннык түгэҥҥэ тугу гыныахпытын сөбүй?
Хоруй: 44.03.03 Специальнай (дефектологическай) үөрэх (Логопедия) (академическай бакалавриат) хайысхаҕа биир кэлим эксээмэннэри (ЕГЭ) маннык биридимиэттэргэ туттарыы ирдэнэр: биология, нуучча тыла, математика. 2017/18 сылга үөрэххэ ылыы быраабылата бигэргэммитэ уонна 2016 сыл алтынньы 1 күнүгэр сайтка тахсыбыта. Биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) тэрийиинэн уонна ыытыынан СӨ ҮНМ Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин (Центр мониторинга качества образования МОН РС(Я)) дьарыктанар. Ити ыйыллыбыт үөрэх хайысхатыгар киирэргэ биология, нуучча тыла, математика биридимиэттэрин түмүктэрэ хайаан даҕаны баар буолуохтаах.
6 ыйытыы: Мин оҕом орто анал үөрэҕи бүтэрэр. Идэтэ – электрооборудование технигэ. Салгыы филологическай бакылтыат омук тылын салаатыгар туттарсыан баҕарар. Эксээмэнэ суох киириэн сөп дуо? Үөрэҕэ төлөбүрдээх буолар дуо? Профильнай предмеккэ эксээмэн ирдэнэр дуо? Төлөбүрдээх буоллаҕына сылга төһөнүй? Абитуралыыр кэмнэригэр уопсай дьиэнэн хааччыллаллар дуо?
Хоруй: Өскөтүн абитуриент техническэй хайысхалаах орто профессиональнай үөрэҕи бүтэрбит буоллаҕына, докумуоннарын гуманитарнай бакылтыаттарга эбэтэр институттарга биэриэн сөп. Зарубежной филология уонна регионоведение институтугар биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) эрэ түмүгүнэн ылаллар; Филологическай бакылтыат 44.03.05 Педагогическай үөрэх хайысхатыгар (икки профиллаах) (нуучча уонна омук тыла) (академическай бакалавриат) маннык тургутуулары туттараллар: нуучча тыла (тест), омук тыла (тест), обществознание (тест); РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култууратын институтугар 44.03.05 Педагогическай үөрэх хайысхатыгар (икки профиллаах) (саха тыла, литэрэтиирэтэ итиэннэ омук тыла (английскай) (академическай бакалавриат) маннык тургутуулары ааһаллар: обществознание (тест), нуучча тыла (тест), профессиональнай тургутуу.
Күнүскү үөрэххэ (төлөбүрдээх) чэпчэтии көрүллэр. Чэпчэтиллибит сыананан манна хабыллар дьон туһаныахтарын сөп:
б). Бакалавриат уонна специалитет бырагырааматынан үөрэххэ киирэр дьон:
- үөрэххэ киирии тургутуутун ситиһиилээхтик туттарар түгэҥҥэ, куонкурус уопсай сууматыгар 170 баалтан ордук баалы ылбыт дьон;— ХИФУ бэйэтэ ыытар тургутууларын ситиһиилээхтик туттарбыт дьон; — I, II группалаах инбэлииттэр;— тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор; — үрдүк үөрэх иннинээҕи уонна профориентация бакылтыатын бэлэмнэнии салаатыгар (подготовительное отделение факультета довузовского образования и профориентации) быйыл үөрэммиттэрин туоһулуур сибидиэтэлистибэлээх дьон үөрэххэ тургутууну ситиһиилээхтик аастахтарына; — үрдүк үөрэх иннинээҕи уонна профориентация бакылтыатын биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) бэлэмнэнии толору кууруһун быйыл ааспыттарын туоһулуур дастабырыанньалаах дьон үөрэххэ киирии тургутуутун ситиһиилээхтик аастахтарына; — «Хотугулуу-Илиҥҥи университет образовательнай уокуруга» ассоциация састаабыгар киирэр үөрэх тэрилтэтин/тэриллиитин быйыл бүтэрбит оҕолор.
Уопсай дьиэнэн хааччыллыы туһунан үөрэххэ киирбитиҥ кэннэ устудьуоннар бастакы сүһүөх профсоюзнай тэрилтэлэригэр (первичная профсоюзная организация студентов) тиийэн ыйыталаһаар. Ол эрээри, босхо (бюджетнай) миэстэҕэ үөрэххэ киирбит абитуриеннарга барыларыгар булгуччу уопсай дьиэ көрүллэр.
7 ыйытыы: ГТО түмүгэ үөрэххэ киирэргэ оруолу оонньуур дуо? Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка докумуоннары хаһыс чыыһылаттан ылалларый?
Хоруй: «Готов к труду и обороне» (ГТО) Бүтүн Россиятааҕы физкультурнай-спортивнай комплекс кыһыл көмүс бэлиэлээх уонна ону туоһулуур дастабырыанньалаах буоллаҕына – 2 б, үрүҥ көмүс бэлиэлээх уонна ону туоһулуур дастабырыанньалаах буоллаҕына – 1 б.
Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн университекка туттарсаачылар докумуоннарын бэс ыйын 19 – от ыйын 26 күннэригэр ылабыт. Профессиональнай үөрэхтээх, профильнай уонна айар (творческай) хайысхаларга тургутуулары ааһар абитуриеннар, инбэлиит оҕолор, тас дойду гражданнара бэс ыйын 19 — от ыйын 10 күннэригэр туттараллар.
8 ыйытыы: Кэтэхтэн ханнык үөрэхтэр баалларый?
Хоруй: Кэтэхтэн үөрэххэ ылыы хайысхаларын уонна тургутууларын туһунан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет сайтыгар киирэн сиһилии билсиэххитин сөп. Кэтэхтэн үөрэххэ Автодорожнай факультет, Горнай институт, Естественнэй наукалар институттара, Математика уонна информатика института, Психология института, Инженернэй-техническэй институт, Физическэй култуура уонна спорт института, РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын института (Институт языков и культуры народов Северо-Востока РФ), Педагогическай институт, Физико-техническэй институт, Финансовай-экономическай институт, Юридическай институт, Политехническэй институт Мирнэйдээҕи филиала, Техническэй институт Нерюнгритааҕы филиала.
9 ыйытыы: Мин орто профессиональнай идэлээхпин (английскай тылын учуутала). Бэйэм идэбинэн университекка үрдэтиниэхпин баҕарабын. Английскай тылын учууталын идэтигэр кэтэхтэн үөрэх баар дуо?
Хоруй: Өскөтүн орто профессиональнай үөрэхтээх буоллаххына (английскай тылын учуутала), докумуоҥҥун Зарубежной филология уонна регионоведения институтугар биэриэххин сөп. Ол эрээри, институт ити ыйыллыбыт хайысхатыгар күнүскү үөрэх эрэ баар итиэннэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн эрэ ылаллар, кэтэхтэн үөрэх көрүллүбэт.
10 ыйытыы: 1. Целевой направлениелаах киирбиттэргэ уопсай көрүллэр дуо? 2. Кинилэргэ истипиэндьийэлэрэ кыра, социальнай төлөммөт дииллэрэ кырдьык дуо? 3. Целевой направлениелаахтар усулуобуйаларын билиһиннэриэххит дуо?
Хоруй: 1. Улуустартан кэлбит буоллахтарына, уопсай көрүллэр. 2. Хонтуруолунай сыыппаранан, ол иһигэр целевой квотанан үөрэххэ киирбит устудьуоннарга социальнай миэрэ барыта көрүллэр. 3. Үөрэххэ киирии тургутууларын ситиһиилээхтик ааспыт эрэ дьон хонтуруолунай сыыппара чэрчитинэн көрүллэр миэстэҕэ, ол иһигэр целевой квотанан үөрэххэ киириэхтэрин сөп.
Тус сыаллаах үөрэххэ ылыы (целевой прием) ол туһунан гражданины кытта сөбүлэһии (дуогабар) түһэрсибит, уставной хапытаалыгар Россия Федерациятын, Россия Федерациятын субъегын эбэтэр муниципальнай тэриллии өлүүтэ баар федеральнай судаарыстыбаннай уорганы, РФ субъегын судаарыстыбыннай былааһын уорганын, олохтоох бэйэни салайыныы уорганын, судаарыстыбыннай (муниципальнай) тэрилтэни, унитарнай тэрилтэни, судаарыстыбаннай корпорацияны кытта сөбүлэһиигэ олоҕуран, көрүллүбүт квотанан үөрэххэ ылыллар. Тус сыаллаах ылыы (целевой прием) тэрийээччи, ол эбэтэр РФ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ көрбүт квотатын иһинэн, РФ (бүддьүөт миэстэтэ) хонтуруоллуур сыыппаратын чэрчитинэн бэриллэр.
11 ыйытыы: Орто үөрэх кэнниттэн кэтэхтэн (заочно) ханнык үөрэхтэргэ киириэххэ сөбүй? Босхо (бюджетнай) кэтэхтэн (заочнай) үөрэхтэр ханныктарый? Онно туттарсарга тус сэһэргэһии (собеседование) ааһабыт дуу эбэтэр эксээмэн туттарабыт дуу?
Хоруй: Кэтэхтэн үөрэххэ Автодорожнай бакылтыат, Горнай институт, Естественнэй наукалар институттара, Математика уонна информатика института, Психология института, Инженернэй-техническэй институт, Физическэй култуура уонна спорт института, РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын института (Институт языков и культуры народов Северо-Востока РФ), Педагогическай институт, Физико-техническэй институт, Финансовай-экономическай институт, Юридическай институт, Политехническэй институт Мирнэйдээҕи филиала, Техническэй институт Нерюнгритааҕы филиала.
Докумуоннары бэс ыйын 19 – от ыйын 10 күннэригэр тутталлар. Маннык докумуоннар ирдэнэллэр: паспорт куопуйата, диплом бэйэтэ уонна куопуйата, медицинскэй ыспыраапка, быһыы (прививка) туһунан сэртипикээт, 3х4 кээмэйдээх 4 хаартыска.
Хас миэстэлээҕин, ханнык эксээмэни, тургутууну ааһаргын сиһилии ХИФУ http://priem.s-vfu.ru/ сайтыгар (бакалавриат, специалитет, перечень направлений подготовки) киирэн көрүөххүн сөп.
12 ыйытыы: Сиэним ФО киириэн баҕарар. Өскөтүн биологияны уонна обществознаниены туттардаҕына, профильнай математиката суох ФО киириэн сөп дуо?
Хоруй: Өскөтүн физкултуура салаата диэн ыйыппыт буоллаххына, Физическэй култуура уонна спорт институтугар киирэргэ маннык ирдэнэр: Физическэй култуура хайысхата: биология (ЕГЭ), нуучча тыла (ЕГЭ), профессиональнай тургутан көрүү (ХИФУ бэйэтэ ыытар).
Педагогическай үөрэх хайысхата: обществознание (ЕГЭ), нуучча тыла (ЕГЭ), профессиональнай тургутан көрүү (ХИФУ бэйэтэ ыытар).
Докумуоннары бэс ыйын 19 – от ыйын 10 күннэригэр ылабыт. Маннык докумуоннар ирдэнэллэр: паспорт куопуйата, диплом бэйэтэ (куопуйата), медицинскэй ыспыраапка, быһыы (прививка) сэртипикээтэ, 3х4 кээмэйдээх 4 хаартыска.
13 ыйытыы: Аармыйаттан ахсынньыга кэлэн, ХИФУ бэлэмнэниитигэр үөрэнэн биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттарбыт армеецка ХИФУ куонкурустаах үөрэҕэр туох эмэ чэпчэтии баар дуо?
Хоруй: Үөрэххэ ылыы быраабылатынан, аармыйаҕа сулууспалаабыт дьоҥҥо туох даҕаны чэпчэтии көрүллүбэт. Өскөтүн бааллара тэҥнэстэҕинэ, ордук быраап сулууспалаабыт киһиэхэ бэриллэр.
14 ыйытыы: Аармыйаттан кэлбит ыччакка туох чэпчэтии баарый?
Хоруй: Үөрэххэ ылыы быраабылатынан аармыйаҕа сулууспалаабыт дьоҥҥо туох даҕаны чэпчэтии көрүллүбэт. Өскөтүн бааллара тэҥнэстэҕинэ, ордук быраап сулууспалаабыт киһиэхэ бэриллэр.
15 ыйытыы: ХИФУ орто профессиональнай үөрэҕэр “право и организация социального обеспечения” диэн специалитекка туттарсарга босхо (бюджет) миэстэ баар дуо эбэтэр төлөбүрдээх эрэ дуу? Күнүскү дуу, кэтэхтэн дуу? Атын кэллиэскэ “право и организация социального обеспечения” специалитеты бүтэрбит дьон ХИФУ юридическай бакылтыатыгар киирэр кыахтаахтар дуо?
Хоруй: “Право и организация социального обеспечения” орто профессиональнай үөрэх хайысхатыгар күнүскү төлөбүрдээх көрүҥэ баар. Сыллааҕы төлөбүрэ – 102 тыһ. солк.
ХИФУ юридическай бакылтыатыгар ханнык баҕарар орто профессиональнай үөрэх кэнниттэн күнүскү үөрэххэ киириэххэ сөп. ХИФУ юридическай бакылтыатыгар кэтэхтэн (заочно) салааҕа үрдүк үөрэҕи бүтэрбит эрэ дьону ылабыт.
16 ыйытыы: Мин Дьокуускайдааҕы финансовай-экономическай кэллиэһи (ЯФЭК) бүтэрбитим. Билигин нэһилиэгим дьаһалтатыгар исписэлиистиибин. Үрдүк үөрэххэ кэтэхтэн (заочно) муниципальнайга эбэтэр педагогическай өттүгэр (математик, алын кылаас) туттарсыахпын баҕарабын. Онно киирэрбэр миигиттэн туох ирдэнэрий? Докумуоннары хаһан тутаҕытый? Ити мин баҕарар үөрэхтэрбэр туох ирдэнэрий? Кэтэхтэн үөрэх баар дуо?
Хоруй: Педагогическай институт Педагогическай салаа (алын кылаас учуутала) кэтэхтэн 10 босхо (бюджетнай) миэстэ көрүллэр. Докумуоннары бэс ыйын 19 – от ыйын 10 күннэригэр тутабыт. Тест быһыытынан (ХИФУ бэйэтэ ыытар) нуучча тылын, математиканы, обществознаниены ситиһиилээхтик туттарыаххын наада.
Педагогическай (математика учуутала) салааҕа, хомойуох иһин, кэтэхтэн докумуоннары ылбаппыт.
Финансовай-экономическай институт Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай управление хайысхатыгар кэтэхтэн төлөбүрдээх үөрэххэ докумуоннары ылабыт. Докумуоннаргын бэс ыйын 19 – балаҕан ыйын 15 күннэригэр туттараҕын уонна математикаҕа, омук тылыгар, нуучча тылыгар (ХИФУ бэйэтэ ыытар) тест быһыытынан тургутуутун ааһаҕын.
Маннык докумуоннар ирдэнэллэр: паспорт куопуйата, диплом бэйэтэ (куопуйата), медицинскэй ыспыраапка, быһыы (прививка) сэртипикээтэ, 3х4 кээмэйдээх 4 хаартыска.
17 ыйытыы: Мин оҕом билигин профильнай математиканы талыан сөп дуо?
Хоруй: Биир кэлим эксээмэн туһунан ыйытыыларгытын СӨ Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр кииниттэн (Центр мониторинга качества образования Министерства образования РС(Я) ыйыталаһаргытыгар сүбэлиибит.
18 ыйытыы: Өскөтүн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет олимпиадата (СВОШ) нуучча тылыгар, обществознаниеҕа уонна экологияҕа олимпиадаларыгар миэстэлэспит буоллахпына, Естественнэй наукалар институттарыгар экология эбэтэр география хаапыдыратыгар үөрэххэ туттарсар буоллахпына, ити олимпиадалар түмүктэринэн миэхэ туох эмэ баал эбиллэр дуо? Эбэтэр экологияҕа эрэ баал эбиллэр дуу?
Хоруй: Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет оскуола үөрэнээччилэригэр олимпиадата (СВОШ) үөрэххэ киириигэ сөп түбэһэр биридимиэттэрин хайысхатыгар олимпиада профилларынан 5 баал эбиллэр.
Өскөтүн хас даҕаны дипломнаах буоллаххына, үөрэххэ киирээччи бэйэтин баҕатынан биир эрэ ситиһиитэ учуоттанар. Ол эбэтэр, эн түгэҥҥэр Педагогическай үөрэх (география уонна экология) хайысхатыгар экология эрэ диплома учуоттанар.
19 ыйытыы: Киин куораттар (центральнай) үрдүк үөрэх кыһаларын целевой миэстэлэрин туһунан ханнык сайтка киирэн көрүөххэ уонна ханнык төлөпүөннэринэн ыйыталаһыахха сөбүй? Чопчу техническэй уонна экономическай үрдүк үөрэхтэри интэриэһиргиибин.
Хоруй: Киин куораттар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын туһунан СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтиттэн туоһулаһыаххын сөп.
20 ыйытыы: Мин Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэскэ кэтэхтэн үөрэххэ киириэхпин баҕарабын. Ханнык докумуоннар ирдэнэллэрий? Хаһыс чыыһылаттан ханнык ыйга диэри докумуоннары туталларый?
Хоруй: Тустаах үөрэх туһунан педагогическай кэллиэс приемнай хамыыһыйатыттан туоһулаһаргар сүбэлиибит.
21 ыйытыы: Үөрэххэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн киирэрим ордук дуу эбэтэр техническэй кэллиэс дипломунан дуу? Быйыл кэллиэспин бүтэрэбин. 2015 сыллахха биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) нуучча тылын, обществознаниены уонна математиканы (профильнай) туттарбытым. Университекка үөрэнэн нуучча тылын эбэтэр ОБЖ учууталын идэтин ылыахпын баҕарабын.
Хоруй: Университекка биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн дуу эбэтэр ХИФУ бэйэтэ ыытар тургутууларын туттаран киирэҕин дуу – ол бэйэҥ быһаарыныыҥ. Филологическай бакылтыакка (нуучча тыла уонна литэрэтиирэ) киирэргэ биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) үс биридимиэт түмүгүнэн саамай кырата нуучча тылыгар – 50 б., литэрэтиирэҕэ – 36 б., обществознаниеҕа – 42 б. ыларыҥ ирдэнэр.
Физическэй култуура уонна спорт институтугар (безопасность жизнедеятельности и физическая культура) киирэргэ биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) кыччаабыта обществознаниеҕа – 42 б., нуучча тылыгар – 36 б. ирдэнэр. Итини таһынан, профессиональнай тургутууну (норматив) 70 баалтан кыраҕа туттарыа суохтааххын.
22 ыйытыы: Оҕом быйыл Сунтаарга ыытыллыбыт “вузовскай” олимпиадаҕа кыттыбытыгар, ХИФУ-га “рекомендован” диэбиттэр этэ. Быйыл сайын ХИФУ-га докумуоммутун биэрдэхпитинэ туох эмэ оруоллаах буолуо дуо?
Хоруй: ХИФУ бары хайысхаларыгар/идэлэригэр үөрэххэ туттарсарга маннык тус ситиһиилэр учуоттаналлар:
Үөрэххэ киириигэ ирдэнэр эксээмэннэр биридимиэттэригэр сөп түбэһэр биридимиэттэргэ кыайыылаах диплома баар буоллаҕына – 10 б., миэстэлэспитин туоһулуур дипломнаах буоллаҕына – 5 б. эбиллэр. Өскөтүн хас даҕаны биридимиэккэ дипломнаах түгэнигэр, абитуриент баҕатынан онтон биирэ эрэ учуоттанар. Диплом 2017 сылга бэриллибит буолуохтаах.
23 ыйытыы: Английскайы уонна литэрэтиирэни туттарар буоллахпына ханнык бакылтыакка сайабылыанньабын биэрэбиний?
Хоруй: Омук тыла уонна литэрэтиирэ хайысхатыгар туттарсарга кырата үс биридимиэт ирдэнэр.
Зарубежнай филология уонна регионоведение институтугар киирэргэ биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) маннык биридимиэттэргэ түмүк ирдэнэр: лингвистикаҕа (омук тыла, нуучча тыла, литэрэтиирэ), филологияҕа (омук тыла, нуучча тыла, литэрэтиирэ).
Филологическай бакылтыакка киирэргэ биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) бу биридимиэттэргэ түмүк ирдэнэр: Филологияҕа (омук тыла, нуучча тыла, литэрэтиирэ).
24 ыйытыы: Мин 9-с кылаас кэнниттэн үөрэххэ киириэхпин баҕарабын.
Хоруй: Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка 11-с кылаас кэнниттэн эрэ үөрэххэ ылабыт.
25 ыйытыы: Тулаайах оҕо үөрэххэ киирдэҕинэ, уопсай дьиэ көрүллэр дуо? Бу туох үөрэҕий? Үөрэххэ, уопсайга киирэргэ ханнык докумуоннар ирдэнэллэрий? ЕГЭ орто баала хас буолуохтааҕый? Аттестат оруолу оонньуур дуо?
Хоруй: Хонтуруолунай сыыппара чэрчитинэн үөрэххэ киирбит куорат тас өттүттэн сылдьар устудьуоннарга уопсай көрүллэр. Былырыын университекка киириигэ орто баал – 64,64 этэ.
ХИФУ бары хайысхаларыгар/идэлэригэр үөрэххэ ылыыга маннык тус ситиһиилэр учуоттаналлар:
Орто уопсай үөрэх аттестатыгар барыта туйгун сыананы ылбыт эбэтэр орто (толору) уопсай үөрэхтээһини кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит оҕолорго – 7 б., орто (толору) уопсай үөрэхтээһини үрүҥ көмүс мэтээллээх бүтэрбит оҕолорго – 5 б. эбиллэр.
26 ыйытыы: Светлэйдээҕи училищеҕа ханнык исписээлинэстэр баалларый?
Хоруй: Үөрэххэ туттарсыы туһунан тустаах үөрэх кыһатын приемнай хамыыһыйатыттан туоһулас.
27 ыйытыы: Чопчу Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка эрэ сыһыаннаах ыйытыылары ылаҕыт дуу эбэтэр атын университеттарга эмиэ дуу? 9-с уонна 11-с кылаас кэнниттэн ханнык үөрэхтэр баалларый? Аттестат уопсай баалын көрөллөр дуо?
Хоруй: ХИФУ 9-с кылаас кэнниттэн үөрэххэ ылбат. Аттестат уонна биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн 11-с кылаас кэнниттэн араас хайысхаларынан бакалавриакка уонна специалитекка бэлэмниир. Ону сэргэ, 11-с кылаас кэнниттэн орто профессиональнай үөрэхтэргэ оҕолору ылар. Үөрэххэ киириигэ аттестат орто баала учуоттанар.
28 ыйытыы: Мин ХИФУ историческай бакылтыатын сэҥээрэбин. Ханнык хайысхалар баалларый? Итиннэ киирэрбэр хас бааллаах буолуохтаахпыный?
Хоруй: Историческай бакылтыат 41.03.04 Политология (Судаарыстыбаннай политика уонна управление) (академическай бакалавриат); 44.03.05 Педагогическай үөрэх (икки профиллаах) (история уонна обществознание) (академическай бакалавриат); 44.03.05 Педагогическай үөрэх (икки профиллаах) (История уонна право) (академический бакалавриат); 46.03.01 История (академическай бакалавриат). Былырыын Историческай бакылтыакка үөрэххэ киирии баала 191-177 этэ. Үөрэххэ киирэргэ төһө баал ирдэнэрин туһунан ХИФУ сайтыгар “Абитуриент”, салгыы “Приемная комиссия” диэн салааны баттаан билсиэххин сөп.
29 ыйытыы: Техническэй кэллиэс кэнниттэн университекка педагогическай үөрэххэ киириэххэ сөп дуо? Дипломунан эбэтэр биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн?
Хоруй: Техническэй кэллиэс кэнниттэн Педагогическай институкка докумуоҥҥутун биэрэр бырааптааххыт. Уопсай үөрэхтээһин биридимиэттэринэн ХИФУ бэйэтэ ыытар тестированиетын итиэннэ талар профилгытыгар сыһыаннаах тус сэһэргэһиини (собеседование) ааһаҕыт.
30 ыйытыы: Тохсус кылаас кэнниттэн юридическайга киириэххэ сөп дуо?
Хоруй: ХИФУ 11-с кылаас кэнниттэн эрэ үөрэххэ ылар.
31 ыйытыы: Медицинскэй институт стоматологияҕа салаатыгар киирэргэ хас баал нааданый? Куонкурус төһө элбэҕий?
Хоруй: Былырыын 31.05.03 Стоматология исписээлнэһигэр үөрэххэ киирии баала 290 этэ. 2016 сылга биологияҕа, химияҕа, нуучча тылыгар биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) таһынан эбии профессиональнай тургутууну ааһаллара. Быйыл ити исписээлнэскэ 20 босхо (бюджетнай) миэстэ көрүллэр.
32 ыйытыы: Мин Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар киириэхпин баҕарабын. Устудьуоннарга уопсай көрүллэр дуо?
Хоруй: Тустаах үөрэх туһунан Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институн үөрэххэ киириигэ докумуону тутар хамыыһыйатыгар (приемная комиссия) баран туоһулаһыҥ.
33 ыйытыы: ХИФУ горнай институтугар эбэтэр ГРФ киириэхпин баҕарабын. Хас баал ирдэнэрий? Уопсайынан, хайдах үөрэхтэрий?
Хоруй: Горнай институкка былырыын үөрэххэ киирии баала маннык этэ: 20.03.01 Техносфернай куттал суох буолуута хайысхаҕа (Безопасность технологических процессов и производств; Пожарная безопасность; Защита в чрезвычайных ситуациях) (академическай бакалавриат) — 156 б.; 21.05.04 Хайа дьыалата (Подземная разработка рудных месторождений; Шахтное и подземное строительство; Открытые горные работы; Горные машины и оборудование) (специалитет) — 123 б. этэ.
Геолого-разведочнай бакылтыат (ГРФ) 21.03.01 Нефтегазовое дело (академическай бакалавриат)-178б.; 21.05.02 Прикладная геология (специалитет)-116б; 21.05.03 Технология геологической разведки (специалитет) – 136 б.
34 ыйытыы: ХИФУ юридическай бакылтыатыгар хас босхо (бюджетнай) миэстэ көрүллэрий? Хас бааллаах оҕо киирэр кыахтааҕый?
Хоруй: Юриспруденция 40.03.01 хайысхатыгар (академическай бакалавриат) күнүскү үөрэххэ 10 босхо миэстэ көрүллэр. Былырыын үөрэххэ киирии баала 210 этэ.
35 ыйытыы: Биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) историяны, обществознаниены, профильнай математиканы туттарар оҕо ханнык үөрэххэ киириэн сөбүй?
Хоруй: 9.03.02 Социальнай үлэ (Психосоциальная работа с населением) (академическай бакалавриат) — история, нуучча тыла, обществознание; 39.03.03 Организация работы с молодежью (Социально-психологическая работа с молодёжью) (академическай бакалавриат); Историческай бакылтыат хайысхаларыгар; Юридическай бакылтыат; РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын института (Институт языков и культуры народов СВ РФ); Филологическай бакылтыат. Бу хайысхаларга биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) маннык түмүк ирдэнэр: нуучча тыла, обществознание эбэтэр история. Үөрэх ханнык хайысхалара баалларын уонна онно туох тургутуулары ааһаргытын сиһилии http://priem.s-vfu.ru сайтка билсиҥ.
36 ыйытыы: Бу туох үөрэҕэй? Докумуоннары хаһан, ханна туттарабыный? Эксээмэннэр хаһан саҕаланалларый? Ханнык эксээмэннэри туттарабыный? Уопсай биэрэҕит дуо? Төлөбүрдээх үөрэх дуо?
Хоруй: Абитуриент ханнык идэҕэ үөрэниэн баҕарарыттан тутулуктаах. Айар уонна профессиональнай хайысхаларга эбии тургутуулары ааһар абитуриеннар, орто профессиональнай, үрдүк профессиональнай үөрэхтээх дьон, омук гражданнара, инбэлиит оҕолор докумуоннарын бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 10 күнүгэр диэри туттараллар. Оттон биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн үөрэххэ киирэр абитуриеннар бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 26 күнүгэр диэри туттараллар. Докумуону тутар хамыыһыйа (приемная комиссия) Кулаковскай аатынан уулусса 42 №-дээх дьиэтигэр үлэлиэҕэ.
Үөрэх ханнык хайысхалара баалларын уонна онно туох тургутуулары ааһаргытын сиһилии http://priem.s-vfu.ru сайтка билсиҥ.
37 ыйытыы: Орто профессиональнай үөрэх кэнниттэн университекка туттарсар дьон докумуоммутун хаһан туттарабытый? Эксээмэннэр хаһааҥҥыттан саҕаланалларый?
Хоруй: Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн үөрэххэ туттарсааччылар докумуоннарын бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 26 күнүгэр диэри туттараллар. Оттон ХИФУ бэйэтин тургутуутун ааһар абитуриеннартан докумуоннары бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 10 күнүгэр диэри ылабыт.
Өскөтүн эн орто профессиональнай үөрэҕи бүтэрбит уонна ХИФУ бэйэтэ ыытар тургутуутун ааһан үөрэххэ киириэххин баҕарар буоллаххына, докумуоҥҥун бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 10 күнүгэр диэри хамыыһыйаҕа туттарарыҥ ирдэнэр. Тургутуу от ыйын 11-24 күннэригэр буолуоҕа.
38 ыйытыы: Педагогическай институкка киирэргэ биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) хас баалы ылыахпын нааданый?
Хоруй: Ааспыт сылга педагогическай институкка киирэргэ баал 151-тэн 242-гэ дылы халбаҥнаабыта. Сиһилии ХИФУ http://priem.s-vfu.ru/ сайтыгар көрүөххүтүн сөп.
39 ыйытыы: Уолум Иркутскайдааҕы научнай-чинчийэр институкка үөрэнэр. Былырыын киирбитэ. ХИФУ-ка көһөрүөхпүн баҕарабын. Туохтан саҕалыырбын билбэппин.
Хоруй: ХИФУ үөрэх хаачыстыбатын хааччыйар департаменын үөрэхтэн көһөрүү уонна төттөрү ылыы салаатыгар (отдел переводов и восстановлений) 496844 төлөпүөнүнэн билсиэххин сөп.
40 ыйытыы: Быйыл ХИФУ-ка туттарсар санаалаахпын. Сааһым 31, оҕолоохпун. Күнүскү (очно) үөрэххэ туттарсар буоллахпына, миэхэ уопсай көрүллэр дуо?
Хоруй: Уопсай дьиэҕэ миэстэ ылыы туһунан үөрэххэ киирэн баран устудьуоннар бастакы сүһүөх профсоюзнай тэрилтэлэриттэн (первичная профсоюзная организация студентов) ыйыталаһыаххын сөп.
41 ыйытыы: 1. Мин биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) математика (профильнай), математика (базовай), нуучча тыла уонна обществоведение (базовайдар) биридимиэттэри туттарабын. Ханнык бакылтыакка киириэхпин сөбүй? Баалым хас буолуохтааҕый? 2. Физико-техническэй институт (ФТИ) “экспертиза драгоценных камней” салаатыгар киирэргэ ханнык эксээмэннэри туттарабыный уонна баалым хас буолуохтааҕый?
Хоруй: Математика уонна информатика институтугар 44.03.01 Педагогическай үөрэх хайысхатыгар (Математика) (академическай бакалавриат) 44.03.05 Педагогическай үөрэх (икки профиллаах) (Математика уонна информатика) (академическай бакалавриат). Ааспыт сылга Педагогическай үөрэххэ (Математика) киирэр баал 196 этэ. 29.3.4 Технологии художественной обработки материалов (Технологии обработки драгоценных камней и металлов) (академическай бакалавриат) хайысхаҕа үөрэххэ киирэргэ нуучча тылыгар уонна математикаҕа көрдөрүү ирдэнэр. Эбии ХИФУ бэйэтэ ыытар айар тургутуутун ааһаҕын. Ааспыт сылга тустаах үөрэххэ киирэргэ кыччаабыта 210 баал ирдэнэр этэ.
42 ыйытыы: ХИФУ-ка киирэргэ туох чэпчэтиилэр баалларый? Бааллара төһөнүй?
Хоруй: РФ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин бирикээһинэн бигэргэтиллибит, үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларын кыайыылаахтарыгар уонна миэстэлэспит оҕолорго чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Туспа квотанан үөрэххэ киирии инбэлиит оҕолорго, I уонна II группалаах инбэлииттэргэ, оҕо эрдэхтэриттэн инбэлииттэргэ, байыаннай сулууспа кэмигэр эчэйии эбэтэр ыарыы түмүгэр инбэлиит буолбут дьоҥҥо федеральнай медико-социальнай экспертиза тэрилтэтин түмүгүнэн ХИФУ-ка үөрэнэллэрэ көҥүллэнэр буоллаҕына, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолорго итиэннэ “Бэтэрээннэр тустарынан” 1995 с. тохсунньу 12 күнүнээҕи 5 №-дээх Федеральнай сокуон 3-с ыстатыйатын 1 пуунун 1-4 подпуннарыгар олоҕуран, үөрэххэ киирии тургутуутун ситиһиилээхтик туттарбыт бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр көрүллэр.
43 ыйытыы: Мин 4 оҕолоох огдообобун. Улахан уолум быйыл экономическай бакылтыакка туттарсар. Целевой миэстэҕэ киирэргэ чэпчэтии көрүллэр дуо?
Хоруй: Финансовай-экономическай институт хайысхаларыгар үөрэххэ киирэргэ биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) маннык көрдөрүү наада: нуучча тылыгар – 40 б., математикаҕа – 45 б., омук тылыгар – 35 б. Финансовай-экономическай институкка маннык хайысхалар бааллар: 38.03.01 Экономика (академическай бакалавриат) 38.03.01 Экономика (М.К.Аммосов аатынан ХИФУ уонна Ниццы София Антиполис (Франция) кыттыгас икки дипломнаах бырагыраамалара (академическай бакалавриат); 38.03.02 Менеджмент (прикладной бакалавриат); 38.03.03 Управление персоналом (прикладной бакалавриат); 38.03.04 Государственнай уонна муниципальнай управление (академическай бакалавриат); 39.03.01 Социология (академическай бакалавриат).
Финансовай-экономическай институт хайысхаларыгар үөрэххэ тус сыаллаах ылыыга (целевой прием) федеральнай бюджеттан үбүлээһин көрүллүбэт.
44 ыйытыы: Орто профессиональнай үөрэҕи кыһыл дипломунан бүтэрэн эрэбин, олимпиадаларга, кэмпириэнсийэлэргэ миэстэлэспиттээхпин уонна WorldSkills 2-с буолбутум, ону таһынан тулаайахпын. Финансовай-экономическай институкка киириэхпин баҕарабын. Ханнык докумуоннар ирдэнэллэрий уонна туох тургутуулары ааһабыный?
Хоруй: Тус ситиһии баала үөрэххэ киирээччи эбэтэр кини итэҕэллээх киһитэ сайабылыанньа биэрэригэр ыйбыт уонна ону туоһулуур (ситиһиилэрин) докумуоннардаах эрэ буоллаҕына ааҕыллар.
Бакалавриат, специалитет бырагыраамаларынан үөрэххэ киирээччигэ тус ситиһиилэрин иһин уопсай суума 10 баалтан ордук эбиллибэт:
-
- Орто профессиональнай үөрэҕи туйгун сыананан бүтэрбитин туоһулуур диплом — 3 б.2. WorldSkills Russia национальнай чөмпүйэнээт кыайыылааҕын эбэтэр миэстэлэспитин туоһулуур диплом – 10 б. WorldSkills Russia национальнай чөмпүйэнээккэ кыттыбытын туоһулуур сэртипикээт — 5 б. WorldSkills Russia национальнай чөмпүйэнээт региональнай түһүмэҕэр кыайбытын эбэтэр миэстэлэспитин туоһулуур диплом – 5 б.Тулаайах оҕолор үөрэххэ туспа квотанан киирэр бырааптаахтар. Ол инниттэн абитуриент тулаайах буоларын туоһулуур бары докумуоннары көрдөрөрө ирдэнэр.
Маннык докумуоннар ирдэнэллэр: паспорт куопуйата; диплом куопуйата; 3х4 кээмэйдээх 3 хаартыска; 086-У формалаах медицинскэй ыспыраапка. Докумуоннары 2017 сыл бэс ыйын 19 — от ыйын 10 күннэригэр ылабыт.
45 ыйытыы: Алын профессиональнай үөрэҕи (начальное профессиональное образование) бүтэрбит дьон университекка үөрэххэ киирэллэригэр туох эмэ приоритет баар дуо?
Хоруй: Орто профессиональнай үөрэҕи бүтэрбиттэр ХИФУ бэйэтэ ыытар тургутуутун ааһаллар: үөрэх уопсай биридимиэттэригэр тестирование, профильнай хайысхаларга тус сэһэргэһии (собеседование).
46 ыйытыы: Мин быйыл педагогическай кэллиэһи (музыкальнай салайааччы) бүтэрэн эрэбин. 9-с кылаас кэнниттэн киирэн, 5 сыл үөрэнним. Педагогическай институт логопедия исписээлинэһигэр хайдах, тугу туттаран киирэбиний?
Хоруй: 44.03.03 Специальнай (дефектологическай) хайысха (Логопедия) (академическай бакалавриат) үөрэҕэр маннык түмүк ирдэнэр: биология, нуучча тыла, математика.
Орто профессиональнай үөрэҕи бүтэрбиттэр ХИФУ бэйэтэ ыытар тургутууларын туттарыахтарын сөп: нуучча тыла (тестирование), биология (тестирование), профильнай хайысхаларынан тус сэһэргэһии (собеседование). Докумуоннаргытын 2017 сыл бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 10 күнүгэр диэри туттарыахтааххыт.
47 ыйытыы: Быйыл оскуоланы бүтэрэн эрэбин. ИЯКН киириэхпин баҕарабын. Ол гынан баран, саха тылын талбакка хаалбыппын. Сайын эһиэхэ тиийэн туттарыахха сөп дуо? Ханна буоларый? Тулаайах буоллахпына быһа холоон хас бааллаах буолуохпун нааданый?
Хоруй: РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуттар тылларын уонна култуураларын институтугар киирэргэ хайысхаларыттан көрөн биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) маннык түмүк ирдэнэр:
— Сервис: нуучча тыла – 28 б., обществознание – 36 б., математика – 42 б.;
— Туризм: история — 32 б., нуучча тыла — 36 б., обществознание — 42 б.;
— Педагогическай үөрэх: нуучча тыла — 36 б., обществознание — 42 б., профессиональнай тургутуу — 34 б. (ХИФУ бэйэтэ ыытар). Өскөтүн педагогическай үөрэххэ киириэххин баҕарар буоллаххына, докумуоҥҥун бэс ыйын 19 — от ыйын 10 күннэригэр туттарарыҥ наада. Туспа квота чэрчитинэн көрүллэр миэстэнэн үөрэххэ киирэр буоллаххына, тургутар эксээмэннэри барытын ситиһиилээхтик туттарарыҥ (аччыгый баалтан намыһах буолуо суохтаах) булгуччулаах.
Приемнай хамыыһыйа Кулаковскай аатынан уул. 42 №-дээх дьиэтигэр (Кылаабынай үөрэнэр куорпус), төлөпүөннэрэ: 49-69-62, 32-00-47, электроннай почта: pk_svfu@mail.ru үлэлиэҕэ.
48 ыйытыы: Горнай институкка уонна автодорожнай бакылтыакка үөрэххэ киирии баала төһөнүй? Приемнай хамыыһыйа ханна үлэлиэҕэй?
Хоруй: 2016 сылга үөрэххэ киирии баала:
— Автодорожнай бакылтыат: Строительство (Автомобильные дороги) – 136 б, Строительство, эксплуатация, восстановление и техническое прикрытие автомобильных дорог, мостов и тоннелей – 184 б., Наземные транспортно-технологические комплексы – 165 б., Эксплуатация транспортно-технологических машин и комплексов (Автомобильный сервис, Автомобили и автомобильное хозяйство) – 163 б., (Профессиональное обучение (по отраслям) (Транспорт) — 196 б.
— Горнай институт: Техносферная безопасность (Пожарная безопасность, Защита в чрезвычайных ситуациях, Безопасность технологических процессов и производств) – 156 б., Горное дело (Подземная разработка рудных месторождений; Шахтное и подземное строительство; Открытые горные работы; Горные машины и оборудование) – 123 б. Приемнай хамыыһыйа Кулаковскай аатынан уул. 42 №-дээх дьиэтигэр (Кылаабынай үөрэнэр куорпус) үлэлиэҕэ. 49 ыйытыы: “Выборочнай” талбатах буоллахпына, үрдүк үөрэххэ кыайан киирбэппин дуо? Ханнык идэлэр (профессия) баалларый?
ХИФУ-ка үөрэххэ киирэргэ аҥаардас математика уонна нуучча тылыгар биир кэлим эксээмэннэри (ЕГЭ) туттарыы түмүгэ итэҕэс.
ХИФУ инженернэй-техническэй институтугар Архитектура салаата баар. Онно биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) математикаҕа (профильнай) – 36 б., нуучча тылыгар – 40 б., профессиональнай тургутууга (ХИФУ бэйэтэ ыытар) – 90 б. ылар ирдэнэр. Куонкурустаһар инниттэн докумуоннаргын бэс ыйын 19 – от ыйын 10 күннэригэр туттарыаххын наада.
50 ыйытыы: Мин оҕом ХИФУ техногеннай катастрофаларга хаапыдыратыгар киириэн баҕарар. Ханнык докумуоннар, төһө баал ирдэнэрий?
Хоруй: ХИФУ Горнай институтугар Техносферная безопасность (Безопасность технологических процессов и производств; Пожарная безопасность; Защита в чрезвычайных ситуациях) хайысхаларга докумуоннары ылабыт. 57 босхо уонна 8 төлөбүрдээх миэстэ көрүллүбүтэ. Орто толору уопсай үөрэхтээһин (аттестат) кэнниттэн киирээччилэргэ биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) саамай кырата маннык бааллары ылыы ирдэнэр: математикаҕа – 36 б., физикаҕа – 40 б., нуучча тылыгар – 40 б.
Докумуоннары бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 26 күнүгэр диэри тутабыт. Приемнай хамыыһыйа Кулаковскай аатынан уул. 42 №-дээх дьиэтигэр (Кылаабынай үөрэнэр куорпус), төлөпүөннэрэ: 49-69-62, 32-00-47, электроннай почта: pk_svfu@mail.ru үлэлиэҕэ.
51 ыйытыы: Педагогическай институкка (алын кылаас учуутала) туттарсар буоллахпына биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) таһынан өссө ханнык предмеккэ үрдүк үөрэх иһинээҕи (ХИФУ бэйэтэ ыытар) эксээмэннэрин туттарабыный?
Хоруй: Педагогическай институт Педагогическай хайысхатыгар (алын кылаас) хайысхаҕа үөрэххэ киирэргэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн саамай кырата бачча баал ирдэнэр: нуучча тылыгар – 40 б., математикаҕа (профильнай) – 34 б., обществознаниеҕа – 42 б.
52 ыйытыы: Намнааҕы педагогическай кэллиэс кэнниттэн (9-с кылаас кэннэ киирбитим) ХИФУ тутууга (строительнай) бакылтыатыгар үөрэххэ киирэрбэр ханнык докумуоннары туттарабыный? Аармыйаҕа сулууспалаабытым.
Хоруй: Маннык докумуоннар ирдэнэллэр: паспорт куопуйата; диплом (бэйэтэ), куопуйата; медицинскэй ыспыраапка; быһыы (прививка) сэртипикээтэ, 3х4 кээмэйдээх 4 хаартыска.
53 ыйытыы: Кэллиэспин бүтэрэн эрэбин. Быйыл кэтэхтэн бакалавриакка киириэхпин баҕарабын. Үөрэнэ сылдьан кэтэхтэн күнүскүгэ көһөр кыаллар дуо? (Холобур, 2 сыл кэтэхтэн, салгыы – күнүскүгэ). Кэтэхтэн үөрэххэ босхо миэстэ көрүллэр дуо? Сыллааҕы төлөбүрэ төһө буоларый? Быйыл орто профессиональнай үөрэҕи (СПО) бүтэрбиттэри ХИФУ-ка ылыыга туох уларыйыы киирдэний?
Хоруй: ХИФУ-ка кэтэхтэн үөрэхтэргэ босхо миэстэлэр көрүлэллэр. Ханнык хайысхалар баалларын уонна абитуриеннар ханнык тургутуулары ааһалларын туһунан сиһилии университет priem.s-vfu.ru сайтыгар көрүҥ. Кэтэхтэн үөрэххэ Автодорожнай бакылтыат, Горнай институт, Естественнэй наукалар институттара, Математика уонна информатика института, Психология института, Инженернэй-техническэй институт, Физическэй култуура уонна спорт института, РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын института (Институт языков и культуры народов Северо-Востока РФ), Педагогическай институт, Физико-техническэй институт, Финансовай-экономическай институт, Юридическай институт, Политехническэй институт Мирнэйдээҕи филиала, Техническэй институт Нерюнгритааҕы филиала ылар.
Орто профессиональнай үөрэҕи бүтэрбиттэр быйыл ХИФУ-ка киириилэригэр туох даҕаны уларыйыы суох. Устудьуоннар кэтэхтэн күнүскү үөрэххэ көһүүлэрин туһунан боппуруостарынан ХИФУ үөрэхтэн көһөрүү уонна төттөрү ылыы салаатыгар (отдел переводов и восстановлений) 496844 төлөпүөнүнэн билсиэххин сөп.
54 ыйытыы: Кэтэхтэн ханнык үөрэхтэр баалларый
Хоруй: Кэтэхтэн ханнык үөрэхтэр баалларын уонна онно киирэргэ ханнык тургутуулары ааһар ирдэнэрин туһунан сиһилии ХИФУ priem.s-vfu.ru сайтыттан билсиэххин сөп. Автодорожнай баклытыат, Горнай институт, Естественнэй наукалар институттара, Математика уонна информатика института, Психология института, Инженернэй-техническэй институт, Физическэй култуура уонна спорт института, РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын института (Институт языков и культуры народов Северо-Востока РФ), Педагогическай институт, Физико-техническэй институт, Финансовай-экономическай институт, Юридическай институт, Политехническэй институт Мирнэйдээҕи филиала, Техническэй институт Нерюнгритааҕы филиала.
55 ыйытыы: Кыыһым саха салаатыгар үөрэниэн баҕарар. Ол эрээри, эксээмэнэ тиийбэт буолан АГИКИ хореография салаатыгар киирбитэ. Стилистика, тылбаас салаатыгар киирэргэ туох нааданый?
Хоруй: РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун Филология (Прикладной филология (саха тыла (тылбаас) салаатыгар – 4 босхо уонна 6 төлөбүрдээх миэстэ көрүллэр. Манна үөрэххэ киирэр туһугар маннык эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттарыы ирдэнэр: литэрэтиирэ – 32 б., нуучча тыла – 36 б., профессиональнай тургутуу – 34 б.
56 ыйытыы: Орто анал үөрэҕи бүтэрбиттэргэ ХИФУ-ка ханнык бырагыраамалар баалларый? Алын профессиональнай үөрэх кэнниттэн ХИФУ-ка хайдах киирэбиний?
Хоруй: Профессиональнай үөрэх кэнниттэн босхо миэстэлээх үөрэххэ киириэхтэрин баҕарар дьон докумуоннарын бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 10 күнүгэр диэри ылабыт. Эбии тургутуулар от ыйын 11-24 күннэригэр буолуохтара. Үөрэх хайысхаларын уонна ханнык тургутуулары ааһар наадатын сиһилии ХИФУ приемнай хамыыһыйа priem.s-vfu.ru сайтыттан билсиҥ. Алын профессиональнай үөрэхтээх дьон ХИФУ бэйэтэ ыытар тургутууларын туттарыаххытын сөп: үөрэх уопсай биридимиэттэригэр тестирование, профильнай хайысханан тус сэһэргэһии (собеседование).
57 ыйытыы: 1. Медицинскэй институкка киирэргэ хас биирдии биридимиэккэ хастыы баалы ыларым ирдэнэрий? 2. Эбии ханнык тургутуулары ааһабыный? 3. Аттестаты көрөллөр дуо? Уонна ханнык түгэннэргэ баал эбиллэрий?
Хоруй: 1, 2. ХИФУ медицинскэй институтугар киирэргэ эксээмэҥҥэ саамай кырата бачча баалы ылыаххын наада: химияҕа – 36 б., биологияҕа – 36 б., нуучча тылыгар – 36 б. 3. ХИФУ (бары хайысхаларыгар/ идэлэригэр) үөрэххэ киирэргэ маннык тус ситиһии учуоттанар: орто уопсай үөрэхтээһини эбэтэр орто (толору) үөрэхтээһини (аттестат) кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэргэ – 7 б, орто (толору) уопсай үөрэхтээһини (аттестат) үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэргэ – 5 б эбиллэр.
58 ыйытыы: СВОШ олимпиадаҕа эбээн тыла (эвенский) биридимиэккэ миэстэлэспит оҕолор бааллара ХИФУ-ка филологическай бакылтыатыгар киирэр эрэ буоллахпына ааҕыллар дуо? Хотугу салааҕа (северное отделение) ааҕыллар дуо? 5 баал эбиллэр дуу, 10 баал эбиллэр дуу?
Хоруй: Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет оскуола үөрэнээччилэригэр олимпиадатын призера буоларгын туоһулуур дипломнаах буоллаххына, олимпиада биридимиэтэ туттарсар үөрэҕиҥ исписээлинэһигэр уонна (эбэтэр) профилыгар сөп түбэһэр буоллаҕына 5 б. эбиллэр.
59 ыйытыы: ХИФУ финансовай-экономическай институтугар орто үөрэх баар дуо?
Хоруй: ХИФУ финансовай-экономическай институтугар орто профессиональнай үөрэх суох.
60 ыйытыы: 1.СӨ тус сыаллаах ыйыытынан (целевой направление) үөрэххэ киирбит оҕо сөбүлээбэтэҕинэ эбэтэр кыайбат буоллаҕына быраҕар бырааптаах дуо? 2. Эбэтэр ити направлениенан орто үөрэххэ көһүөн сөп дуо? 3. Биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) биология, география талбыт оҕо биологическай бакылтыакка киириэн сөп дуо?
Хоруй: 1. СӨ суотугар тус миэстэнэн үөрэххэ киирбит дьон дуогабар пууннарынан эппиэтинэһи сүгэллэр. 2. Көһүү боппуруостарынан ХИФУ үөрэхтэн көһөрүү уонна төттөрү ылыы салаатыгар (отдел переводов и восстановлений) 496844 төлөпүөнүнэн билсиэххин сөп. 3. Естественнэй наукалар институттарыгар киирэргэ:
— Биология хайысхатыгар биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) маннык биридимиэттэргэ туттарар ирдэнэр: биология, математика (профильнай), нуучча тыла;
— География, Гидрометеорология хайысхаларыгар биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) маннык биридимиэттэргэ туттарар ирдэнэр: география, математика (профильнай), нуучча тыла.
61 ыйытыы: Мин орто үөрэхтээх иитээччи идэлээхпин. Ыстааһым 10 сыл. Быйыл кэтэхтэн “дошкольное отделение” үрдүк үөрэххэ киириэхпин баҕарабын. 1. Ханнык докумуоннар ирдэнэллэрий? 2. Докумуоннары быйыл ханна туталларый? 3. Босхо төһө миэстэ баар буолуой? Кэтэхтэн үөрэнэргэ төлөбүрэ сылга төһөнүй? 4. Хаһааҥҥыттан, ханнык эксээмэннэри туттаралларый?
Хоруй: Педагогическай институт Педагогическай үөрэх хайысхатыгар (Дошкольнай образование) – 20 босхо, 10 төлөбүрдээх миэстэ көрүллэр. ХИФУ бэйэтэ ыытар нуучча тылын (тестирование), обществознаниены (тестирование), профиль хайысхатынан тус сэһэргэһиини (собеседование) ситиһиилээхтик туттардаххына босхо миэстэҕэ хабыллыаххын сөп. Маныаха докумуоннаргын бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 10 күнүгэр диэри туттарарыҥ ирдэнэр. Докумуоннар: паспорт куопуйата; диплом (бэйэтэ), куопуйата; медицинскэй ыспыраапка; быһыы (прививка) сэртипикээтэ; 3х4 кээмэйдээх 4 хаартыска. Үөрэххэ киириигэ тургутуу от ыйын 11- 24 күннэригэр буолар.
Приемнай хамыыһыйа Кулаковскай аатынан уул. 42 №-дээх дьиэтигэр (Кылаабынай үөрэнэр куорпус), төлөпүөннэрэ: 49-69-62, 32-00-47, электроннай почта: pk_svfu@mail.ru үлэлиэҕэ. Тустаах үөрэх төлөбүрэ сылга 50 тыһ. солк.
62 ыйытыы: 2015 сыллаахха автодорожнай бакылтыат массыына муосталарын уонна тоннелларын тутуу идэтин (бакалавриат) бүтэрбитим. Магистратураҕа киирэргэ сананабын. Техническэй үөрэх кэнниттэн магистратураҕа атын идэлэргэ (финансист, юрист, преподаватель) киириэхпин сөп дуо?
Хоруй: Киириэххин сөп. Урукку үөрэҕиҥ профилыттан тутулуга суох магистратура ханнык баҕарар профилыгар киириэххин сөп.
63 ыйытыы: Намнааҕы педагогическай кэллиэһи бүтэрээри сылдьабын. ХИФУ киириэхпин баҕарабын. Омук тылын учууталын идэтигэр ханнык эксээмэннэри туттарабыный?
Хоруй: ХИФУ Зарубежнай филология уонна регионоведения институтугар итиэннэ филологическай бакылтыакка педагогическай үөрэххэ докумуоннары тутуохпут.
Өскөтүн Зарубежнай филология уонна регионоведение институтугар киириэххин баҕарар буоллаххына, биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) маннык биридимиэттэри туттарарыҥ наада: омук тыла, нуучча тыла, обществознание. Оттон филологическай бакылтыакка туттарсар санаалаах буоллаххына докумуоҥҥун бэс ыйын 19 күнүттэн от ыйын 10 күнүгэр диэри туттарыахтааххын. Салгыы от ыйын 11-24 күннэригэр үөрэххэ киириини тургутуу ыытыллар. Педагогическай үөрэххэ киирэргэ нуучча тылыгар, омук тылыгар, обществознаниеҕа тестирование туттарарыҥ ирдэнэр.
64 ыйытыы: Программирование өттүгэр туттарсыахпын баҕарабын. Ханна уонна ханнык үөрэхтэр баалларый?
Хоруй: Математика уонна информатика институтугар Информатика уонна вычислительнай техника (Программное обеспечение средств вычислительной техники и автоматизированных систем) хайысхаҕа докумуоннары тутуохпут. Ити үөрэххэ киирэргэ маннык ирдэнэр:
— Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн: математика – 40 б., информатика уонна ИКТ – 40 б., нуучча тыла – 40 б.
— Орто профессиональнай үөрэх (профила суох) баазатынан ХИФУ бэйэтэ ыытар маннык тургутууларын ааһаҕыт: математика — 40 б. (тестирование), информатика и ИКТ — 40 б. (тестирование), нуучча тыла — 40 б. (тестирование). — Орто профессиональнай үөрэх (профиллаах) баазатынан ХИФУ бэйэтэ ыытар маннык тургутууларын ааһаҕыт: информатика и ИКТ — 40 б. (тестирование), нуучча тыла — 40 б. (тестирование), тус сэһэргэһии (собеседование) профильнай хайысхалаах – 80 б.
65 ыйытыы: Икки сыллааҕыта атын региоҥҥа магистратураны (специалитет) бүтэрбитим. ХИФУ магистратуратыгар босхо үөрэххэ киириэхпин сөп дуо?
Хоруй: Магистр дипломнаах буоллаххына, магистратураҕа кэнэҕэски үөрэхтэриҥ төлөбүрдээх буолаллар.
Бэлэмнээтэ Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Айаал ЧЕРНОГРАДСКАЙ хаартыскаҕа түһэриитэ.