Абитуриенныын быһа сибээс

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үөрэххэ туттарсааччылар мунаарар ыйытыыларыгар көмөлөһөр сыалтан, «Саха сирэ» хаһыат М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты кытта төлөпүөнүнэн быһа сибээһи тэрийэр.

edersaas.ru

Университет педагогическай үөрэхтээһиҥҥэ проректора Михаил Федоровы, приемнай хамыыһыйа үлэһиттэрин кытта быһа сибээскэ тахсан, үөрэххэ туттарсар ыччат, төрөппүттэр, учууталлар мунаарар ыйытыыларгытыгар тута хоруйдары ылыаххытын сөп.

Быһа сибээс ыам ыйын 30 күнүгэр күнүс 12.00-13.00 чааска үлэлиир. Ыйытыыларгытын ити ыйыллыбыт бириэмэҕэ 8-4112-21-93-41 төлөпүөнүнэн эрийэн биэриҥ. Эбэтэр эрдэттэн 8-914-276-70-32 нүөмэргэ үлэ чааһыгар батсаабынан ыытыҥ.

Ыйытыыларга хоруйдары “Саха сирэ” хаһыат бэс ыйын 6 күнүнээҕи нүөмэригэр уонна edersaas.ru саайтка таһаарыахпыт.

“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0