Абитуриеннар мэдиссиинэ ыспыраапкатын хойутуу туттарыахтарын сөп
Үөрэххэ туттарсыы кэмэ чугаһаан, абитуриеннар ыйытыылара үгүс. Олортон биирдэстэринэн үөрэххэ туттарсааччылартан ирдэниллэр мэдиссиинэ ыспыраапката буолар.
Быйыл үөрэххэ туттарсааччылары, ити чааһыгар уоскутуохха сөп буолла. Атын докумуоннары сэргэ туттарыллар мэдиссиинэ ыспыраапкатын үөрэххэ киирэн баран туттарыахха сөп. Ити туһунан, “Саха” НКИХ ханаалыгар быһа сибээскэ тахсан, Саха сирин үс сүрүн үрдүк үөрэҕин кыһаларын ректордара иһитиннэрдилэр.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет
Ол курдук М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора Анатолий Николаев: “Абитуриеннар поликлиникаларга баран уочараттаан олорботторун туһугар, биһиги мэдиссиинэ ыспыраапкатын үөрэххэ киирбиттэрин кэннэ ыларга быһаардыбыт. Биллэн турар, бу түгэҥҥэ абитуриент мэдиссиинэ ыспыраапкатын хойутуу аҕалары мэктиэлиибин диэн сайабылыанньа суруйуохтаах”, — диэн хоруйдаата. Санатан эттэххэ, ХИФУ докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн тутар.
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет
Өскөтүн атын университеттар үөрэххэ туттарсыы докумуонун бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалыыр эбит буоллахтарына, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай аргротехнологическай университекка (уруккута ЯГСХА) номнуо бэс ыйын 15 күнүттэн ыытыаххытын сөп.
“Биһиги, абитуриеннар докумуоннарын туттаралларыгар үлэлииргэ табыгастаах буоларын туһугар дьаныһабыт. Бастакытынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Мои документы” тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсибиппит. Онно олоҕуран, бары улуустарга “Мои документы” тэрилтэтэ абитуриеннартан докумуоннарын тутуоҕа. Иккиһинэн, университеппыт саайтын нөҥүө докумуоннарын ылабыт. Маныаха анал бырагырааманы үлэлэттибит. Үсүһүнэн, электроннай буоста нөҥүө эмиэ тутар хамыыһыйа докумуоннары ылыаҕа.
Мэдиссиинэ ыспыраапкатын оҕо үөрэххэ киирбитин кэннэ биирдэ ирдиибит”, — диэн ректор Иван Слепцов быһаарда.
Култуура уонна искусство Арктикатааҕы судаарыстыбаннай университета
АГИКИ докумуону бэс ыйын 19 күнүттэн эмиэ электроннай ньыманан тутан саҕалыыр былааннаах. Ректор Саргылаана Игнатьева: “Айар идэ хайысхаларыгар туттарсар абитуриеннар докумуоннарын атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри, онтон биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн эрэ киирээччилэр атырдьах 17 күнүгэр диэри туттараллар. Биһиги мэдиссиинэ ыспыраапкатын ирдээбэппит.
Айар дьоҕуру көрүү (творческие испытания) эксээмэн хайдах барара билиҥҥитэ биллэ илик. РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков иһитиннэрбитинэн, РФ култуураҕа министиэристибэтин кытта, айар эксээмэни очно (абитуриент бэйэтэ кэлэн) туттарарын курдук боппуруоһу үөрэтэ сылдьаллар. Табыллыбатаҕа, биллэн турар, дистанционнай ньыманан тутарга бэлэммит”, — диэн кэпсээтэ.
Онон абитуриент докумуонун биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) иннинэ мэдиссиинэ ыспыраапката суох туттарыан сөп. Күһүн, үөрэххэ киирбитэ билиннэҕинэ аҕалара көҥүллэнэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru