Үөр буолбуттар

Ааптар: 
27.02.2017
Бөлөххө киир:

Саха итэҕэлинэн үөр диэн айыы киһитин сиир абааһыны ааттыыллар. Үксүн орто дойдуга олоро кэлбит киһи куһаҕаннык өллөҕүнэ, эрдэ суорума суолланнаҕына, киһи илиититтэн өллөҕүнэ эбэтэр бэйэтэ киһи тыыныгар турбут буоллаҕына үөр буолар. Үөрү, абааһыны киһи куһаҕаҥҥа, ыалдьаары, өлөөрү гыннаҕына көрөр дииллэр. Былыр биһиги өбүгэлэрбит куһаҕаннык өлбүт киһи үөр буолбатын диэн, араас сиэри-туому тутуһаллар эбит. Айыы киһитин үөр буулаатаҕына, киһи олоҕо олох буолбат, алдьанан-кээһэнэн барар. Ол курдук үөр буолбут дьон тустарынан былыргы үһүйээн аата-ахсаана суох үгүс.

Бастакы түбэлтэ
Былыр, уон тохсус үйэ саҕаланыыта, олоро сылдьыбыт сэниэ ыал туһунан маннык үһүйээн баар. Бу ыал эбэлэрэ, бүдүгүрэ кырдьыбыт Алтахтыыр Алааппыйа биир күн дьиэлээхтэр суохтарына хотонугар тахсан, моҥнон өлбүт. Өлүөн иннинэ бу эмээхсин мэнэрийэн, кутуран тииһигирэр идэлэммит. Тииһигэ киирдэҕинэ: «…арҕаа диэкиттэн ааһан иһэр абааһы аймаҕым бардыбыт диир даа…» — диэн тыллаһар эбит. Бастаан дьоно аахайбакка гынан баран, кэлин куттанар буолан барбыттар уонна чугастан биир соччо-бачча үөргэ, абааһыга сыһыана суох ойууну көрдөһөн-ааттаһан кыырдарбыттар. Ойуун кыырбыт да, буулаабыт абааһыны кыайан үтэйбэтэх. Ити кэннэ дьиэлээбит, тиийэн суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар гына ыалдьыбыт. Оттон эмээхсини үөр бэйэтигэр тиийиннэрэн илдьэ барбыт. Ойуун көрүүлэммитинэн, бу ыал урут бэйэтигэр тиийиммит чугас уруулара киһи сиэр-туом быһыытынан харайыллыбакка үөр буолбут уонна бэйэтин сыдьаанын илдьэ барбыт үһү.

Эмээхсин уҥуоҕа
… Сонун көхсө алдьаммытынан хаар киирэн аһаҕас бааһыгар түһэн ууллара, күһүҥҥү тымныы салгын саба үрэн ааһара этин ыарыытын мүлүрүтэргэ дылыта…
Дьулус төһө өр бу курдук аһаҕас халлааҥҥа сыппытын өйдөөбөт. Көхсүн бааһын хаана сонун илдьиркэйигэр сыстан хаалбыта. Хамсаннаҕын аайы хайа баран, сылаас хаан куругар диэри халыйара. Соҕотоҕун тайахтыы тахсыбыта ый аҥаарын курдук буолуута, тайах сэмнэҕин сии сытар эһэҕэ түбэспитэ…
Өйөнөн туран, хайа да диэки барыан буккуллар. Дэриэбинэттэн сүүрбэччэ көстөөх сиргэ сылдьар. Ол туран аҥаар буутун эһэ хайа тарпытын арыйан көрөр. “Хата, халымыр соҕустук таарыйбыт”, – диэн үөрээхтиир.
Ырбаахытынан буутун бобо баанаары сонун устуон баҕарбыта, көхсүн бааһа ырбаахытыгар хам сыстан хаалбыт этэ. Ыарыыта бэрдиттэн сатаан устубат. Быһаҕын туттан көрбүтэ, хата, барахсан, баар эбит! Сонун тас бүрүөһүнүн хайыта быһан, буутун баанар.
“Олорбутунан өлүөм суоҕа, саатар инним диэки дьулуһан иһэн, умса баран түһэн өлүөм!” – диэн кытаанахтык быһаарынар. Ол санаатыттан бэйэтэ бэйэтин тэптэрэн, санаата көтөҕүллэн кэлэр.
Хаппыт титириги тайахтанан, Дьулус иннин диэки атах балай барар. Хаары хаһан тоҥмут отону уулуун-хаардыын хачыгыратар. Сотору-сотору сынньанан сэниэ эбиммитэ буола-буола, ойуурга сырдаан көстөр сир диэки дьулуһан иһэр. Ол сырдаан көстөр сирдэрэ маар, сиикээн буолан хомотор.
Хаампыта үһүс күнүгэр, киэһэлик, эмиэ аһаҕас сир көстөр. Улахан тииттэр ойуур үрдүнэн хороһон туралларын көрөр. Борук-сорук буолуута кыра өтөххө тахсан кэлэр.
Өтөх ортотугар туруорбах балаҕан баарыгар киирбитэ, дьон олорорун курдук иһит-хомуос баар, оннооҕор оһох аттыгар мас кыстаммыт. Аччыктаабыт киһи көмүлүөк оһох кытыытыгар алтан иһит турарын өҥөйөн көрбүтэ, урут хаһан эрэ өрдөөҕүтэ собо миинэ турбут быһылааҕа. Улахан соболор тыытыллыбакка, уҥуохтара килбэһэн сыталлара.
Сиигирэн хаалбыт испиискэни булан, улахан эрэйинэн бэлэм маһынан уот оттор. Кыра балаҕан иһэ биирдэ сииктээх баанньык иһин курдук буола түһэр. Сылааһы билбэтэҕэ ырааппыт киһи мас ороҥҥо төбөтүн даҕайаат, утуйан хаалар.
Балаҕан таһыгар киһи этэрбэһин тыаһа хоочугураан-куучугураан кэлэн, туох эрэ ыараханы сиргэ уурар тыаһа иһиллэр. Дьулус туран ааны арыйа баттаабыта, эмээхсин кэлэн турар эбит. Аттыгар улахан тымтайга собо мөхсөн килэбэчийэр. “Балаҕантан таҕыс!” диирдии илиитинэн далбаатыыр. Уол таһырдьа тахсыбытыгар, эмээхсин саҥата суох кэлбит сирин диэки, субу охтон түһүөх курдук, хааман онньоҥолоон барар. Дьулус кимин-тугун билээри ыйыталаһа сатыыр да, эмээхсин саҥарбат. Кэннин да хайыһан көрбөт. Тыла суох буоллаҕа дуу диэн, иннигэр сылдьан илиитинэн кэпсэтээри хаамыытын түргэтэтэ сатыыр да, эмээхсин ситтэрбэт. “Атаҕым ыалдьыбата буоллар” дии саныы-саныы эмээхсини батыһан иһэр.
Кыратык бара түспүттэрин кэннэ, күүстээх тыал түһэр. Дьулус охто сыһар, эмээхсин хаампытын уларыппат. Хаалаары гыммытыгар эрэ, эмээхсин кыратык тохтуу түһэн ылар. Тыаллаах хаар быыһынан көрдөҕүнэ, улахан үрэххэ киирэн тураллар эбит этэ. Эмээхсин үрэх сыырын таҥнары түһэн, көстүбэт буолан хаалар. Уол үрэххэ чугаһаан кэлэн көрбүтэ, аллараа сыыр тэллэҕэр тиийбэккэ эрэ, эмээхсинэ охто сытар тииккэ сынньана олорор. Балаҕаҥҥа аҕалбыт тымтайын курдук тымтай аттыгар турар.
Эмээхсин тымтайын кыайымына көмөлөһүннэрээри ыҥырбыт диэн үрэх сыырын түһэн иһэн, силистэн иҥнэн охтор уонна… уһуктан кэлэр.
Сылаас балаҕаҥҥа утуйан, сынньанан турар. Туран таһырдьа тахсыбыта, күн номнуо киэһэрэн эрэр эбит. Түүлүгэр көрбүт аартыга үүт-үкчү буолан соһутар. Куттаннар да, ол суол омоонун батыһан, чахчы, үрэх үрдүгэр тииийэр. Сыыр тэллэҕэр охто сытар тиит аттыгар туох эрэ хаарынан бүрүллэ сытарын көрөн, өссө куттанар.
Дьулус бу үрэҕи батан, дьонноох сири булан быыһанар. Оттон тиит төрдүттэн түүлүгэр киирбит эмээхсин уҥуоҕун булан, балаҕан аттыгар таһааран көмөр.
Бу олоххо туох барыта сибээстээх дииллэр. Эһэни кытта өлөрсүбэтэҕэ буоллар, эмээхсин уҥуоҕа төһө уһуннук сир-халлаан икки ардыгар сытыа биллибэт этэ…

Үһүс түбэлтэ
Айан суолун кытыытыгар олохтоох ыал мааны кыыстара, эргэ барар сааһын ситэн баран эмискэ ыалдьан өлөн хаалар. Төрөппүттэрэ хаарыаннаах күҥҥэ көрбүттэрин аһыйан бэркэ ытаабыттар-соҥообуттар. (Сахалар киһи өллөҕүнэ, мээнэ айманары, ытыыры-соҥууру буойаллар этэ. “Өлүөхсүт дууһата чугас дьоно наһаа хараастарыттан барыахтаах сиригэр барбат» диэн буолара.) Эргэ барбакка эдэр саастарыгар суорума суолламмыт кыргыттар орто дойдуга үөр буолан сылдьаллар үһү. Бу кыыс кутун сир ийэ ылбакка үөр буолан айан дьонун куттуур идэлэммит. Ордук ойоҕо суох, сулумах дьон бу суолу быһа охсон ааһалларыттан куттаналлар эбит. Биирдэ орулуур отут сааһыгар диэри ойох диэни билбэтэх Көстөкүүн Сүөдэрэп диэн киһи, өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, суолуттан туораан, чуо бу сиринэн ааһар «дьолломмут». Кыыс үөрүн туһунан бу киһи син үһү-таамах курдук истэрэ эбитэ үһү да, соччо суолта биэрбэккэ маҥан чуоҕур атынан аа-дьуо айаннатан испит. Арай ол айаннатан истэҕинэ ата туохтан эрэ сиргэнэн, иҥэрсийэн ыла-ыла өрө мөхсөн барбыт. Көстөкүүн атын мөҕө иһэн, кэннигэр киһи мэҥэстибитин курдук ыйааһыннаах туох эрэ олорсон иһэрин билбит. Сэрэнэн, хайыһан көрбүтэ, бэрт мааны таҥастаах-саптаах кэрэ бэйэлээх кыыс оҕо кырыыбалыы олорон, мэҥэстиһэн иһэр эбит. Көстөкүүн, төһө кыалларынан билбэтэҕэ буола-буола, атын ыксатан, кымньыылаан ыла-ыла бөтөрөҥнөтөн испит. Ол курдук төһө өр айаннаабыта эбитэ буолла, хонук ыалыгар тиийэн туох буолбутун дьиэлээх оҕонньорго аргыый сипсийэн кэпсээбит. Анарааҥҥыта атын айылгылаах ойох буолан сүктэн кэлбитин сэрэйбит уонна эдэр киһини ойуунунан үтэйтэрэригэр сүбэлээбит. Ити кэпсэтии итинэн хаалбыт. Көстөкүүн ойууннана-таймалана барбатах. Кэлэр сылыгар улаханнык ырбыт-дьүдэйбит, бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах киһи саҥатыттан маппыт. Ол курдук уонтан тахса сыл олоро сатаан баран, моҥнон өлбүт. Олорбутун тухары кэргэн ылыахтааҕар буолуох дьахтар диэҥҥэ ончу чугаһаабатах.

«ВКонтакте» сайт «Иччилээх кэпсээннэр» бөлөхтөрүттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0