1998 с. саас Майаттан I Төҥүлү диэки 12 км сиргэ, суол кытыытыгар «Анабы» диэн обургу алааска 5-6 дурда сытар уу тахсыбытыгар иккиэ буолан, дурда туттан кустуу сыппыппыт. Ыам ыйын 16 күнүн сарсыарда 7 чаас саҕана арҕаа диэкиттэн күөлү ортотунан сүүнэ улахан маҥан туруйа аргыый налыҥнаан кэлэн, илин бас кытыыга түстэ. Түһэригэр икки кынатын төбөтө харалааҕын көрөн тута биллим, бу — кыталык. Бинокль ылан көрбүппүт тумса, атаҕа кыһыл , кылбаа маҥан, сөҕүмэр улахан кыыл, хартыынаҕа уруһуйданар кыталык бэйэтинэн олорор. Бу алаас былыр-былыргыттан улахан көтөрдөр таарыйар сирдэринэн биллэрэ. Ол курдук, 5-6 сыллааҕыта биир куба сайыны быһа сылдьыбыта. Ону сололоох дьон барыта, оҕолуун-уруулуун Майаттан тиийэ баран көрөллөрө. Бу өйдөөн көрдөххө, алааспыт кырдьык даҕаны кэрэ айылҕалаах сир эбит. Алаадьы курдук төп-төгүрүк сыһыы кыраабылынан кичэйэн ыраастаабыт курдук ып-ыраас хонуулаах. Массыынанан тула айаннаатахха, төрдүс скороһынан чааска 60-70 км ханан баҕарар холкутук сүүрдэҕин. Онно, туох да омуннааһына суох, биир да охсуу-быллаар суох дойдута. Ол курдук көнө хонуулаах, ыраас ньуурдаах сир. Мин дойдум буолан билэбин, ханнык да ыраастааһын, дэхсилээһин үлэтэ ыытыллыбатаҕа, айылҕа бэйэтин дьоһуннаахай оҥоһуута.
Ол да иһин былыр-былыргыттан кыталык кыыллар кыраһыабай, көнө ньуурдаах кырдалларга көччүйэн, сынньанан ааһалларын туһунан истэрим. Кыталыкпыт холкутук туттан, хааман дуоҕаҥныыр, умса түһэн тугу эрэ аһаабыта буолар. Бөкө с. баһылыга Спартак Титов «УАЗик» массыынанан сүүрдэн киирэн, 50-60 миэтэрэ чугаһынан кэлбитигэр көттө. Эмиэ күөлү үрдүнэн налыҥнаан, арҕаа баска баран түстэ. Урут-уруккуттан кыталыгы дьоллоох дьон эрэ көрөллөр диэн этэллэр.
Ол курдук, биллиилээх Кыталык Уйбаан ыарыһах уолчаан сылдьан кыталыгы көрөн үтүөрбүтэ диэн кэпсээн баар. Оннук сэдэх уонна дьикти көтөрүнэн биллэр. Оннооҕор үйэлэрин тухары бултаабыт дьонтон биирдэ да түбэһэн көрбөтөх киһи элбэх. Холобур, ити алааска уонтан тахса киһи сытарыттан түөрт киһи эрэ көрдө, сорохтор үлэлии дьиэлэригэр барбыттара, сорохтор дурдаларыгар утуйа сыталлара. Биһиги кыталыгы көрбүт дьон, үөрэн-көтөн дурдабытыттан тахсыбыппыт. Мин массыынам диэки куулаҕа барбытым, табаарыһым Егор Спиридонов өссө чугастан көрүөм диэн эргэ дурданан хаххаланан, үөмэн тиийэн 30-ча миэтэрэ чугастан биноклынан өссө дуоһуйа көрдө. Киһим хаххатыттан тахсан, тура хааман кэлэригэр кыталыкпыт илин бас диэки халдьаайынан көттө. Мин түстэҕинэ, массыынанан сүүрдэн тиийэн чугастан көрүөм диэн ханна түһэрин көрөөрү одуулаһан турдум. Кыылым сиртэн 10-ча миэтэрэ үрдүгүнэн көтөн иһэн халдьаайыга биир дурда үрдүгэр тиийээт, кынаттарын бокуойа суох сапсынан талыбырайа түстэ. Кутуйахсыт хонууну үрдүнэн тэлээрэ сылдьан, салгыҥҥа талыбырыы турарын курдук, эбэтэр хопто балыкка түһээри уу үрдүгэр талахачыйарын курдук кыталыгым салгыҥҥа кынаттарынан тэлибирии туран симэлийдэр-симэлийэн, сүттэр-сүтэн, букатын суох буолан хаалла. Көрөн туран, бэри диэн бэркиһээтим. Гошам күөл диэкиттэн миэхэ утары иһэрин хаһыытаатым: «Гоша! Кэннигин хайыһан көр эрэ, ити утары халдьаайыга турар дурда үрдүнэн кыталык көстөр дуо?». Киһим тохтоон кэннин хайыһан көрбөхтөөт: «Ханан түспүтэй? Кыталык баарын көрбөппүн». «Ити утары дурда үрдүгэр көтөн иһэн, көрөн турдахпына сүтэн хаалла», – диибин. «Эс, хайдах сүтэн хаалыай? Көтөн ити халдьаайы тыа үрдүнэн бардаҕа дии», – диэн кыһалҕата суох эппиэттиир. Дьэ кырдьык, ким итэҕэйиэй? Бэйэбиттэн ураты биир да киһи көрбөтө.
Аляскаҕа баар 80 киилэ ыйааһыннаах, биир киһи уйуктаах кыракый сөмөлүөтү санатар сүдү улахан көтөр 400 миэтэрэ тэйиччиттэн харахпын чыпчылыйбакка да көрөн турдахпына, салгыҥҥа симэлийэн сүтэн хаалан бэри диэн бэркиһэттэ, сөрү диэн сөхтөрдө. Бу тугуй? Айылҕа биир сөҕүмэр дьикти түбэлтэтэ.
Оҕо сылдьан кырдьаҕастар кэпсииллэрин истэрим. Ол курдук, хас эмэ үйэлэр тухары дьиҥнээх олохтон мунньуллубут араас түбэлтэлэртэн сэдиптээн, бу кыылга муҥура суох сүгүрүйэллэрин уонна куттаналларын, эбэтэр саҥата суох махтаналларын. Сорохтор саалана сылдьан алҕас ытан өлөрөн кэбистэхтэринэ, ол дьону ханнык эрэ биллибэт күүс уодаһыннаахтык иэстэһэрин туһунан элбэх түбэлтэлэри кэпсииллэрэ. Кырдьык да, көтөн истэҕинэ маҥан туруйаттан киһи арааран билиэ суох курдук. Онон былыргы дьон маннык көтөргө сааҕытын туһаайымаҥ диэн кытаанахтык боболлоро. Ити курдук, былыргы сахалар өйдөбүллэринэн кыталыктары таҥара ыыппыт аанньалларынан, ол эрээри атаҕастаатахтарына аһынары билбэт абааһылаах кыылларынан ааттыыллара.
Мин былыр кыра оҕо сырыттахпына, Бүөтүккэ оҕонньор кэпсээбитин өйдөөн кэлэбин. «Кыталык абааһылааҕа саарбахтаммат, ол курдук, көрөн турдаххына борооску буолан хаалар, эбэтэр убаһа, тый буолан кубулуйар үһү», – диэбиттээҕэ. Ол эрээри «үһү» диэн тылынан эбитэ дуу, итэҕэйбэтэҕим. Оттон билигин илэ харахпынан итэҕэйэн, сүтэн хаалбытын туһунан сурукка тистим. Хойутун хойут, баҕар, биир эмэ киһи манныгы көрүөҕэ. Мин 1962 дуу, 1963 дуу сыллаахха кыталык туһунан тэлэбиисэргэ Москубаттан биэриини көрбүтүм. Ким кэпсээбитин өйдөөбөппүн. Онно мин өйдөөн хаалбытым маннык: «Кыталык ахсаанынан аан дойду үрдүнэн 200-тэн эрэ тахса. Саха сирин туундаратыгар сымыыттыыр. Кыталык диэн туруйа бииһин ууһа, туруйа элбэх көрүҥнээҕиттэн кини биир туһунан көрүҥ. Кубалар, туруйалар хас эмэ мөлүйүөнүнэн ахсааннаах буоллахтара дии. Кыталыктар олус сэдэхтик оҕолоноллор. Паара буоллахтарына, олус бэриниилээхтэр, үйэлэр тухары кэргэннии дьон курдук бииргэ сылдьаллар. Өскөтүн биирдэрэ өллөҕүнэ, атына хаһан даҕаны иккиһин паара булуммат, эбэтэр аһыытыттан үөһэттэн үлтү түһэн өлөр үһү. Кыталыктар айылҕаттан туһунан ураты оҥоһуулаахтар. Ол курдук, олус ыраас, кыраһыабай, өйдөөх уонна дьикти, олус күүстээх гипнозтаахтар. Харамай барыта гипнозтаах буолан баран, кинилэр киһи өйдөөбөтөх өттүнэн дьайар дьоҕурдаахтар». Мин ол биэриини ити курдук өйдүүбүн. Онтон 1996 дуу, 1997 дуу сыллаахха хаһыакка уонна сурунаалга Япония биир учуонайа көрдөрбүтүнэн туран салгыҥҥа хас да мүнүүтэ көстүбэт буола сүтэн хаалар аппарааты оҥорбутун туһунан суруйбуттарын аахпытым. Кыталык ити аппараат дьайыытыгар маарынныыр айылҕаттан ылбыт дьикти дьоҕурдааҕа буолуо дуо?
Федор Колосов, батсаап бөлөҕүттэн.
Ааптар арпагырааппыйата уларыйбата.