Абааһы уола илэ бэйэтинэн көстүбүт

Ааптар: 
20.03.2018
Бөлөххө киир:

Бу Дьокуускайга сүүрбэччэ сыллааҕыта чахчы буолбут түбэлтэ.

Кыһын сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр, эдэр кыргыттар биһилэх көрөр аатыгар барбыттар. «Куһаҕан, аньыы. Ол-бу куһаҕан тахсар кэмэ. Көрүмэҥ», — диэн дьон-сэргэ истэн буойа, сүбэлии сатаабыттарын эдэрдэрэ бэрт буолан аахайбатахтар.

Наташа кэргэннээх, оҕолоох-уруулаах, дьиэлээх-уоттаах. Маня Наташалаах аймахтара, үөрэҕин саҥа бүтэрбит эдэркээн кыыс. Кинилэргэ олорбут (Кыргыттар ааттара уларытылынна).

Наташа кэргэнэ оҕолорун тыаҕа эбээлэрин аахха илдьибит, онно дьонугар көмөлөһөн хас да күн хонуохтаах эбит. Ол күнү кэтэһэн туран кыргыттар биһилэх көрөргө быһаарыммыттар. Кэтэспит күннэрэ дьэ үүнэн, түүнү быһа биһилэх көрө сатаабыттар. Түүн биир-икки саҕана Наташата: «Чэ, син биир туох да көстүбэт эбит», — диэн аккаастаммыт. Оттон Манята түүнү супту кэтээбит.

Арай, ол олорон уочараттаах көрүүтүгэр, соһуйуон иһин, биһилэҕин ортотугар ардьайбыт айахтаах, уһуктаах кулгаахтаах, кып-кыһыл харахтаах, сүүһүгэр муостаах, били, олоҥхоҕо ойууланар абааһы уола илэ бэйэтинэн көстөн кэлбит. Этин бүтэй уҥуоҕа, уҥуоҕун бүтэй силиитэ көстөр кылбаа маҥан кырасыабай бэйэлээх эдэркээн Маняны ымсыырбыт уоттаах хараҕынан дьөлө көрө-көрө күлэн ардьаҥнаабыт, мичээрдээтэҕэ буолан ыттаҥнаабыт. Маня эрэйдээх улаханнык соһуйбут, уолуйбут. Кини ити кэмҥэ холбоһуох буолбут доҕор уоллаах эбит. Бука, кинини көрүөм диэн санаахтаатаҕа.

Эдьиийин Наташаны ыҥырбытыгар, абааһы уола биһилэхтэн сүтэн хаалбыт. Наташа дьиктиргээн, ыстакааннаах ууну ньуосканан булкуйа-булкуйа биһилэҕи көрө сатаабыт да, туох да көстүбэтэх. Чочумча буолбакка, аны Маня төттөрү ылан көрөрүн кытары, эмиэ бу ардьайбытынан көстөн кэлбит. Өссө такыр тарбаҕынан кыыһы ыҥырбыт. Маня уҥуоҕа-сүһүөҕэ халыр босхо барыар диэри куттаммыт уонна Наташаҕа «бу олорор ээ» диэн ууммутугар эдьиийэ көрбүтэ, дьэ, күүтүллүбэтэх күтүр илэ бэйэтинэн олорор аҕай үһү ээ. Манныгы эрэ көрүөхпүт диэбэтэх кыргыттар, адьас улаханнык куттаммыттар. Туох баар чүмэчилэрин барытын сабыта үрэ охсубуттар, уоттарын холбообуттар. Сол түүн оннук уоттаах-күөстээх утуйбуттар. Билэр дьонноругар ити туһунан кистии-саба кэпсээбиттэр. Чугас дьонноруттан сэмэлэммиттэр.

Ити сыл сайын диэки, Маня били таптыыр уолугар кэргэн тахсаары сылдьан, эмискэ ыалдьан, нэдиэлэ эрэ буолаахтаабыт.

Маня ити биһилэҕи көрбүтүн туһунан барытын истибит, тыа сиригэр олорор эдьиийэ Света, Маня ыарахан туруктаах сыттаҕына, сүр тыастаах-уустаах улахан холорукка эрийтэрбит. Ол маннык буолбут. Света Маня туругун ыйыталаһан баран, дьиэтигэр төннөн истэҕинэ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, сүр улахан тыастаах холорук ситэ баттаан кэлбит. Светаны үлтү сөрөөн ылан, бокуойа суох эрийбитинэн барбыт. Света биирдэ өйдөөбүтэ, холорук ортото сып-сылаас, куугунас тыастаах үһү уонна кумаҕынан сирэйин таһыйар курдук эбит. Онно хараҕын арыйа баттаабыта, арай доҕоор, ынырыктаахай харах бу кинини көрдө көрбүтүнэн эргийэ сылдьар үһү. Көрбүтүн иһин буоллаҕа эбитэ дуу, Светаны ылбыт да, туох эрэ күүс сүр күүскэ ыраах эһэн кэбиспит. Света ити күн дьиэтигэр тиийэн улаханнык ыалдьан сыппыт. Оттон балта Маня күн сириттэн бараахтаабыт. «Кэлин өйдөөбүтүм, били, балтым биһилэххэ көрбүтүн кэпсээбит хараҕа ол холорукка баар эбит», — диэбитэ ону Света.

Арай, кыргыттар биһилэх көрбөтөх буоллуннар…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0