Абаҕа ыанньыксыттара 70-80 тыһ. солкуобай хамнастаахтар

Бөлөххө киир:

Амма Абаҕатыгар урукку сопхуостан ордон хаалбыт тэриллии — “Илгэ” ХЭУо кэлиҥҥи сылларга үлэтинэн-хамнаһынан өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр хаһаайыстыбаларын кытта тэҥҥэ тардыалаһар кыахтанна.

Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru

Быйылгы кыстыкка 503 ынах сүөһүлээхтэриттэн ыанара – 221 төбө. Балартан 120-тэ иллэрээ сыл тутуллубут аныгылыы оҥоһуулаах хотоҥҥо бааллар. Манна мааныланар “үрүҥ” эрэ ынахтар тураллар.

Хаһаайыстыба салайааччыта Василий Тимофеев билиһиннэрэринэн, ааспыт күһүн атырдьах ыйыгар Алтайтан симментал боруода 100 тиҥэһэ сүөһүнү атыылаһан тиэйэн аҕалбыттар. Олор саҥа сылга диэри, кыра сүтүктээх да буоллар, сүүс бырыһыан төрөөбүттэр: биир тиҥэһэ игирэлэнээри бэйэтэ кыайан быыһамматах, иккис тиҥэһэ өлбүт оҕону төрөппүт. Инньэ гынан, син биир сүүстэн сүүс ньирэйи ылбыттар.

Бургунастар билигин күн аайы 15-тиигэ тиийэ лиитирэ үүтү биэрэ тураллар. Ситтэхтэринэ-хоттохторуна үрүҥ илгэни биэрбэхтииһилэр.Дириэктэр этэринэн, хаһаайыстыба үлэһиттэрин орто хамнаһа – 34 тыһ. солкуобай. Оттон ыанньыксыттар мантан икки бүк элбэҕи ылаллар эбит. Бу саҥа хотоҥҥо 4 ыанньыксыт 30-туу ынаҕы аппараатынан ыыллар. “Барыта Алтай бургунастаахтар ыйга 70-нуу, 80-нуу тыһ. солкуобайга тиийэ аахсабыт”, — диир бэтэринээр-биэлсэр идэлээх гынан баран, хаһаайыстыбаҕа 2004 сылтан ыанньыксыттыы сылдьар Лилиана Анисимова.

Атын хаһаайыстыбалар Абаҕа ыанньыксыттарыгар ымсыыраллара баа буолбатах. Аммалар быйыл Алтайтан өссө 200 тиҥэһэни атыылаһан, улахан хаһаайыстыбаларын күүһүрдэргэ былаанныыллар. “Алтайкалар” кэллэллэр эрэ үүт үрүлүйэ түһүөн курдук саныырга кэрэгэй. “Илгэ” ХЭУо үүт ыама үрдүүрүн бурдугу, сүөһү аһылыгын үүннэриинэн анаан дьарыктанар салаалаах буолан ситистэ. «Абаҕа» ХЭУо уолаттара кыстыкка анаан 1 тыһ. туонна сиилэһи укпуттара уонна кинилэр үүннэрбит, хомуйбут туорах бурдуктарын кырбаан, хааһылаан сиэтэллэрэ сүөгэйгэ-арыыга кубулуйан, аллан тахса турар.

Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru

Мария Васильева (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0