Аатырбыт сылгыһыт Гаврил Семенов сылгыны булгуччу эбии аһатарга сүбэлиирэ

Бөлөххө киир:

Сылгыны эбии аһылыкка хаһан киллэриллиэхтээҕий? Туох сылгыны мааныланарый? Өрөспүүбүлүкэ чулуу сылгыһыта, Россия тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, икки Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанын кавалера, Амма улууһун ытык киһитэ Гаврил Михайлович Семенов сылгыны аһылыкка киллэрэргэ хайдах-туох дьаһанар туһунан эдэр сылгыһыттарга маннык туһалаах сүбэлэри өрүү биэрэр буолара:

edersaas.ru

– Сылгы аһылыгын бэйэтэ булунарын, хаһан аһыырын таһынан хайаан даҕаны эбии аһылыктаах буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, биһиги сылгыга кыһыннары-сайыннары тото-хана аһыырыгар толору эппиэттиир мэччирэҥ сирин оҥорон биэрэр кыахпыт ханан да суох итиэннэ дьиҥин эттэххэ, онно табыгастаах сир-уот даҕаны кыараҕас. Онон сылгыга анаан туорах бурдук уонна от мэлдьи баар буоларын хааччыйыахтаахпыт.

Сылгы аһылыкка мээнэ киирбэт. Ол дьылыттан тутулуктаах. Кураан, хаһыы мөлтөх дьылыгар сылгы эрдэ аһылыкка киирэр. Оччоҕуна от дэлэйдик оттоммотох, бурдук үүммэтэх буоллаҕына, сылгыны иитиигэ улаханнык оҕустарыахха сөп. Биһиги бэлэмниир сүрүн аһылыкпыт – от уонна бурдук эрэ. Дулҕаны, талаҕы кырбаан, ону аска кубулутан, сылгыны аһатар диэни билбэт дьоммут.

Куһаҕан дьыл буолла даҕаны, уулаах сааһырбыт биэлэр улаханнык ырыганныыллар. Онон сылгы букатын быһа түһэ илигинэ аһылыкка киллэриллиэхтээх. Быһа ырбыт сылгыны аһылыкка киллэрэн, төһөлөөх даҕаны аһаппытыҥ иһин, көнөн-өрүттэн барааччыта суох. Этэргэ дылы, арыынан аһатан даҕаны абыраабаккын. Онон сылгы куҥнаах эрдэҕинэ аһылыкка киллэриэххэ наада.

Ордук тиҥэһэ сылгы хотторумтуо. Сылгы тиҥэһэтигэр тииһиир. Онон тииһиир кэмигэр улаханнык оҕустарар, атын бөлөх сылгылардааҕар дөбөҥнүк ырыганныыр, аһылыкка наадыйар. Улахан тымныылар саҕана иккилии нэдиэлэ кэриҥэ сылгы хайаан даҕаны аһыахтааҕын туһунан учуонайдар да суруйаллар, кырдьаҕастар да сүбэлиир буолаллара. Уһун сыллаах үлэм үөрүйэҕэр олоҕуран эттэхпинэ, ол саамай сөптөөх эбит.

Биллэрин курдук, ханнык баҕарар дьылга сылгы муус устартан аһылыкка киирбитинэн барар. Биэ ыам ыйыгар күргүөмнээн төрүүр. Кулун тутарга, муус устарга төрөөччү аҕыйах. Төрүөх кылгас кэмҥэ түмүктэнэр. Сорох үөргэ күҥҥэ үстүү-түөртүү биэ төрүүр. Кулун тутартан саҕалаан ыам ыйыгар тиийэ соһон-сыһан төрүүр биэлэрдээх үөр эмиэ баар буолааччы. Ол атыыр хатылыырыттан уонна көҕүйэриттэн тутулуктаах.

Түмүктээн эттэххэ, сылгыны аһылыкка туруоруу булгуччулаах. Ханнык баҕарар сылгы наар хаһыынан дуу, мэччирэҥинэн дуу муҥурданыа суохтаах. Эбии аһылыктаах сылгы туруга хаһан баҕарар үчүгэй буолар. Оттон туруктаах буолла даҕаны – төрүөх баар, ол аата Дьөһөгөй оҕото уутуйан үөскүүр кыахтанар.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0