Кэрэ эйгэтин, чуолаан, саха балетын сэргээччилэр өйдүүр буолуохтаахтар, 1987-1988 сылларга оччолорго Музыкальнай тыйаатыр сыанатыгар Анжелика Ерюхина диэн кэрэ, нарын-намчы бааһынай кыысчаан чаҕылхай сулус курдук күлүмнээн ааспытын. Ол саҕанааҕы хаһыаттар Анжелика Борис Матвеевтыын балет артыыстарын Бүтүн Сойуустааҕы куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттарын туһунан элбэхтик суруйбуттара. Ол кэнниттэн прима-балерина харах далыттан сүппүтэ.
Бүтүн Арассыыйатааҕы “Стерх” балет бэстибээлинэн сибээстээн, ааспыт кэм “сулуһун” социальнай ситимнэр нөҥүө буламмыт, үҥкүүһүт кыыс дьылҕата хайдах салаллыбытын билистибит… Анжелика Сергеевна кэпсээнин истиэҕиҥ.
Төрөппүттэрим
— Аҕам Сергей Алексеевич Ерюхин Архангельскай уобаластан төрүттээх киһи этэ. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланаатын кытта, 1941 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Холмогоры диэн сиргэ күн сирин көрбүт. Тутуу инженердэрин үөрэтэр институту бүтэрээтин кытта, кинини Дьокуускай куоракка үлэҕэ ыыппыттар. Дьэ манна кини мин ийэбин Надежда Николаевна Миронованы көрсөр.
Ийэм 1943 сыллаахха Эдьигээн оройуонугар төрөөбүтэ. Дьокуускайга устудьуоннуур кэмигэр холбоһон, ыал буолаллар. Ийэм Саха судаарыстыбаннай университет омук тылларыгар факультетын бүтэрэн, английскай тыл учуутала идэни ылар. Кинини Покровскайга анаабыттар. Оччолорго Покровскайга эбээм Анна Титовна Брызгаева олороро. Кини Чурапчы Мырылатыттан, Тэйэр Хайаттан төрүттээх.
Мин 1968 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм. Покровскайга хас да сыл олорбуппут. Эбээм айылҕаны олус таптыыра, онон кинилиин үгүстүк тыаҕа, хонууга сылдьарбытын өйдүүбүн. Олус куйаас күннэргэ Өлүөнэ эбэҕэ сөтүөлүүрбүт. Эбэ уута куйааска даҕаны сөрүүн соҕус буолара… Ол да эрээри, сөтүөлүүрбүн олус астынарым. Оттон саас Өлүөнэ мууһа устарын көрө тиийэрбит – дьэ бу, хаһан даҕаны умнуллубат, сүдү көстүү этэ! Өрүһүнэн устан “Өлүөнэ очуостарыгар” эмиэ тиийэрбит. Тула өттүҥ хайдах курдук кэрэтин киһи тылынан кыайан эппэт, ойуулаабат да буолара! Билигин барытын истиҥник ахта саныыбын.
Аны эдьиийбин…
— Тоҕус саастаахпар аҕабын Аччыгый БАМ-ҥа – Саха сирин соҕуруу өттүгэр тутуллар эдэр куоракка Нерюнгригэ үлэҕэ ыыттылар. Дьиэ кэргэммитинэн бүтүннүү көһөн тиийдибит. Оччолорго мин хайыы үйэ эдьиий буолбут этим. Балтым күн сирин көрүүтэ – мин оҕо сааһым биир саамай чаҕылхай түгэнэ! Кинини Наташа диэн мин ааттаабытым. Ол күнү олох умнубаппын – тохсунньу торулас тымныылаах күнүгэр ийэм роддомтан кып-кыракый кыысчааны аҕалла. Оччолорго алта саастаахпын. Ийэм көҥүллээн, саҥа төрөөбүт оҕону мин илиибэр ылан, көтөҕөн баран, дьиэни биир гына хаама сылдьабын. Ийэкэм хайыай, долгуйа-долгуйа батыһа сылдьар буоллаҕа…
Нерюнгригэ аҕам “Якутуглестрой” кэмбинээккэ инженеринэн үлэлээбитэ. Ийэм – эмиэ ити тэрилтэҕэ тас дойдулары кытта үлэлиир салааҕа.
“Прима-балерина буолуом!”
— Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэрим. 3-с кылааһы туйгуннук бүтэрбитим. Арай, 1978 сыл сайыныгар МАХУ-га (Москватааҕы академическай хореографическай училище) оҕолору үөрэххэ ылыы биллэриллибит. Дьокуускайга, Саха сирин бүттүүнүттэн талааннаах оҕолору талан ылаары, анал хамыыһыйа кэлбит – бука бары МАХУ преподавателлэрэ. Ону истээт, мин ийэм доҕотторо, кыыскытын ыытыҥ диэн, Нерюнгригэ тэлэгирээмэ ыыта охсубуттар, тоҕо диэтэххэ, мин балерина буолар ыра санаалаахпын төрөппүттэрим доҕотторо бука бары бэркэ билэллэрэ. Өссө 2 саастаахпар, тэлэбиисэринэн аан бастаан балеты көрөн баран, “мин прима-балерина буолуом!” – диэн дьоҥҥо барытыгар биллэрбит үһүбүн уонна онтон ыла наар кэнсиэр көрдөрөр үгэстэммиппин…
Дьонум тэлэгирээмэни тутаат, миигин сөмөлүөккэ олордон, Дьокуускайга ыытан кэбиспиттэрэ. Онно тиийбиппэр, төрөппүттэрим доҕотторо миигин көрсөн ылбыттара уонна 3 күнү быһа үөрэххэ ылар хамыыһыйаҕа бэрэбиэркэҕэ таскайдаабыттара. Улахыын да улахан спортивнай сааланы тобус-толору, Москваҕа, аатырбыт хореографическай үөрэх кыһатыгар киириэн баҕалаах оҕолор мустубут этилэр. Дьэ, кытаанах көрүү этэ. Бука бары, туруусугунан эрэ, биир эрээтинэн кэккэлэһэн турабыт. Элбэхпит бэрт. Маҥнай, тас көрүҥнэринэн сөп түбэспэт оҕолору сыыйдылар. Уонна тоҕо сыыйбыттарын туох да диэн быһаарбаттар. Онтон оҕолору эт-хаан өттүнэн сайдыыларын көрдүлэр. Дьэ ол гынан, 3 күн устата талыллан-талыллан, тыһыынчанан оҕоттон 10 эрэ буолан хааллыбыт. Ол эрээри аны миэхэ, сайын устата 5 киилэҕэ диэри ырар соругу туруордулар. Хайыамый, училищеҕа киирэр баҕа баһаам – ырдым.
Москваҕа биһигини өссө биир тургутуу күүппүт этэ. Училище дириэктэрэ Софья Николаевна Головкина бэйэтинэн дьүүллүүр сүбэни салайан, саха бөлөҕүттэн эмиэ хас да оҕону дойдубутугар төттөрү ыыппыта. Хаалбыттары училище интэринээтигэр олохтообуттара.
Наталья Ледовскаяны кытта бииргэ үөрэммитим
– Бу сыллары мин, дьоллоох оҕо сааһым биир кэрчик кэмэ этэ, диэхпин сөп. Тоҕо диэтэххэ, төһө да ыараханын иһин, дьарыкпын олус таптыыр этим. Үчүгэйдик үөрэммитим. Интэринээт олоҕо диэн бэйэтэ эмиэ уратылардаах, интэриэһинэй этэ, дьэ онно буһан-хатан тахсыбыппыт. Үөрэх судургута суоҕа. Уопсайа 8 сыллаах үөрэх кэнниттэн училищены 4 буолан бүтэрбиппит. Биһиги ортобутугар Наталья Ледовская (билигин Арассыыйа норуодунай артыыһа) эмиэ баара. Кинилиин күн бүгүнүгэр диэри алтыһабыт.
Училищебын кыһыл дипломнаах бүтэрэн бараммын, бастакы сылбар Сыктывкарга үлэлээбитим, тоҕо диэтэххэ, оччолорго хайыы үйэ биллиилээх балетмейстер Борис Мягков миигин бэйэтин балеттарыгар тута сольнай партияларга ыҥырбыта. Кини МАХУ-га үөрэҕи бүтэрэр эксээмэннэрбит кэмигэр кэлэн көрөн, болҕомтотун миэхэ уурбут этэ.
Онтон мин дойдубар, Дьокуускайга, таласпытым. Тыйаатырга биир саамай өйөөбүт киһибинэн саха балетын суһумнуур сулуһа Евдокия Степанова буолбута. Билиҥҥээҥҥэ диэри махтана саныыбын.
1988 сыл кыһыныгар миигин уонна Борис Матвеевы Москваҕа балет артыыстарын Бүтүн Сойуустааҕы куонкурустарыгар ыытар буоллулар. Бэлэмнэниигэ бириэмэбит олус ыгым этэ. Тоҕо диэтэххэ, биһигини ким даҕаны 2-с туурга ааһыахтара дии санаабатах этэ. “Тщетная предосторожность” балеттан 1 па-де-де эрэ бэлэмнээбиппит. Итиэннэ, баҕар, наада буолуо диэн, Москваҕа барыахпыт эрэ иннинэ, балетмейстер Алексей Попов “Хотугу эскизтэр” нүөмэри туруора охсубута.
“Аат барар да буоллаҕына – биирдэ эрэ!”
— Москваҕа бары куонкурустаһааччыларга хас биирдии туур иннинэ бэлэмнэнэргэ 2-лии күн баара. Чайковскай саалатыгар бука бары бииргэ дьарыктанарбыт. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, Борис биһикки бэлэммит соччото суоҕа. Эрэпэтииссийэ кэмигэр үгүс элеменнэрбит табыллыбат этилэрэ. Ол иһин, мин Чайковскай саалатын сыанатыгар эрэпэтииссийэҕэ бэйэбит нүөмэрбитин наһаа ситэритэ суохтук аһыахха, диэн этии киллэрбитим. Ол аата, биһиги сценабытын эрэ үллэрэр курдукпут… Партнербар ону: “Аат барар буоллаҕына – биирдэ, куонкурус кэмигэр эрэ буоллун!” – диэн быһаарбытым…
Манна мин биир кууруска үөрэммиттэрим бааллара. Холобур, классическай балеты презентациялыыр Владимир Малахов, Киевтэн кэлбит Алексей Ратминскай… Бастакы туурга, сценаҕа тахсыахпыт эрэ аҕай иннинэ, мин Боря Матвеевка эттим: “Сэрэн, поддержкалары бырабааллатыаҥ да, бэйикэй!”
Ити кэнниттэн Борис сирэйэ хайдах буолбутун олох умнубаппын… Оттон тус бэйэм иннибэр – хаһааҥҥытааҕар даҕаны үчүгэйдик үҥкүүлүөхтээхпин, диэн сорук туруоруммутум. Таҥара көмөтүнэн, оннук буолбута. Хайа да эрэпэтииссийэҕэ маннык ыраастык, үчүгэйдик үҥкүүлээбэтэхпит. Публика биһигини олус истиҥник көрсүбүтэ. Овация бөҕөтө!
Григорович сыанабыла
— Мин иккис туурга ааспыппар (Борис ааспатаҕа, ол эрээри партнер быһыытынан хаалбыта), аны атын кыһалҕа үөскээбитэ. Ол эбэтэр, ким даҕаны миигин салгыы үҥкүүлүөҕэ дии санаабатах буолан, иккис нүөмэрим миэхэ отой да суоҕа! “Хотугу эскизтэри” Москваҕа көтөрбүт чугаһаан эрэ турдаҕына ситэрэн-хоторон биэрбиппит. Онон, бииргэ үөрэммит киһибин Алексей Ратманскайы (кини 2-с туурга ааспатах этэ) бэйэтэ туруорбут үҥкүүтүн толорорбутугар көрдөстүм. Кини миэхэ партнер буоларга сөбүлэстэ. Бэйэтин партнершатын (эмиэ 2-с туурга ааспатаҕа) көстүүмүн миэхэ биэрдэ. Алексейга, бэйэтин хореографиятын Москватааҕы публикаҕа көрдөрөрүгэр кыах үөскээтэҕэ. Икки күн иһигэр бэлэмнээбит нүөмэрбит улахан ситиһиилэммитэ! 3-с туурга аастыбыт. Өссө биир кыһалҕа үөскээтэ – бу туурга аналлаах па-де-де биһиэхэ суоҕа. Көстүүммүт да суоҕа. Тыйаатырбыт репертуарыттан биир па-де- де ылар буоллубут. “Жизель” балеттан. Борялыын ону урут биирдэ эрэ толорбуппут. Көстүүмнэри, хата, Станиславскай тыйаатырыттан уларсар буоллубут.
Дьүүллүүр сүбэ мин 3-с бириэмийэни ылбытым туһунан эппитигэр – истибиппэр итэҕэйбэтэҕим! Үгүс көрөөччүлэр, мин 1-кы да бириэмийэни ылыахпын сөптөөҕүн бэлиэтээбиттэрэ. Итинник тыллары истэр олус долгутуулаах этэ. 1-кы бириэмийэлэри Владимир Малахов уонна Дмитрий Симкин ылбыттара – биһиги училищебыт выпускниктара. 3-с бириэмийэни мин, Казахстантан Бахытжан Смагулов уонна Киевтэн Белецкая буолан ыллыбыт.
Дипломнары туттарыыга Юрий Григорович баара. Кини миэхэ туһаайан: “Бачча ыраах куораттан сылдьар эдэр балерина үчүгэйдик даҕаны үҥкүүлээтиҥ!” – диэбитэ.
“Сэбиэскэй балет сулустара” уонна… Германия
– Куонкурус кэнниттэн Дьокуускайга бэйэбит тыйаатырбытыгар пресс-кэмпириэнсийэ буолбута. Онно биһиги Борис Матвеевтыын Москваҕа мүччүргэннээх сырыыларбыт туһунан кэпсээбиппит… Хаһыакка ол туһунан ыстатыйа бэчээттэммитэ.
Ити кэнниттэн мин “Пахита” балетка соҕотох кылаабынай оруолбун толорбутум. 1988 сыл сайыныгар Ульяновскайга уонна Сочига ыытыллар “Сэбиэскэй балет сулустара” бэстибээлгэ ыҥырыы туппутум. Манна ситиһиилээхтик үҥкүүлээбитим – Вакиль Усманов диэн эдэр балетмейстер бэйэтин саҥа кэлэктиибигэр бастакы солистканан ыҥырбыта. Кинилиин МАХУ-га бииргэ үлэлээбиппит. Онон, ити сыл балаҕан ыйыгар мин хайыы үйэ Москваҕа этим. Манна Вакиль Усманов балеттарыгар үгүс сольнай партиялары толорон, хас да сыл үлэлээбитим.
1991 сыллаахха Усманов балетнай труппата Германияҕа гостуруолга ыҥырыллыбыта. Мин манна аналбын көрсүбүтүм. Кини бу гостуруолу тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ этэ. “Биирдэ көрө түһээт да таптааһын” диэн манныгы ааттыыллар эбит этэ. Гостуруол уон күнэ элэс гынан ааспыта. Москвабытыгар төннүбүппүт. Ол эрээри Дитмар Топп – мин кэргэн тахсыахтаах киһим бэйэтин ханаалларынан миэхэ Германияҕа виза оҥорторбут этэ, онон, икки ый буолан баран, мин киниэхэ ыалдьыттыы кэлбитим уонна манна хааларга быһаарыммытым.
1991 сыллаахха сэтинньи 26 күнүгэр биһиги саахсаланан, ыал буолбуппут. Оттон 1992 сыл муус устар 16 күнүгэр мин кыысчааммын Анастасияны оҕоломмутум.
Ити кэнниттэн мин Австрияҕа (Зальцбурга), онтон 1 сыл Германияҕа Билефельдкэ үлэлээбитим. Онтон биһиги, кэргэммэр сөптөөх үлэ көстүбэккэ, Нюрнбергэ төннүбүппүт.
Онтон Висбадэҥҥэ тыйаатырга боруобаламмытым, онно хайыы үйэ Дмитрий Симкин кэргэниниин Ольга Александровалыын уонна биһиги училищебыт хас даҕаны выпускниктарыныын бааллара. Мин үҥкүүбүн Бельгия балетмейстера Бен фон Калвенберг сөбүлээбитэ, ол курдук мин Висбадэҥҥэ үлэлиир буолбутум уонна 12 сыл устата ситиһиилээхтик солисткалаабытым. Партнербунан үгүстүк Дима Симкин буолара. Биирдэ оннооҕор Парижка куонкуруска кини хореографиятынан 3-с миэстэ буолан кэлбиппит. Дималаах Ольга уоллара Даниил Симкин Висбадэҥҥэ мин хараҕым далыгар улааппыта. Ийэтэ кинини балекка уһуйбута. Аҕата уолугар бэйэтин хореографиятын туруорара. Ол үҥкүүлэринэн Даниил үгүс элбэх балетнай куонкурустарга кыайталыыра.
Бэйэм оскуолабын астым
– Араас тыйаатырдарга үгүс элбэх партиялары астына толорон, үҥкүүлээн баран, мин 39 сааспар балекка үҥкүүлүүрбүн түмүктээбитим уонна Висбадэҥҥа бэйэм чааһынай балетнай оскуолабын аспытым. Маннык үлэлээбитим хайыы үйэ 11 сылтан таҕыста. 2001 сыллаахха, тыйаатырга үлэлии сылдьан, иккис оҕобутун – уолбутун Алексейы төрөппүтүм. Кэргэним бу сыллар тухары Франкфуртка бөдөҥ фирмаҕа проект-менеджеринэн үлэлээн кэллэ.
Оттон мин балетнай оскуолабар билигин 140 үөрэнээччилээхпин. Оҕолору 3 саастарыттан ылабын. Улахан да дьон миэхэ үөрүүнэн дьарыктаналлар. Биллэн турар, хобби быһыытынан.
Сылга биирдэ, сэтинньи бүтүүтэ, улахан кэнсиэр тэрийэн, сыанаҕа үөрэнээччилэрбин бука барыларын таһааран көрдөрөбүн. Германияҕа балетнай оскуолаларга оҕолор хобби эрэ быһыытынан дьарыктаналлар. Идэтийбит (профессиональнай) балетнай оскуолаҕа дэҥ кэриэтэ бараллар. Тоҕо диэтэххэ, бу олус уустук, ыарахан идэ. Уонна, манна тыйаатырга үчүгэй үлэ да миэстэтин булар уустуктардаах соҕус.
Дьокуускайга хореографическай училище аһыллыбыта олус үчүгэй, бу өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах түгэн. Бэйэ балетнай сулустарын чаҕылыччы уматар кыах үөскүүр. Хомойуох иһин, Сахам сирин артыыстарын кытта сибээһим суох. Оҕо, эдэр сааһым Москваҕа аастаҕа. Оттон кэргэмминиин Германияҕа дьоллоохтук олорбуппут номнуо 28 сыл буолла. Москваҕа куруук сылдьабыт, манна ийэм балтым Наташалыын олороллор. Сахам сирин сонуннарын ийэбиттэн уонна тэлэбиидэнньэттэн билэбин. 2005 сыллаахха дьиэ кэргэммин барытын илдьэ Нерюнгригэ кэлэ сылдьыбытым. Саха сирин дьонум олус сөбүлээбиттэрэ.
Хаһан эрэ, тоҕоостоох бириэмэ көһүннэҕинэ, Дьокуускайбар хайаан даҕаны кэлэ сылдьыам, артыыстары, тыйаатыры, хореографическай училищены билсиэм диэн эрэнэбин.
Василий Семенов түһэрбит хаартыскалара уонна А.Ерюхина
тус архыыбыттан.
Родион Кривогорницын, Татьяна Маркова.