Сталинградтааҕы кыргыһыы дьоруойун артиллерист Гавриил Протодьяконов туһунан Волгоградка күн аайы кэпсииллэр. Манна «Сталинградская битва» диэн панорама-мусуойга экскурсоводтар кыргыһыы хаамыытын, дьоруойдарын туһунан сырдатыыларыгар биир дойдулаахпыт, сержант-артиллерист Гавриил Дмитриевич Протодьяконов аата куруук ахтыллар. Манна кини тус докумуоннара, наҕараадалара бааллар. Онон биир дойдулаахпыт дьоруойдуу быһыытын Волгоград олохтоохторо, ыалдьыттара билэллэрэ үөрдэр.
Сэбиэскэй Сойуус Маршала, Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх Дьоруойа Василий Чуйков саха хорсун саллаатын дьоруойдуу быһыытын илэ хараҕынан көрбүтэ. Ол туһунан кини «От Сталинграда до Берлина» кинигэтигэр бэлиэтээн хаалларбыта. Мамаев булгунньаҕын хотугу халдьаайытыгар, хотоол сиргэ өстөөх уонна биһиги траншеябыт ыккардыгар 45 мм бууска расчетуттан соҕотох хаалбыта. Кини олус үчүгэйдик кистэнэн сыппыта. Өстөөхтөр хантан ытан тааҥкаларын уматалларын, алдьаталларын өргө диэри быһаарбакка булумахтаспыттара. Кэлин, ытар сирин билэн баран, буускаларынан күргүөмнээх уоту аспыттара. Онно саха хорсунун буускатын сыалы кыҥыыр тэрилэ адьаммыта, саллаат бэйэтэ туох да буолбатаҕа. Маршал Василий Чуйков Протодьяконовы кытта хаттаан Мамаев булгунньаҕар 1972 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр көрсүбүттэрин истиҥник ахтар.
Гавриил Дмитиревич сулууспалаабыт 172-с гвардейскай полката Сталинградтааҕы кыргыһыы кэмигэр өстөөх 700 уот аһар точкатын, 27 артиллерия, 32 миномет батареятын, 24 тааҥкатын, 140 массыынатын, 5 000 саллаатын, эпиһиэрин үлтүрүппүтэ, сууһарбыта. Кэлин Гавриил Протодьяконов 76 мм орудие хамандыырынан буолбута. Сэриини Берлиҥҥэ түмүктээбитэ.
Соторутааҕыта «Хорсуннар ааттарын ааһар сыллар соппоттор» диэн ааттаах кинигэ «Сайдам» кыһаҕа күн сирин көрдө. Кинигэҕэ Чурапчы улууһун Алаҕарыттан төрүттээх саха саллаатын аатын ааттаппыт Гавриил Протодьяконов дьиҥнээх дьоруой буоларын туоһулуур айымньылар, архыып докумуоннара, ахтыылар киирдилэр.
БИЛСИҺИИ
Дьаарыллаҕа Миронов начальнай оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн сырыттахпына, Алаҕар оскуолатын завуһа Иннокентий Никитич Дьячковскай туруорсуутунан, райОНО сэбиэдиссэйин бирикээһинэн миигин үөрэх дьыла саҕаланыытыгар Алаҕар 7 кылаастаах оскуолатыгар биология, математика, физика, физкультура учууталынан анаабыттар этэ.
Начальнай кылаастарга Гавриил Дмитриевич Протодьяконов, Яков Гаврильевич Павлов, интэринээт баспытаатала Иван Афанасьевич Оконешников уонна мин буолан үлэлээбиппит. Гавриил Дмитриевич соторутааҕыта сэрииттэн кэлбит кэмэ этэ. Кэлэригэр именной немецкэй кынчааллааҕын милииссийэлэр тутан ылбыттар этэ, кыына, портупеята эрэ баара.
Сэриигэ хайдах сылдьыбытын, сэрии туһунан кэпсэтээри көрдөстөхпүтүнэ: «Өлөрсүүнү-кыдыйсыыны истэн, тугу туһанаҕыт», – диэн аккаастанара, арай биирдэ докумуоннарын көрдөрбүтэ, онно бааллара: мэтээллэр дастабырыанньалара, хаһыаттар ыстатыйалара. Онтон биир матырыйаалы өйдөөн хаалбыппын, армия бойобуой листогар знамя анныгар Гавриил Дмитриевич буускатын кытта түспүт хаартыскатын анныгар «Yс «тигр» тааҥканы үлтүрүттэ» диэн суруллубут этэ, соһуйуу бөҕөтүн соһуйбуппут. Биһиги, үс «тигри» үлтүрүтүү иһин быһа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолаллар диэни истэр этибит. Онтон ыла Дьоруой Хабырыыс Дмитриевич диэн ааттыыр буолбуппут.
Кырдьык да, дьоруой буолар кыахтаах киһи этэ, күүһэ-уоҕа, кытыгыраһа, харса суоҕа, ыарахаттартан чаҕыйбата, дьоҥҥо олус үчүгэй сыһыаннааҕа, аһыныгаһа, дьоҥҥо көмөлөһө-амалаһа сатыыра.
Хас да сыл буолан баран, 1961 сыллаахха Алаҕар сэттэ кылаастаах оскуолатыгар дириэктэрдии тиийбитим, урут бииргэ үлэлээбит учууталларбыттан ким да оскуолаҕа хаалбатах, арай Гавриил Протодьяконов детсад сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьар. Элбэх оҕоломмуттар, бөһүөлэк уларыйыы бөҕөнү уларыйбыт, саҥа оскуола баар буолбут, дьон бары бөһүөлэккэ көһөн киирбиттэр. Арҕаа, Илин өтөхтөр икки ардыларынааҕы, били урут кэрдибит просекабыт уулусса буолбут, дьиэ бөҕө бачыгыраабыт этэ.
МАРШАЛ УОННА ГЕНЕРАЛ СЫАНАЛЫЫЛЛАРА
Гавриил Дмитриевичтиин уруккуттан билсэр дьон быһыытынан көрсүһэн бараммыт: «Улуу Кыайыы 15 сыллаах үбүлүөйүгэр соҕуруу бара сырыттыҥ дуо? Однополчаннаргын көрүстүҥ дуо?» – диэн доппуруостаан турдум. «Суох, барбатым уонна барар да кыаҕым суох эбит, кэргэним дойдутугар Кировскай уобаласка былырыын бара сылдьаары, били контузиябынан сөмөлүөтүнэн көтүүнү олох тулуйбат эбиппин, төбөм олох уһуллан эрэ түспэтэ уонна соҕуруу билэр да дьоннорум ханна баалларын билбэппин», – диэтэ.
Онтон однополчаннарын аадырыстарын көрдөөн суруйталаата, бииртэн-биири булан истэ. Улуу Кыайыы 20-25 сыллаах үбүлүөйдэригэр ыҥырыы кэлиэр диэри билсиспитэ. Хас сурук кэллэҕин аайы көрдөрөр, аахтарар буолар этэ.
Суруйсубут дьоно: аармыйатын командующайа генерал Л.И. Вагин, сэрии бүппүтүн кэннэ буусканан сыал ытыыга аармыйалар куоталаһыыларыгар маршал Василий Чуйков көрөн турдаҕына, Гавриил Дмитриевич үс тааҥка макетын (сыалын) барытын табан-кыайан, кыһыл көмүс чаһынан наҕараадаламмыт. Ону көрөн туран, Чуйков Вагинтан: «Туох бойобуой наҕараадалааҕый?» – диэн ыйыппытыгар: «Үс «За отвагу» мэтээллээх», – диэбит. Онуоха төбөтүн быһа илгистэн баран: «Кэмчилээбиккин, маннык киһи элбэх өстөөх тиэхиньикэтин урусхаллаабыт буолуохтаах», – диэбит. Вагин генерал хойут, Дмитриевич суруйбутун, аадырыһын биллэрбитин кэнниттэн, бырааһынньыктарга эҕэрдэлиирэ, Кыайыы 20 сылыгар однополчаннарын көрсүһүүгэ ыҥырбыта, Москваҕа Кыһыл болуоссакка Кыайыы параадыгар, бэйэтин ыҥырыы билиэтин биэрэн, сырытыннарбыта. Аһылыгар «Москва» гостиница эрэстэрээнигэр хайдах сылдьыбытын туһунан хаһыакка суруйан тураллар.
ДЬОРУОЙ ААТА КЭМИГЭР ТОҔО ИҤЭРИЛЛИБЭТЭҔИН ТУҺУНАН
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, снайпер, хамандыыр Зайцев суругун көрдөрбүтэ, манныгы өйдөөн хаалбыппын: «Голая Долина диэн сиргэ кыргыһыыга, төгүрүтүллүүгэ түбэһэн, Ганя, эн наҕараадаҕа түһэриллибит докумуоҥҥун, кырдьык, уоттаан кэбиспитим», – диэн быһыылааҕа. Чуйков маршалтан олус саллар-куттанар этим, диирэ. Кини дьаһалынан Забайкальскай уокуруктан Гавриил Дмитриевиһи Дьоруойга түһэрэргэ докумуон оҥороллоругар соруйбут эбит, ону киниэхэ, Гавриилга, докумуон оҥоһуллан кэлбитин туһунан Чуйков маршал тус сэкирэтээрэ, суруйааччы Падерин Хабырыыска биллэрбитэ. «Когда цветут камни» диэн кинигэлээх, онно Гавриилы тува омук аатынан киллэрбит этэ, Маршалы кытта Сталинградка землянкаҕа көрсүһүүтүгэр баар эбит.
Дмитриевич маршалы тэлэгириэйкэлээх сылдьар буолан, хараҥаҕа билбэтэх, коньягы чэй диэн, утата сылдьар буолан, кэтэрдэн кэбиспит. Хабырыыс кэлин Падеринныын табаарыстаспыттар, «Ол кэмҥэ сахаҕын билбэтэҕим», – диэбит этэ. Кэлин эн докумуонуҥ (забайкальскайдар киэннэрэ) Чуйковка тиийдэ диэн биллэрбитэ. Онтон Падерин “күөх паапкаттан кыһылга көстө” диэбитэ да, кэлин туох да биллибэтэҕэ. «Оборуона миниистирэ аккаастаабыт үhү», – диэбиттэрэ.
МАРШАЛ ЧУЙКОВУ КЫТТА ХААРТЫСКАҔА ТҮСПҮТЭ, КИИНЭҔЭ УҺУЛЛУБУТА
Василий Чуйков однополчаннарын көрсүhүүгэ ыҥыртарбытыгар, бара сылдьыбыта. Онно «Москва» гостиница эрэстэрээнигэр аһаппыт этэ, тохтобул кэмигэр хаартыскаҕа түһээри фойеҕа мустубуттар. Хабырыыс «мин син-биир түспэтим буолуо» дии санаан, улаҕа диэки баран турбут, онуоха маршал кини туһаайыытынан иһэр үһү, ону кинини ahapaapы туораан биэрбитигэр: «Ну, Ганя, пошли фотографироваться», – диэбит уонна сиэтэн илдьэн, аттыгар туруорбут. Түһэн эрдэхтэринэ биир дьахтар кинилэр икки ардыларыгар киирэн түһүспүт, онон “хаартыскаҕа маршалы кытта кэккэлэһэ түһүөхпүтүн бу дьахтар мэһэйдээбитэ» диэн кыһыйан көрдөрөрө.
Мамаев кургаҥҥа Чуйков маршал, однополчаннарын кытта киинэҕэ уһуллаары, Гавриил Дмитриевиһи Сталинградка ыҥыртарбыта. Мамаев кургаҥҥа Гавриил маршалы көрсөөрү тиийбитэ, оператордар хайыы үйэ киинэҕэ устаары, бэлэмнэнэн тураллар үһү. Бастаан Дмитриевич маршалы көрсөөрү барбытыгар, маршал утары хааман кэлэн уураспыттар, устааччылар өйдөөбөккө, кыайан устубакка хаалбыттар уонна «Повторите, пожалуйста» диэбиттэр. Ону: «Тугу устубакка хааллыгыт, биһиги таптаспыт уоллаах кыыспыт үһү дуо», – диэн кыыһырбыт уонна: «Ну, Ганя, придется повторить», – диэн баран, хаттаан уураспыттар, ол түспүт киинэлэрэ буорту буолан, күн сирин көрбөтөх, ол да буоллар, «Сталинградская правда» хаһыакка бэчээттэнэн турар.
Онтон панорамаҕа сылдьыбыт, сэрии устатыгар илдьэ сылдьыбыт буускатын билбит, ол эрээри атын киһи аата суруллан турар үһү, ону уларыттарбыт. Приемҥа тыл этиигэ мүнүүтэнэн хаайан, уһуннук тыл этиппэттэр үһү, «ол да буоллар, санаабын этэн кэллим» диэбитэ.
Гавриил Дмитриевич Дьоруойга 3 төгүл түһэриллэ сылдьыбыта эрээри, кэнники сырыыга эрэ, ССРС норуодунай дьокутааттарын Бастайааннай Президиумун бэрэссэдээтэлэ Умалатова эрдэҕинэ эрэ, бигэргэммитэ. Онон син-биир Дьоруой быһыытынан дьоно-сэргэтэ билинэр.
Н. МАТВЕЕВ,
педагогическай үлэ бэтэрээнэ,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна,
Булуҥ, Чурапчы улуустарын бочуоттаах гражданина.