Ааттыын да сүдү

Бөлөххө киир:

Оҕо сырыттахха сайылыкка, сыбаҕа суох көҥдөй кэриэтэ эркиннэрдээх эргэрэ быһыытыйбыт дьиэлэр наара оронноругар сытан, ол-бу номохтору, ким эрэ былыр үйэтээҕигэ сөҕөн кэпсээбитэ өйгө хаалбытын,  хаһан эрэ, ханна эрэ буолбуту истибиттэн төбөтүгэр батарбатах араас түгэннэрин сибигинэйэ былаан кэпсэтии буолара. Итинник сайыҥҥы сырдык, күһүҥҥү хараҥа түүннэри элбэх көлүөнэ ахтар-саныыр буолуохтаах.

edersaas.ru

Тылтан тылга холбонон, уостан уоска түһэриллэн номох ситигирдик үйэтийэр буолуохтаах. Кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар итинник кэпсээн-сэһэн, кини төһө оҥорон көрөр кыаҕынан эбии уруһуйданан, өҥнөнөн, отой атын хартыына буолан мэйиитигэр хаалара чахчы. Ол иһин киһи-киһи ылынара тус-туспа, тиэрдэрэ кыратык уратылаах-уларытыылаах буолара баа буолбатах.

Субу куйаас түһээтин, Саха сиригэр өссө биир уратылаах кинигэ күн сирин көрбүт. «Айар“ кинигэ кыһатын бары маҕаһыыннарыгар атыыга киирэ охсубут. „Алыһардаах Аана“ диэн М.П.Григорьев, А.А.Павлов хомуйан оҥорбут сабыс-саҥа таһаарыылара, сонун ис хоһооннооҕун, тордуйалаах ууну хантас гыннарбыттыы, соҕотохто ааҕан кэбиспит киһи мин баарбын! Санаабар утаҕым хаммата, өссө да „иһиэхпин“, салгыы төһөнү баҕарар астына ааҕыахпын баҕардым! Оннук курдук уратылаах бу кинигэ суруллубут.

Аҕыйах сыллааҕыта   „Үс Бүлүү айдарыылаахтара“ диэн тахсыбыт дьиҥ-чахчыларга, архыып дааннайдарыгар олоҕуран суруллубут, кытаанах сүрүннээх бэрт халыҥ кинигэни хомуйбут дьон: Марк Петрович Григорьев уонна Афанасий Афанасьевич Павлов сүҥкэннээх үлэни оҥорбуттарынан ааҕар дьон ааттарыттан эҕэрдэлиибин. Мин, Бүлүү эҥээриттэн тардыылаах боростуой үлэһит киһи, итиннэ тус бэйэм төрүттэрбин-уустарбын таба тайаммыт дьоллоохпун.  Дьиктиргиэм иһин, төрүччүбүн түүлбэр да көрбөт бэйэм, саха дьоно бары да иилии эргийэн, ааҕыстахха, аймахтыы курдук буоларбытын итэҕэппит кинигэ ити этэ. Дьонтон арыый да атыным—кинигэни таптыырым, көрбүппүн көтүппэккэ ааҕарым.

Бу икки ааптар киһи Кэбээйи улууһун Мукучу сириттэн тардыылаах улууканнаах эдьиийдэрэ Анна Дмитриевна Иванова-Павлова-Алыһардаах Аана  туһунан дьиҥнээх пааматынньыгы хомуйбуттар. Кинигэ сыаннаһа диэн, Алыһардаах туох баар төрдүн-ууһун барытын архыып матырыйаалларыттан булан ууран биэрбиттэр! Итиэннэ бэйэтин кэмигэр, ааспыт үйэ саҥатыгар кинини—улахан эдьиийдэрин сирэй көрсүбүт, анаан кэпсэппит, эмтэнэн үтүөрбүт дьон ахтыыларыгар олоҕурбута туохтааҕар да күндү.

Дьэ, бу, чахчы пааматынньык, доҕоттор! Биһиэхэ киниэхэ анаан бюст дуу, бетон пааматынньык дуу турбута буоллар, ис-иһигэр Алыһардаах кимэ-ханныга, үөрэтиллэ сатаабакка, соннук суураллан да хаалыа эбитэ ини. Ону бу улахан суруйуу, үйэлэр тухары устуоруйаттан суоруллубат гына,  архыыпка хараллар гына сурукка тиһиллибитэ сүҥкэн махталлаах. Онон бу кинигэ суолтатын өйдүүр дьон сөптөөх сыананы өссө да биэриэхтэрэ диэн эрэнэбин!

Айылҕа маанылаан биэрбит кыахтааҕа, саха омукка суолталаах, улуу эдьиийбит төрөөбүтэ 175 сылыгар анаан кэнэҕэски ыччаттарбытыгар туһалаах кинигэни бэлэх оҥорбут дьоммут тылларын-өстөрүн истиэҕи баҕарыллар. Алыһардаах диэн төрдө-ууһа чахчы, бары өттүнэн быыһа суох гына дьарыктаах дьон ыччаттара эбит ээ! Ол да иһин оччолорго өтөрүнэн-наарынан киһи билбэтэх-истибэтэх, абынан-хомуһунунан биир да ойууҥҥа бэриммэтэх, кыра баайыылаахтар ырааҕынан кыйа көтөр  сэдэх кыахтааҕа, сүдү сатабыллааҕа эбит ээ! Ааҕа олорон эт-этим дьаралыйан, сүдүкэннээх эбэбиттэн саллан, улуутуттан сөҕөн,  көннөрү киһи быһыытынан киэн туттар эрэ кыахтаннаҕым, дьоллонноҕум эбээт!

Доҕоттор, сир-сиргэ аатырар ураты дьоҕурдаахтарбытын маннык үйэтитэр кэммит куруук кэлэ туруо суоҕа. Онон, бу сыллар тухары архыыптары хаһан сыраласпыт уонна дьону түмэн, сыччах Улуу Алыһардаах даҕаны аата хойукку үйэлэргэ бу баардыы ааттана турарыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит М.П.Григорьевка уонна А.А.Павловка саха норуотун устуоруйатыгар сүҥкэн кылааттарын иһин анаан бэлиэтиир уолдьаста диэн мин, кырдьаҕас киһи, ис санаабын этиим. Итиэннэ маннык, омук аатыгар тыын суолталаах, киэҥ киэптээх кинигэлэри, бу үлүгэрдээх үп-харчы тыҥааһыннаах кэмин аахсыбакка, сыллата таһаара олорор „Айардары“ айхаллыыбын.

Алыһардаах туһунан биһиги, билиҥҥи кэм дьоно уонна атын улуус дьоно истэрбит элбэҕэ суох эбит. Дьэ, чахчы да көстөр дьүһүнүнэн харах халтарыйар сэбэрэлээх, уустаах тылынан эгэлгэлээх эр бэртэрин салыннарар, уҥуоҕунан-арҕаһынан да хаама сылдьар хартыына курдук эдэркээн Аананы хас биирдии ааҕааччы бэйэтин хараҕар ойуулаан көрөргө, итэҕэтэр гына астыктык суруллубут. Оттон кини үйэлэргэ сөхтөрөр  былыргы ньымаларын биир-биир ахтан ааспыппыт биһиги омук быһыытынан уратыбыт дьиҥ уонна чиҥ туоһута.

Доҕоттор, тахсыбыт кинигэ „астаах“, аҕыйах илиистээх буолбатах, тутарга-хабарга үчүгэйэ, оҥоһуута астыга, ойуута аныгылыыта ааҕааччыны сэҥээрдиэх кэриҥнээх, „Айар“ маҕаһыыннарыгар 490 солк атыыга тахсыбыт. Бу кинигэни өрүскэлэһэн атыылаһа охсон, ааҕан минньитэн баран, хаһыат да нөҥүө, тэлэбиидэнньэ-араадьыйа көмөтүнэн санааны атастаһар буоллар дэлэлээх үчүгэй буолуох этэ дуо диэн түмүктүүм.

«Саха сирэ»,  edersaas.ru анаан Семен ИВАНОВ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0