Ааттаах «тиктокердар» Романовтар дьиэ кэргэн

Ааптар: 
16.04.2021
Бөлөххө киир:

Интэриниэккэ саҥа платформалар күн аайы кэриэтэ үөскүүллэр. Үгүстэрэ улаханнык сайдыбакка эрэ кэхтэллэр, оттон сорохторо мөлүйүөнүнэн ахсааннаах дьону мунньан, урукку албан ааттаах социальнай ситимнэри ситэн ааһаллар. Олортон биирдэстэринэн, аҕыйах сыл иһигэр эдэр ыччат тапталын сүүйбүт TikTok ситим буолар.

TIK TOK УРАТЫЛАРА

Кылгас роликтары оҥорор дьон манна аҕыйах хонук иһигэр тыһыынчанан аудиторияны хомуйуохтарын сөп. Биллэн турар, киһи барыта ситиһиилээх буолбат, ханна баҕарар буоларын курдук, сонун, дьикти “контеннаах” эрэ туһанааччылар дьон болҕомтотун тардан, улахан ааттаах “тиктокер” буолаллар. Ханнык контент ордук сүү­йүүлээҕий? Ким эрэ үҥкүүлүүр, ким эрэ ыллыыр, ким эрэ көрдөөх сыаҥкалары көрдөрөр, сорохтор кэрэ сэбэрэлэринэн, мааны быһыыларынан-таһааларынан сүгүрүйээччилэри мунньаллар. Саха сириттэн хас даҕаны тиктокер тыһыынчанан ах­­сааннаах аудитория мунньан, аан дойдуга биллибитэ. Холобур, Алексей Адамов диэн ырыаһыт уол Билли Айлиш ырыатын ыл­­лаабыт биир ролигын аан дойду үрдүнэн 5 мөлүйүөнтэн тахса киһи көрбүтэ, сүүһүнэн тыһыынча киһи кини аккаунугар суруттарбыта.

“КӨРӨӨЧЧҮБҮТ ҮКСЭ ОМУК СИРИГЭР ОЛОРОР”

Ол эрэн, ырыаһыт эрэ киһи итинник үтүмэн элбэх киһи болҕомтотун сүүйбэт эбит. Түөрт ый анараа өттүгэр PandaSakha диэн ааттаах аккауну тэриммит Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нуораҕана сэлиэнньэтин олохтоохторо, Вячеслав Романов дьиэ кэргэнэ бүгүҥҥү күҥҥэ 585 тыһыынчаттан тахса сурутааччыны хомуйбуттар! Туох дьикти дьоҕурдаах дьон буолан маннык ситиһиилээх буолбуттарый? Романовтар, кырдьык, олус дьоҕурдаах дьиэ кэргэн. Чурапчы физкултуурунай институтун үөрэнэн бүтэрбит Вячеслав уонна Дария, олус көхтөөх дьон, араас тэрээһиннэргэ кытталлар, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кыайыылаахтар. Холобур, 2017 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт «Ийэм, аҕам уонна мин — спортивнай дьиэ кэргэн» күрэхтэһиигэ бастакы миэстэни ылбыттар. Вячеслав тустуук, хапсаҕайга миэстэлэһэр, Дария охчут, остуол тенниһигэр оонньуур.

Ол эрэн, аккауннара ус­­пуорт туһунан буолбатах. Кинилэр роликтара саха ыалын судургу олоҕун хоһуйар. Сылгы аһатыы, ас астааһын, тиэргэн үлэтэ, муус муустааһын — саха киһитин улаханнык соһуппат дьа­рыктар атын омуктарга олус дьикти, сэргэх “контент” буолбуттар. Холобур, Вячеслав собо миинин буһарарын туһунан ролигын 37 мөлү­йүөнтэн тахса киһи көрбүт! Атын роликтара эмиэ мөлүйүөнүнэн көрүүлээхтэр, кырата сүүсчэ тыһыынча киһи сэргиир.

— Сурутааччыларбыт улахан аҥаара, быһа холоон 80% кэриҥэ — омук сиригэр олорор дьон. Дьон Саха сирин тымныытын, биһиги олохпутун-дьаһахпытын олус сэргии көрөр эбит, — диир Вячеслав.

Роликтарга Вячеслав соҕотоҕун көстөр. “Соҕотох олороҕун дуо?” диэн ыйытыы сотору-сотору күөрэйэр. Ол аайы “дьиэ кэргэннээхпин” диэн араас омук тылынан куруутун харда хоруй суруйан иһэр.

— Хара маҥнайгыттан миигин соҕотохтуу уһулан саҕа­лаабыппыт. Дьиҥэр, ролигы бары көмөлөөн оҥорор буоллахпыт дии. Улахан уолум Уйгун сүрүн операторбыт, ол эрэн, бары үлэлээх, үөрэхтээх дьон буоллахпыт дии, онон кини суоҕар кэргэним, эбэтэр кыра уолум Урсун усталлар. Сырдыгы туруоруу, сюжеты айааһын, видеону таҥааһын, бары уопсай дьыалабыт. Ол эрэн, дьиэ кэргэни барытын каадырга киллэрдэххэ, туспа толкуйдаах, атын тутуулаах контент буолар. Холобур, ыппытын Адмиралы роликпытыгар устабыт. Олус элбэх киһи кинини кэтээн көрөр, сорох роликтарга көстүбэтэҕинэ долгуйаллар, “ханна сүттэ?!” диэн туоһулаһаллар. Онон билигин сюжетпытын уларытар санаабыт суох, арай кэнники толкуйдаан көрөн уларытар инибит.

САХА СИРЭ ДЬОНУ КЭРЭХСЭТЭР

— Сүрүн сыалбыт — Саха сиригэр тыа олоҕун туһунан аан дойду дьонугар кэпсээһин этэ. Бастаан Ютубка видео оҥорон угар былааннаах этим, ону кыра уолум Урсун TikTok сыһыарыыга киирбит ордук буолуо диэн дакаастаабыта. Кырдьык, элбэх атын омукка көстөргө быдан табыгастаах ситим эбит.
Романовтар видеоларын анныгар уопсайа 9 мөлү­йүөн кэриҥэ “лайк” туруоруллубут, көрүү уопсай ахсаана 300 мөлүйүөнтэн тахсыбыт. Хас ролик анныгар араас омук үтүмэн элбэх харда сурук суру­йан хаалларар.

— Араас дьикти буукубаларынан, иероглифтарынан сурук бөҕөнү хааллараллар. Ону Гугл-тылбаасчыт нөҥүө тылбаастаан, бэйэлэрин тылларынан хоруйдуу сатыыбыт. Дьиэ кэргэн бары холбоон суруйабыт, ким иллэҥ да, ол киһи суруйар.

Дьон Саха сирин тымныы айылҕатын сөҕө-махтайа көрөллөр, “Куруутун маннык тымныы дуо?” диэн ыйыталлар. Лайктарыттан, суруктарыттан сылыктаатахаа, Вячеслав ас астыырын олус сөбүлээн көрөллөр. Эти, балыгы, бурдук аһы астыырын үөрэ-көтө көрсөллөр, Адмиралга ас бэрсэрин олуһун астына ылыналлар. Ол эрэн, аныгы үйэ дьоно сороҕор өйдөөбөт түгэннэрэ эмиэ үөскүүр эбит. Биир роликка чоҥку хайытан сиэбитин TikTok салалтата “Жестокость и шокирующий контент” диэн бэлиэтээн, “бан” биллэрбит. Романовтар быһааран сурук суруйбуттарыгар, хата бэрт улгумнук бобууларын устубуттар.

— Олус элбэх киһи ыалдьыттыы кэлиэн баҕарар. Сорохтор оннооҕор хас да нэдиэлэ хонон-өрөөн барыахтарын баҕараллар. Өссө хамсык кэмэ буолан үгүстэр туттуналлар быһыылаах, ол эрэн, баҕалаах дьон, кырдьык, элбэх. Биһиги дьону көрсүүнэн дьарыктанар урбаанньыт буолбатахпыт, онон аккаастыыр эрэ буоллахпыт дии. Хата, туризм дьа­рыктаах дьон интэриэһир­гиэн сөбө ­буолуо.

“КЫТАЙГА ТҮРГЭН ТУТТУУЛААХ ДЬОН ОЛОРОР ЭБИТ”

Урбаан чааһыгар ордук туттуулаах дьон баарын Романовтар соторутааҕыта соһуйа билбиттэр.

— Кытайга TikTok туспа “Доу-ин” диэн ааттаах сыһыарыы нөҥүө көстөр эбит. Онно Кытай эрэ иһигэр олорор дьон киириэхтэрин сөп. Ол сыһыарыыга биир кытай киһитэ биһиги устубут роликтарбытын уоран ылан бэйэтин киэнин курдук көрдөрөр эбит, ону ол дойдуга баар сурутааччыларбыт бэлиэтии көрөн кэпсээбиттэрэ. Ол киһи хайыы үйэ 300-тэн тыһыынчаттан тахса сурутааччыламмыт, мөлүйүөнүнэн көрүүнү хомуйбут. Киһиҥ өссө PandaSakha диэн ааттаах онлайн-маҕаһыын арыммыт үһү! Сурутааччыларым ­этэллэринэн, астыыр аспын үтүктэн атыылыыр быһыылаах, биир роликка астаммыт билимиэннэрбин эҥин. “Тоҕо сымыйалыыгын, бу Арассыыйаҕа, Саха сиригэр олорор киһи роликтара!” диэн суруйдахтарына, “Мин хоту Монголияҕа олоробун, бу мин дьиҥнээх олоҕум” диэн балыйсар үһү уонна суруйбут дьону блоктаан иһэр үһү. Дьэ ол диэки түргэн туттуулаах дьон олороллор эбит!

Романовтар бэйэлэрин дьарыктарынан харчы киллэринэр туһунан улахан былааннара билигин суох. Туспа ыытар инстаграмнарыгар (19 тыһыынча кэриҥэ сурутааччылаах) талан ылан биирдэ эмэтэ рекламаны туруораллар.

— Олус кичэйэн талабыт, араас кэрэдьиит, сымыйа өҥө атыылааччыларга кыккыраччы аккаас биллэрэбит. Туох эрэ туһалааҕы, көдьүүстээҕи оҥорор дьону кытта үлэлэһэ сатыыбыт.
Онон төһө даҕаны мөлү­йүөнүнэн аудиториялаах “сулустар” буолбуттарын иһин, Романовтар бэйэлэрин сүрүн үлэлэринэн айахтарын ииттинэллэр. Вячеслав оскуолаҕа физкултуура учуутала, Дария Нуораҕана дьаһалтатыгар үлэлиир. Урсун уонна Уйгун оскуола үөрэнээччилэрэ. Роликтарыгар хоһуйар дойдуларын, олохторун-дьаһахтарын астыналлар, ханна да көһөр былааннара суох.

— Тыа олоҕун астынабыт. Манна холку, тиэтэйии-саара­йыы суох, үлэһит киһи сүтэн-охтон биэрбэт сирэ. Куоракка сынньана, аҕыйах кэмҥэ киирэ сылдьыахха сөп. Бу аҕыйах хонукка кэргэним дойдутугар Муома Хонуутугар айаннаан кэллим. Онно биэс сыл олоро сылдьыбыппыт, эмиэ биир таптыыр дойдубут. Ол кэмҥэ ролик устан укпатахпытыгар сурутааччыларбыт ахта охсубуттар, “ханна сүтэ сырыттын?!” диэн ыйыталаһыы бөҕөтө.

Романовтар дьарыктарын сайын­нарар былааннаахтар. Кэнники квадрокоптер, саҥа камера, сырдатар тэрил атыылаһан роликтарын өссө сэргэх, үтүө көстүүлээх оҥоруохтарын баҕараллар. Омук туристарын көрсөр урбаанньыттар, туризмы сайыннарар тэрилтэлэр, бу ыалы кытта билистэххитинэ, Саха сирин ааттатарга улахан көдьүүстээх буолуон сөп курдук ээ! Ону туох дии саныыгыт?

Егор Карпов.

Хаартыскалар Романовтар дьиэ кэргэн архыыптарыттан.

+1
10
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1