“Аата-суола суох уол” сирдээҕи суола

Ааптар: 
29.12.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим бу Орто дойдуга эмчит буолан ананан кэлиэҕин ырааҕынан уруута Омуохай Хабырылла ойуун билгэлээбитэ үһү. Эһэтэ Өндөлөөт Ньукуус оҕонньор биирдэ быһычча түһээбитин кырдьаҕаска тиийэн тойонноппут. Онуоха Омуохай Хабырылла Кырбаһааҥкын аймахха миигин удьуордуох киһи бу Ньукуус ыччаттарыгар үөскүөҕэ, ол уол аата-суола суох, итиэннэ биир буолбакка, икки төгүллээх буолуоҕа, кинини анал бэлиэтинэн билиэххит, итиэннэ орто сааһыгар эрэ биллиэҕэ диэн көрүүлэммитэ Өймөкөөҥҥө уостан уоска бэриллэн тарҕаммыт. Онтон ыла өймөкөөннөр Бордуулаах (Бордуолаах) удаҕаны, Омуохай Хабырылла ойууну утумнуохтаах оҕону сэмээр кэтэһэр буолбуттара.

edersaas.ru 


“Аата-суола суох уол” эргиллиитэ

Кырдьык, Бииктэр Кырбаһааҥкын биһигин ыйаабыт сиригэр Абыйтан отутун ааһан баран эргиллибитэ. Илбииһит учууталы “Эмчит уол” диэн абыйдар сүрэхтээбит ааттара киниэхэ бэриэтчит буолан киэҥ Өймөкөөнү биир гына тилэри көппүтэ.

Төрүккэ тиийбитигэр биир эмээхсин анаан-минээн билсэ кэлэ сылдьыбыта. Омуохай Хабырылла ойуун кини идэтин утумнуур киһилэммит үөрүүтүн дьонун-сэргэтин кытта үллэстибитин өйдүүрүн кэпсээбитэ. «Омуохай кэпсээннээх-ипсээннээх кырдьаҕас этэ, көр, оҕо буолан куттаммакка, ол сүдү киһиттэн ону-маны барытын ыйыталаһар буоларбыт”, — диэбитэ. Кинини, сиртэн саҥа сэрбэйэн эрэр кыысчааны, улуу кырдьаҕас ньилбэгэр олордон күлэ-оонньуу: «Көрөөр даҕаны, эн сааһыран олорон ол Аата-суола суох уолга эмтэниэҕин”, — диэн эппитин кэлин дьоно кэпсээн оҥостоллоро үһү. Эмээхсин онно киниэхэ: “Омуохай Хабырылла ойуун эппит уола, быһыыта, бу эн сылдьар эбиккин», — диэбит.

— Нэһилиэк олохтоохторо бары да оннук санааҕа кэлбит этилэрэ. Биир дойдулаахтарым алгыстара миэхэ күүспэр күүс эппитэ, бэйэбин эрэллээх тулааһыннаах курдук санаммытым, — диир норуот эмчитэ, отоһут Бииктэр Кырбаһааҥкын.

Кини эмтиир дьоҕурдааҕын Абыйга физкультура учууталынан үлэлии сылдьан итэҕэйбитэ. Тустууга эрчийэр оҕолоро эчэйии ыллахтарына, педучилищеҕа ылбыт үөрүйэҕинэн, имэрийэрэ, илбийэрэ. Арыт, солото суоҕунан, ыалдьар сирдэригэр илиитин көннөрү ууран ылара. Хас да хонон баран, өйдөөн кэлэн туоһуластаҕына, уолаттара бары көҕүспүт курдук: «Аматыйбыта, ааспыта», — дэһэллэрэ. Ону бастаан утаа бэйэтэ муодаргыыра. Кэлин учууталбыт эмчит эбит диэн сурах тарҕанан, улахан дьон эмиэ илбиттэрэ, дьарҕаларын мүлүрүттэрэ кэлэр буолбуттара. Итигирдик “Аата-суола суох уол” сиргэ түспүт силигэ, окко түспүт оҥоһуута сыыйа-баайа олоххо киирэн барбыта…

-Омуохай Хабырылла ыйбыт бэлиэлэрэ барыта миэхэ баар, — диир Бииктэр. Тоҕо “Аата-суола суох” диэбитин, аҕа тапталын билбэккэ улааппытынан, ийэтин — аатырар баай Ньукулай Кырбаһааҥкын хос сиэнин урууларын эҥэрдэһэн киһи-хара буолбутунан быһаарар.

“Чэпчэки илии” диэн баар

Сахаҕа “Киһи киһиттэн үөрэнэр, киһини киһи таһаарар” диэн бигэ өйдөбүл баар. Ол сиэринэн, улуу кырдьаҕас Абый Көстөкүүн кыыһа, биллиилээх норуот эмчитэ Александра Чиркованы уһуйааччытынан, сүбэһитинэн билинэр. Александра Константиновна Кэбэргэнэҕэ тиийэ сылдьан, бэйэтин эйгэтин киһитин өтө көрөн билбитэ, дьоҕурун арыйарыгар сүбэ-ама биэрбитэ, кэлин Москуба курдук киин сиргэ анал кыһаҕа тиийэн билиитин-көрүүтүн хаҥатынарыгар көмө-тирэх буолбута.

“Александра Константиновнаттан элбэххэ уһуллубутум, чуолаан кини сүбэтинэн-аматынан илбийэн эмтээһин кистэлэҥнэрин сэгэппитим”, — диир Бииктэр. Хааннааһыҥҥа Абый терапевт-бырааһыттан Дохунаев Баһылайтан, түөннүүргэ Төрүт ытык кырдьаҕаһа Винокуров Миитэрэйтэн элбэҕи иҥэриммитэ, туһаммыта. Ол тоҕус уоннаах оҕонньор бэйэтэ сиһинэн сыһыллан хаалбытын Бииктэр эмтээн атаҕар туруорбута. Сирэйэ-хараҕа сырдаабыт ытык кырдьаҕас ытыһын ыга тутан туран “Чэпчэки илии” диэн баарын дьэ итэҕэйдим”, — диэн махтаммыта, түөннээһининэн ылсан дьарыктанарыгар сүбэлээбитэ. Олоҕун суолун булунарыгар көмө-тирэх буолбут ытык-мааны дьонун Бииктэр өрүүтүн истиҥ махталынан ахтар.

Көстүбэт эйгэ кистэлэҥин сэгэтэн

Айдарыылаах эмчит илбийиини уонтан тахса сыл, хааннааһыны – сүүрбэччэ, түөннээһини уон биэс сыл утумнаах дьарыгынан эрэ толору баһылыахха сөбүн этэр. Онтон атын буолуон сатаммат диир.

Кини сахалыы эмтээһининэн – хааннааһынан, илбийиинэн, эмтээх отторунан – сүрэх, төбө, соҕуо, астма, сүһүөх, тоноҕос дьарҕа ыарыыларын, хаан баттааһына үрдээһинин бохсоруйар. Көстүбэт эйгэ кистэлэҥэ, икки атахтаах  эт толкуйунан, билиҥҥи билиитин таһымынан ситэн өйдөөбөтө, элбэх буоллаҕа. Уонунан бырааһы кэрийэн туһамматахтар, Бииктэргэ кэлэн ама буолбут, үтүөрбүт түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Биир астмалаах дьахтары эмтээн турардаах. Онтуката, кэлин билбитэ, чуолаан бу ыарыы эмкэ бэриммэт диэн научнай үлэлээх учуонай-быраас уоллаах буолан биэрбитэ…

Билигин норуот эмчитигэр, бэл, Москваттан, Новосибирскайтан, Владивостоктан, о.д.а. аат ааттаан кэлэн көмөлөһүннэрэллэр уонна сахалыы эмтээһин күүстээҕин итэҕэйэн төннөллөр.

Киһи кутун тутуута

Бииктэри айылҕата эмчит төрүт дьоҕурунан хадаҕалаабытын сэргэ хомуһуну бэрсибитин Муома, Өймөкөөн дьонугар инньэ ааспыт үйэ 90-с сылларыгар өйдүү-саныы сылдьалларын курдук итэҕэтэн турар.

Биирдэ кини киһи кута тахсарын көрбүтүн ааһан, ытыһыгар ылан туппуттааҕа. “Айылҕам бэйэтэ үөрэтээри, тургутан көрөөрү гынна быһыылааҕа”, — диир Бииктэр Сэмэнэбис ол Муома Сайдыытыгар буолбут түбэлтэни ахтарыгар. “Балыыһа дьиэтигэр хос ылан дьону массаастаатым. Уочараттаах эмтэнээччим – сэттэ уонуттан лаппа тахсыбыт эмээхсин киирдэ. Уонна көрөн турдахпына, нэҥирэ (эниэргийэтэ) чох уота сөҕүрүйэрин курдук умуллан барда. Хоругун бигээн көрдүм — сүрэҕэ тэппэт. Ыксаатым. Сиэстэрэм тахсан барбыта барбытынан, ханна да көстүбэт. Хайдах-туох буолуохпун билбэккэ турдахпына, биэс сантиметр курдук кээмэйдээх сырдык халлаан күөхтүҥү уот саар эмээхсин түөһүн тылыттан тахсан оргууй үөһэ уһунна. Ону мин саба тутан ылан, түөһүгэр хам баттаатым. Илиибин ыллахпына, төттөрү тахсан кэлэр. Син өр бодьуустастым, сылайа быһыытыйдым. Онтон ытыспын хайдах эрэ эрийэ туппуппар, дьэ оннун булбут курдук буолла. Эмээхсиним эппэҥнээн тыынан барда, имэ сыыйа тэтэрдэ. Ол кэнниттэн кини өссө уон биир сыл олорбута…”

“Омуохай Хабыралла кырдьаҕас Аата-суола суох уол дойдутугар тиит мастаах буолуоҕа диэн көрүүлэммитин тиэрдибиттэрэ. Ол мас ханна баарын билэбин. Кэмэ кэллэҕинэ бара сылдьыам. Билигин эрдэ курдук…” – диир норуот эмчитэ.

Дууһаҕын ууран үлэлиир буоллаххына…

Эмчит буоларга киһи ананан төрүүр”, — диир Бииктэр. Ким эрэ ол суолгунан сирдээн илдьэн иһэр, саҥарыа да суоххун саҥаттарар, этиэ да суоххун этиттэрэр курдугун этэр. Бастаан утаа олус эрэйдэнэрэ, санаарҕыыра – эппиэтинэһэ улахана бэрт буоллаҕа. Хара ааныттан быраастары кытта эҥэрдэһэн үлэлээбитин, кинилэртэн үгүскэ үөрэммитин, билиитин-көрүүтүн хаҥатыммытын бэлиэтиир. Чахчыта да оннук — киһи киһиттэн сатабылы, билиини иҥэринэн, онно тирэҕирэн салгыы сайдар буоллаҕа.

— Миэхэ кэлбит хас биирдии киһиэхэ ис дууһабыттан, өйбүн-санаабын ууран туран көмөлөһөргө кыһаллабын. Оччотугар бэйэм кытары чэпчиир курдукпун. Аһаҕас дууһалаах үлэлиир буоллаххына, эн куттаммаккын, араҥаччыһыттаах курдук сананаҕын, — диэн этэр айылҕаттан айдарыылаах Бииктэр Кырбаһааҥкын.

 Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0