Аат кистэлэҥэ уонна дьикти күүһэ

Ааптар: 
14.11.2021
Бөлөххө киир:

Эдэр ыал, Фаина уонна Слава, олунньу 23-с күнүгэр кыыстаммыттара.

— Кыыспын Ньургууна диэҕим! Ол аата буойун кыыс, кыыс-бухатыыр диэн! Аармыйа күнүгэр төрөөтөҕө дии! –  Слава будьурхай баттаҕын өрө ньиккэрийбитэ уонна мичээрдээн маҥан тиистэрэ кэчигирээбитэ.

— Су-оох! Мартина диибит, — Фаина буолумматтыы эппитэ, ачыкытын тааһа люстра уотугар кылабачыйан ылбыта..

Миигиттэн, кырдьаҕас учууталларыттан, саҥа киһини хайдах ааттыахха сөбүн ыйыппыттара.

— Мартина – «сэрииһит кыыс» диэн ис хоһоонноох, Ньургуунаттан улахан уратыта суох аат. Кыһын, дьыл тыйыс кэмигэр төрөөбүт оҕоҕо сымнаҕас, сылаас ааты бэриллиэхтээх, — диэбитим мин, — аатыгар иккиэҥҥит аатын дорҕоонноро баар буоллаҕына өссө ордук.

Кыысчааны София диэн ааттаабыттара.

***

Оҕоҕо бэриллэр аат, кырачаан майгытыгар быһаччы сабыдыаллыырын быһыытынан, киһи инники төлкөтүн түстүүр.

Аат олус күүстээх иэйиини сэргэ, элбэх билиини иҥэринэ сылдьар ураты суолталаах тыл буоларын умнуо суохтаахпыт.

Холобур, уол Эрчим диэн ааттааҕын истээт, бу сытыы-хотуу, сэниэлээх, саха оҕото буоларын тута сэрэйиллэр. Оттон Владимир диэн ааттаах дьон салайар, аан дойду олоҕор уларытыыны киллэрэр дьоҕурдаахтара, кыахтаахтара биллэр. Ааттара «аан дойдуну баһылыырга» аныыр курдук. Аат оннук эбээһинэстиир, бороруоктуур курдук буолан тахсар.

Дьэ, ол эрэн, тыһыынчанан дьон биир ааттаах эрээри, дьылҕалара тус-туһунан буолар. Ол аата, биир аат араас дьоҥҥо тус-туһунан сабыдыаллыыр, дьайар кыахтаах эбит.

Киһи олоҕор аат бэрт улахан суолталаах. Сөптөөх аат киһи айылҕаттан айдарыллыбыт хаачыстыбаларын, дьоҕурун сайыннарар, тупсарар айылгылаах.

2000 сыллаахха тахсыбыт «Писатели земли Олонхо» справочниктан көрдөххө, 25 саха биллэр суруйааччыта Николай диэн ааттаах эбиттэр. Олор истэригэр Неустроев, Мординов, Тарабукин, Золотарёв, Лугинов, Винокуров, Павлов, Босиков, Рыкунов, Курилов, Харитонов курдук литература оҥкулун охсуспут да, саха литературнай тыла бигэтик олохсуйарыгар улахан кылааты киллэрсибит да, туспа суоллаах-иистээх аныгы да тыл маастардара бааллар. Оттон Христофор, Ксенофонт, Пантелеймон, Моисей, Рафаэль диэн аат суруйааччыларбытыгар сэдэх, биирдии, бэккэлээтэҕинэ, иккилии эрэ.

***

Биир тастыҥ балтым аах уол оҕоломмуттара. Уолун эһэтин аатынан Никифор диэн ааттаабыттара. Сиэн быраатым оскуолаҕа киириэҕигэр дылы «Форик диэн ааттаахпын» дии саныыра.

— Учууталым миигин Никииппэр диир! – диэн кэпсээннээх кэлбитэ Форик, бастакы кылааска киирэн баран.

— Толору аатыҥ итинник, Форик, — аҕата уолугар быһаарбыта.

***

Ааты таларга саҥа киһи дьыл хайа кэмигэр күн сирин көрбүтэ эмиэ учуоттанар. Саас төрөөбүттэр уйаҕас, сайаҕас, чараас дууһалаах буолаллар. Онон кинилэргэ бэйэҕэ эрэли  бөҕөргөтөр, сыалы-соругу ситиһэргэ дьулууру күүһүрдэр ааттартан талан биэрэр ордук.

Сайыҥҥы кэмҥэ төрөөбүттэр үксүгэр киириилээх-тахсыылаах, тэтимнээх буола улааталлар. Кинилэргэ тулуурдарын, дьулуурдарын тупсарар аат ордук барсар.

Күһүҥҥүлэр атыттартан чиргэллэринэн, хадаардарынан уонна сытыы өйдөрүнэн уратылаахтар. Маннык оҕолорго дьоннуун сатаан алтыһарга дьүөрэлээх «сымнаҕас» ааттар ордук сөп түбэһэллэр.

***

Биирдэ табаарыстарбыт Байбаллаах Сайыына саҥа төрөөбүт уолдарыгар икки нэдиэлэ аат толкуйдуу сатаан баран, биһигини ыҥырбыттара. Кэргэмминиин ыалдьыттыы тиийбиппит. Сэһэргэһэн, үөрэ-көтө үүттээх чэй иһэн баран, уолчааҥҥа аат талар туһунан кэпсэтии буолбута.

Сайыына, кырачаан киһи ийэтэ:

— Сахалыы ааттыыр былааннаахпын. Дьулустаан эбэтэр Айхал диэн ааттартан талан биэриэхпин баҕарабын, — диэбитэ, санныгар быраҕыммыт түү былаатын көннөрбүтэ, уонна уолчаанын бигии-бигии тугу эрэ муннун анныгар ымманыйбыта.

— Суох, суох, — табаарыһым баһын быһа илгистибитигэр баттаҕа силир гыммыта, — ол тоҕо эбэһээт эн сурдьуҥ эбэтэр таайыҥ ааттарынан буолуохтааҕый? Мирослав эбэтэр Дмитрий диэххэ. Санаан да көр, Попов Айхал Павлович, эбэтэр Попов Мирослав Павлович ордук иһиллэр дуу?!

— Оҕоҕо бэйэтигэр талларыахха, — диэбитим мин.

— Ол хайдах? – Сайыыналаах Байбал, мин диэки хайыһаат, тэҥинэн ыйыппыттара..

— Айхал, – диэн саҥарбытым, оҕоҕо туһаайан. – Айхал.

Кырачаан суутун иһигэр мөхсүбүтэ, сирэйэ кытарыар диэри ыгыллыбыта.

— Мирослав, — оҕону атын аатынан ыҥырбытым. Кыччыгый Попов ытаары мэрбэҥнээбитэ. Ийэтэ бигээн хамсаппытыгар, уоскуйбута.

— Дьулустаан, — санаабар, бэрт истиҥник ааттаабытым да, бу ааты оҕо истибэтэх курдук туттубута.

-Дима, — аҕата ааттыан баҕарар аатын эппитим. Уолчаан бэттэх диэки хайыспыта.

— Дима диэни талла! –диэбитэ кэргэним уонна күлэн лыҥкынаппыта, киниэхэ Айыына кыттыспыта. Байбал көрдөөхтүк күлсэр дьүөгэлэри көрөн ымайбыта уонна миэхэ илиитин ууммута:

— Сөп, Дмитрий диэн буоллун.

***

Ардыгар, дьылҕа хаан ыйааҕынан, киһи аатыгар сыһыаннаах олус дьикти сөп түбэһиилэр буолаллара кэрэхсэбиллээх.

Былыр, 17-с үйэ иккис аҥарыгар, 1660 сыллаахха, ахсынньы 5 күнүгэр, Англияны уонна Францияны ситимниир Ла-Манш силбэһиигэ хараабыл тимирбитэ. Суудуна дьонуттан биир эрэ мотуруос быыһаммыта. Кини аата Хью Уильямс диэн этэ.

Ол кэмтэн ыла сүүс сүүрбэ сыл ааспыта. 1780  сыллаахха, эмиэ ахсынньы 5 күнүгэр, эмиэ ол сиргэ атын хараабыл саахалламмыта, ууга тимирбитэ. Соҕотох тыыннаах хаалбыт киһи Хью Уильямс диэн ааттааҕа.

Сыллар ааспыттара. 1820 сыллаахха, атырдьах ыйын 5 күнүгэр, Лондоҥҥа, Темза өрүскэ, дьону хатааһылатар оҥочо түҥнэстибитэ. Тыыга олорсон испит дьон бары ууга былдьаммыттара, арай, биэс саастаах уол оҕо быыһаммыта. Кини аата… Хью Уильямс диэн этэ.

Иккис Аан дойду сэриитин кэмигэр, 1940 сыллаахха, атырдьах ыйын 10 күнүгэр, англичааннар хараабыллара ньиэмэстэр миинэлэригэр эстибитэ. Икки эрэ киһи быыһаммыта: эдэр уонна кини абаҕата. Кинилэр иккиэн биир ааттаахтара – Хью Уильямс.

Эдгар Аллан По 19-с үйэҕэ буолбут дьулаан түбэлтэни суруйбута. Онно хараабыл тимирэрин ойуулаабыта. Түөрт киһи шлюпкаҕа олорон аһаҕас акыйааҥҥа хас до хонук уста сылдьыбыттар. Утатан, хоргуйан, быстаран барбыттар. Аччыктаан тыыннара хараарбытыгар, Ричард Паркер диэн стюард уолу өлөрөн сиэбиттэр…

Оттон суруйааччы, философ Артур Кеслер 1984 сыллаахха буолбут дьиҥнээх түбэлтэни суруйбута. «Мигнонетта» диэн баарыстаах хараабыл тимирбитигэр түөрт киһи шлюпкаҕа олорбуттар. Хас эмэ күн муора устун уста сылдьыбыттар. Утатан, аччыктаан букатын иэдэйбиттэр. Тиһэҕэр тиийэн, эдэр стюард уолу тыынын салҕаан баран сиэбиттэр. Ол стюард эмиэ Ричард Паркер диэн ааттааҕа…

Сиэртибэ буолбут сордоохтор, биир идэлээхтэрин таһынан ааттара, араспаанньалара эмиэ биир эбит.

***

Россияҕа оҕолорго билигин ханнык ааттары ордук хамаҕатык биэрэллэрин ылан көрүөххэ.

2020 сылга уолаттарга саамай элбэхтик бэриллибит ааттар:

  1. Артём (былыргы гректии, Артемида таҥара аатыттан тахсар, «көмүскэллээх» диэн суолталаах).
  2. Александр (былыргы гректии, «дьону көмүскээччи»).
  3. Михаил (былыргы еврейдииттэн төрүттээх, «Таҥараҕа тэҥнээх» диэн ис хоһоонноох).
  4. Максим (латыынныы, «улуукан, улахан»).
  5. Иван (былыргы еврейдииттэн, «Таҥара бэлэҕэ»).

Оттон кыргыттарга:

  1. София (былыргы гректии, «муударас», «наука»).
  2. Виктория (латыынныы, «кыайыы»).
  3. Анна ( былыргы еврей тылыттан, «Таҥара үтүө сыһыана»).
  4. Мария (былыргы еврейдииттэн, «кыһалҕата суох», «кэтэһиилээх»).
  5. Алиса (ньиэмэстииттэн, «үтүө төрүттээх» эбэтэр былыргы еврейдии Элиша, «Таҥара – быыһанар суол» диэнтэн).

Билигин биһиги судаарыстыбабыт демографияҕа сыһыаннаах улахан бырайыактары олоххо киллэрэн эрэрин бары билэбит, истэбит. Элбэх оҕолоох ыалга араас өрүттээх социальнай көмө оҥоһулларын көрөбүт.

Эдэр дьон оҕолоругар сөптөөх ааты талан, инники кэскиллэрин түстүүллэригэр баҕарыаҕыҥ.

Максим Ксенофонтов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0