Ааспыт сылга 18 улууска буруйу оҥоруу аҕыйаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт 2018 сылга буруйу оҥоруу туругун туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 

edersaas.ru

Ол курдук, былырыын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 11936 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Ити 2017 сыллааҕыттан 3,7 %-нан аҕыйах (2017 сылга 12399 этэ).

18 улууска буруйу оҥоруу аҕыйаабыт, ордук чуолаан — Абыйга, Эбээн Бытантайга, Бүлүүгэ, Чурапчыга, Өлөөҥҥө, Тааттаҕа. Дьокуускай куоракка -.8,5%-нан.

Оттон 17 улууска буруйу оҥоруу үрдээһинэ бэлиэтэнэр. Маны тэҥэ, 13, 6 %-нан ыар уонна ураты ыар буруйдар ахсааннара элбээбит. Бу үрдээһин күүһүлээһин суотугар эмиэ — 25-тэн 48-ка диэри, ол эбэтэр, 92 %-нан. Ордук элбэх күүһүлээһин Үөһээ Бүлүүгэ, Орто Халымаҕа уонна Дьокуускай куоракка тахсыбыттар.

Киһи бас билиитин утары туһуламмыт буруй ахсаана 11,7 %-нан аҕыйаабыт: 4127 уоруу, 312 халааһын, 39 талааһын, 32 харчы түүрэйдээн ылыы уонна 983 түөкүннээһин чахчылара бэлиэтэммиттэр.

18,5 % -нан экономическай хайысхалаах буруйдар элбээбиттэр – 498-тан 590-ҥа диэри. Ордук чуолаан, Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо, Сунтаарга, Тааттаҕа уо.д.а. улуустарга.

Хоруупсуйаҕа сыһыаннаах 144 буруйу булбуттар, ол 2017 сыл көрдөрүүтүн кытта тэҥнээтэххэ, 4,3 %-нан элбэх (2017 сылга – 138). Маннык буруйдар ордук Дьокуускай куоракка, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ уонна Уус Алдаҥҥа тахсыбыттар.

Киһи өлүүлээх суол быһылааннара 24,5 %-нан аҕыйаабыттар — 49-тан 37-ҕэ диэри.

Ырытыы көрдөрбүтүнэн, арыгы иһэн баран буруйу оҥоруу 8,1%-нан аҕыйаабыт (4168 чахчы). Оттон наркотиктан туймаарыйа сылдьан буруйу оҥоруу көрдөрүүтэ 49,1 %-нан аччаабыт – 57-тэн 29-ка диэри.

Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго туһуланан, 870-тан тахса буруй оҥоһуллубут. Итинтэн сүрүннээн, оҕотугар алимены төлөөбөт буолуу элбэх – 371, половой тыытыллыбат буолууну утары — 273 буруй.

Оттон обургу оҕолор буруйу оҥоруулара 7,7 %-нан аҕыйаабыт – 504-тэн 465-кэ диэри, сүрүннээн, уоруу баһыйар – 304 чахчы.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Уруһуй: Александр Попов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0