Ааспыт сууккаҕа икки ойуур баһаара умуруорулунна

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 15 күнүн, сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр 21 ойуур баһаара итиэннэ сылдьарга эрэйдээх, ыраах сиргэ 19  сиринэн саҥа уот туруута  (возгорание) бэлиэтэннэ.  Уот ылбыт уопсай иэнэ  25179 га.

Күн бүгүн Нерюнгри оройуонугар турбут уоту умуруорууга Авиалесоохрана  19 парашютист-десантнига үлэлиир.

Ааспыт сууккаҕа Уус Маайа уонна Ленскэй улуустарыгар 2  ойуур баһаара умуруорулунна.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ ойуурга уоту туһаныыга сэрэхтээх буоларга ыҥырар. Ойуур баһаарын туһунан 8-4112-44-74-76 эрэгийиэннээҕи диспетчергэ эбэтэр 8-800-100-94-00 нүөмэргэ быһа эрийэн биллэриэххэ сөп.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0