Ааспыт сууккаҕа биэс ойуур баһаарын умуруордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр барыта 411 240 га иэннээх биэс ойуур баһаарын умуруордулар. 

Маны таһынан, 302 209 га иэннээх алта ойуур баһаара бохсулунна. Итиэннэ 2 072 га иэннээх 12 саҥа күөдьүйүүнү буллулар.

Ойуур баһаарын умуруорууга 1247 киһи, 107 тиэхиньикэ, ол иһигэр 419 салгын суудуната үлэлиир. Бүгүн Аллараа Бэстээх тимир суолун ыстаансыйатыгар эбии байыаннай тиэхиньикэ кэлэрэ күүтүллэр диэн сарсыардааҥҥы брифиҥҥэ иһитиннэрдилэр.

Сайыҥҥы шкаланан баһаар суоһуур кутталлаах үрдүкү кылааһын учуоттаан, Аммаҕа, Уус Майаҕа, Алдаҥҥа, Томпоҕо баһаар күөдьүйүөн сөп диэн сабаҕалааһыннар бааллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0