Ааспыт сууккаҕа алта ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын  18  күнүн, сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 16 ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ. Баһаардар уопсай иэннэрэ  14238 га.  Маны таһынан  нэһилиэнньэлээх пууннар, тыа хаһаайыстыбатын уонна да атын категория сирдэригэр түөрт сиргэ уот  турда.

Бүгүҥҥү туругунан 11  баһаары умуруорууга   Авиалесоохрана  277,  ойуур хаһаайыстыбатын   48 үлэһитэ  итиэннэ  техника үлэлииллэр.   Ааспыт сууккаҕа  6 ойуур баһаара уонна атын категория сирдэригэр турбут    4 баһаар умуруорулунна, биир бохсулунна.

СӨ Экология министиэристибэтэ Саха сирин олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар ойуурга уоттан сэрэхтээх буоларгытыгар сүбэлиир. Ойуур баһаарын көрдөххүтүнэ, биллэххитинэ 8-4112-44-74-76 эбэтэр 8-800-100-94-00 нүөмэргэ эрийэргитигэр сүбэлиир.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0