Коронавируснай инфекцияны бохсор суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, ааспыт сууккаҕа 559 киһи үтүөрбүт. 401 киһи ыалдьыбытыттан 32 киһи балыыһаҕа киирбит, ол онтон 24,4%-на — Дьокуускайга, 75,6%-на — улуустарга.
Кулун тутар 24 күнүгэр ыалдьыбыт дьон 14,7%-ра балыыһаҕа, дьиэлэригэр – 85,3% эмтэнэллэр. Бу дьон 15%-ра “дельта” штаммынан ыараханнык ыалдьаллар. Суукка иһигэр 4252 анаалыс оҥоһуллубут.
Коронавируһу утары быһыыны биэрии салҕанар. Бүгүҥҥү туругунан, 606 890 киһи быһыы бастакы укуолун (84,6%) ылбыт. Иккистээн быһыыны 151 205 киһи ылбыт. Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Өймөкөөн улуустарыгар вакцинация хаамыыта намыһах.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1