Ааспыт сууккаҕа 4 ойуур баһаара умуруорулунна

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын  25 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 23 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

Ол иһигэр:

6 — Мииринэйгэ;
4 — Уус Маайаҕа;
3 — Алдаҥҥа;
2-лии —  Ленскэйгэ, Томпоҕо, Өлүөхүмэҕэ, Эдьигээҥҥэ;
1-дии — Бүлүүгэ, Ньурбаҕа.

Баһаардар уопсай иэннэрэ  35914 га.

Бүгүҥҥү туругунан уопсайа 26576  га иэннээх 15 ойуур баһаарын умуруорууга  655 киһи уонна  17 техника үлэлиир.

Ааспыт сууккаҕа   Томпо, Орто Халыма, Нерюнгри  оройуоннарыгар турбут түөрт баһаар умуруорулунна диэн Суһал ыстаап иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0