Ааспыт сууккаҕа 10 ойуур баһаара умуруорулунна

Бөлөххө киир:
Балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 232 710 га иэннээх 29 ойуур баһаара баар.
Билиҥҥи туругунан   алта оройуоҥҥа турбут 141 604 га иэннээх аҕыс ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар. Мантан 104 306 га сиргэ  баһаар бохсулунна итиэннэ  1 785 га иэннээх 10 баһаар умуруорулунна. Бу туһунан бүгүн сарсыарда ыытыллыбыт брифиҥҥэ экология миниистирин солбуйааччы Сергей Сивцев иһитиннэрдэ.

Маны таһынан Хаҥалас, Уус Алдан, Бүлүү улуустарыгар  эбии 10 баһаар булуллубут.

Уоту утары охсуһууга билиҥҥитэ  334 киһи,  23 техника уонна биир көтөр аал үлэлиир. Бэҕэһээ  Ми-8 суудуна Ньурба улууһугар үлэлээбит.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0