Ааспыт сууккаҕа 10 баһаары умуруордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ойуур баһаардарын бохсуу суһал ыстаабын бүгүн сарсыардааҥҥы мунньаҕар иһитиннэрбиттэринэн, ааспыт сууккаҕа 617 223 га иэннээх 10 ойуур баһаарын умуруорбуттар, 1 010 294 га иэннээх 19 ойуур баһаарын бохсубуттар.

Итиэннэ 3 593 га иэннээх 6 саҥа баһаар күөдьүйбүтүн булбуттар.

Ил Дархан Айсен Николаев Горнайга, Чурапчыга, Уус Майаҕа балаһыанньа бигэтийэн эрэр, ол эрээри өрөбүллэргэ баһаардары бохсууга уонна умуруорууга үлэни күүһүрдүөххэ наада диэн эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0