Бүтэһик хонукка үс саҥа баһаар бэлиэтэммит

Ааптар: 
09.06.2020
Бөлөххө киир:

«Авиалесоохрана» суһал ыстааба биэрбит бүтэһик чахчыларынан, өрөспүүбүлүкэҕэ билигин 7 баһаар баара бэлиэтэнэр.

Умайа турар сир уопсай иэнэ 32,7 гектарга тэҥнэспит. Баһаар кутталаах кэмэ саҕыланыаҕыттан, уопсайа  98 айылҕа баһаара бэлиэтэммит. Кэнники хонукка 3 саҥа баһаар бэлиэтэммит, 7 — умуруоруллубут. Дьоҥҥо уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суох. 

Баһаардары умуруорууга бэҕэһээ 237 киһи үлэлээбит, 23 тиэхиньикэ туһаныллыбыт. Суһал түгэннэргэ анаан Арассыыйа ЫБММ сөмөлүөттэрэ бэлэм тураллар.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0