«Авиалесоохрана» суһал ыстааба биэрбит бүтэһик чахчыларынан, өрөспүүбүлүкэҕэ билигин 7 баһаар баара бэлиэтэнэр.
Умайа турар сир уопсай иэнэ 32,7 гектарга тэҥнэспит. Баһаар кутталаах кэмэ саҕыланыаҕыттан, уопсайа 98 айылҕа баһаара бэлиэтэммит. Кэнники хонукка 3 саҥа баһаар бэлиэтэммит, 7 — умуруоруллубут. Дьоҥҥо уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суох.
Баһаардары умуруорууга бэҕэһээ 237 киһи үлэлээбит, 23 тиэхиньикэ туһаныллыбыт. Суһал түгэннэргэ анаан Арассыыйа ЫБММ сөмөлүөттэрэ бэлэм тураллар.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1