Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо түөкүттэргэ үс мөлүйүөнү «бэлэхтээтилэр»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыраахтан олорон харчыны уорааччыларга дьон күн аайы түбэһэр.

edersaas.ru

Бэс ыйын 14-19 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ информационнай-телекоммуникационнай технологиялары туһанан 23 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэннэ. Ол иһигэр, 15 ыраахтан олорон масыанньыктааһын, 8 баан хаартатыттан уоруу. Бу кылгас кэм иһигэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар масыанньыктар үс мөлүйүөн солкуобай хоромньуну оҥордулар диэн ИДьМ официальнай сайта иһитиннэрэр.

ИДьМ пресс-сулууспата ыраахтан олорон түөкүннээһин хас да көрүҥэ баарын сэрэтэр: баан, быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһитэбин диэн сымыйалааһын, атыы-атыылаһыы туһунан сымыйа биллэрии итиэннэ түргэн барыһы биэрэр албын биржа былаһаакката.

Дьоннор олору итэҕэйэннэр, баантан иэс ыла-ыла, элбэх суумалаах хоромньуну көрсөллөр. Ытыктабыллаах өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, сэрэхтээх буолуҥ! Масыанньыктар төлөпүөнүнэн эрийэн, арааһы эрэннэрэр албыннарыгар киирэн биэримэҥ, – диэн ИДьМ сэрэтэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0