Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо түөкүттэргэ 2,5 мөл. солк. «бэлэхтээтилэр»
Ис дьыала министиэристибэтин чахчыларынан, от ыйын 13 — 18 күннэригэр дистанционнай түөкүттэртэн өрөспүүбүлүкэ 23 олохтооҕо эмсэҕэлээбит.
Ол курдук, Дьокуускай куорат уонна Алдан, Мииринэй, Ленскэй, Булуҥ, Чурапчы, Эдьигээн, Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо түөкүттэр хабаларыгар киирэн биэрдилэр. Уопсайа бу гражданнар 2 мөлүйүөн 500 тыһыынча солкуобайдарын албыннаттылар.
Ис дьыала үлэһиттэрэ Саха сиригэр дистанционнай түөкүннээһин хас да көрүҥэ баарын туһунан өссө төгүл санатан этэр. Ол иһигэр баан, быраап уорганнарын сымыйа үлэһиттэрин таһынан, иннэ-кэннэ биллибэт биржа былаһааккатыгар сымыйа биллэриилэр бааллар.
«Ытыктабыллаах өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, сэрэхтээх буолуҥ! Масыанньыктар төлөпүөнүнэн эрийэн, арааһы эрэннэрэр албыннарыгар киирэн биэримэҥ», – диэн ИДьМ сэрэтэр.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1