Ааспыт нэдиэлэҕэ 8700 киһи ОРЗ ыарыыга сутуллубут

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр биир нэдиэлэ иһигэр 8700 ОРЗ ыарыыга сутуллуу бэлиэтэммит. Бу туһунан Саха сиринээҕи Роспотребнадзор саайта биллэрэр. edersaas.ru

“Кулун тутар 14 күнүттэн 21 күнүгэр диэри 8700 тымныйыыны көбүтэр вируснай ыарыыга сыстыы бэлиэтэннэ. Ыалдьааһын ахсаана оротунан эпидемическэй боруогу 31,4% ааспыт” диэн биллэриигэ суруллубут.

Ыалдьыбыт дьон 78%-а — оҕолор. Тымныйыынан ыалдьыы бары сааска үрдүк көрдөрүүлээх эрээри, ордук элбэх ыарыһах (40,9%) сэттэлэриттэн уон түөрт саастарыгар диэри оҕолорго бэлиэтэммит.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска www.n-vartovsk.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0