Александр Жирков Ил Дархан, Госдуума быыбарын уонна билиҥҥи кэм уратыларын туһунан этиилэрин анаарыы
Ытыктабыллаах ааҕааччыларым! Госдуумаҕа дьокутааты талыы хампаанньата үгэннээн турдаҕына, мин үгүс дьон көрдөһүүтүн толорон, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Николаевич Жирковтан быыбар туһунан санаатын этэригэр көрдөспүтүм. Хомойуох иһин, быыбар сокуона мэһэйдээн, А.Н. Жирков этиилэрэ хаһыакка бэчээттэммэтэҕэ, куйаар ситимигэр эрэ тарҕаммыта. Ол да үрдүнэн, дьон-сэргэ кини этиилэрин бэркэ сэҥээрбитэ. Миэхэ үгүс киһи санаатын этэн баран, маны элбэх сурутааччылаах хаһыакка таһаарар буоллар диэн баҕа санааларын биллэрбиттэрэ. Онон ол интервьюм сорҕотун хатылаан туран, эбии тугу этэрин, суруйабын.
Кинини билбэт биһиэхэ соччо элбэҕэ суох буолуо. V ыҥырыылаах Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ. Биллиилээх судаарыстыбаннай уонна общественнай деятель, Арассыыйаҕа, үгүс атын субъектар сокуону оҥорор тэрилтэлэригэр биллэр, билиниллэр политик. Татарстан парламенын Бэрэссэдээтэлэ Фарид Мухаметшин Александр Жиркову «Глыба российского парламентаризма» диэн ааттаан турар. А.Н. Жирков салалтатынан уонна көҕүлээһининэн биһиэхэ саха култууратын, искусствотын, литературатын, сахалыы тылы, сахалыы үөрэҕи туруулаһыы, саха олоҥхотун, төрүт үгэстэрин, тылынан уус-уран айымньытын харыстаһыы, саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятын аатын үйэтитии үлэтэ тэриллэр. Ил Түмэҥҥэ судаарыстыбаннас, тыл, үөрэх, сири бас билии, сир баайын туһаныы, омук харыстабылын, айылҕа, экология боппуруостарыгар булгуруйбат позициялааҕын көрдөрбүт, дьон-сэргэ ылыммыт, итэҕэйбит соччо элбэҕэ суох киһибититтэн биирдэстэрэ.
Александр Николаевич, төһө да ыар ыарыы бохсо сатаатар, санаатын булгуруппат, олоххо, үлэҕэ тардыһыытын, норуотун туһугар санаатын ыһыктыбат. Көрсүһэргэ көҥүл суоҕунан уонна суруйарыгар ыарахаттары көрсөрүнэн, мин кинилиин төлөпүөнүнэн хас да төгүл кэпсэтэн, ыйытыыларбар санаатын этэригэр көрдөспүтүм. Кини буоларга-буолбакка биллэ-көстө сатаабат, интервью мээнэ биэрбэт. Онон мин тылбын быһа гымматаҕар махтанабын. Кэпсэтиилэрбиттэн хас да түгэни – билиҥҥи кэмҥэ омук дьылҕатын, Госдуумаҕа буолаары турар быыбары, саха интеллигенциятын, дьон өйө-санаата уларыйыытын уратыларын туһунан этиилэриттэн тугу суруммуппун ааҕааччыларбар тиэрдибитим. Ыйытыыларым маннык саҕаламмыттара:
И. Ушницкай: Балаҕан ыйыгар буолуохтаах Госдуума быыбарыгар үгүс дьон санаата бутуллан олорор. Дьон бэйэтэ ылынар, итэҕэйэр киһитин тылын-өһүн истиэн баҕарар.
А. Жирков: Буолаары турар быыбардар биирдиилээн дьоҥҥо эрэ буолбакка, бүтүн норуокка, омукка хайдыһыыны таһаарар кутталланнылар. Ол төрүөтэ – атын утарылаһааччыларыттан ойуччу үөһээ турар, дьон бүк ылынар, ордорор күүһэ суох курдук буолла. Ол түмсүү суоҕун көрдөрөр.
И.Ушницкай: Александр Николаевич, «Биир ньыгыл Арассыыйа» партияны кириитикэни кэлин элбэхтик ааҕабыт, истэбит. Итиннэ тугу этиэҥ этэй?
А. Жирков: Биһиги үгүспүт «Биир ньыгыл Арассыыйаны» партия эрэ курдук көрөбүт. Дьиҥэ, оннук буолуохтаах даҕаны. Ол гынан баран, билиҥҥи Арассыыйаҕа «Биир ньыгыл» көннөрү партия эрэ буолбатах, кини туох-ханнык иннинэ – былаас партията. Оттон Арассыыйаҕа былаас, чуолаан киин былаас кыаҕа мөлтүү илик. Онон, хайа эмэ региоҥҥа «Биир ньыгыл» өйөнөрүн-өйөммөтүн «Бу сиргэ киин былааһы, салалтаны өйүүллэр дуу, суох дуу?» диэн кэтэбилгэ сылдьар. Итинник быһыы-майгы кэнники кэмҥэ ордук күүһүрдэ. Мээнэҕэ Саха сиригэр «Биир ньыгыл» партияны салайааччынан, ол аата, бу партия быыбарга көрдөрүүтүгэр сирэй эппиэттээх киһинэн өрөспүүбүлүкэбит баһылыгын Айсен Сергеевиһы анаабатылар. Кини бэйэтэ тылламматах суола.
Онон, Госдуума быыбарыгар өрөспүүбүлүкэбитин, бэйэбит талбыт Ил Дархаммытын өйүүр, ол аата омук, норуот быһыытынан бэйэбит салайынар, дьаһанар кыахпытын, дьоҕурбутун көрдөрөр, көмүскэнэр сорук турар. Итинник соруктаах сылдьан бүтүн Арассыыйаҕа былааһы тутан олорор партияны кытта утарса оонньуур бэйэбитигэр охсуулаах буолуоҕа. Тэҥ күүстээх, тэҥ кыахтаах партиялары күрэстэһиннэрэр таһымҥа Арассыыйа тиийэ илик. Оннук кэм кэлиэҕэ. Ол иннинэ барыларыттан уһулуччу ойо сатааһын норуокка, омукка да содула улахан.
И. Ушницкай: Махтал. Быыбар тиэмэтиттэн эмиэ өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар көһүөххэ. Кэнники кэмҥэ А.С.Николаевы атын үлэҕэ барар эҥин диэн сурах элбэх дии? Арай оннук түгэн үөскээтин, оччотугар хайдах буолабыт?
А. Жирков: Итинник сураҕы-садьыгы, сүнньүнэн, бэйэбит хорохоотторбут тарҕата сатыыллар. Айсен Сергеевиһи ханнык да төрүөтүнэн Саха сириттэн тэйитии билиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ улахан охсуулаах буолуоҕа. Ол аата биһиги туох-ханнык иннинэ Ил Дархаммыт төһө сатанарынан манна Сахабыт сиригэр салгыы үлэлииригэр баҕалаах уонна онуоха хас биирдиибит көмөлөөх буолуох тустаахпыт.
Санаан көр. 2018 сыллаахха Е.А.Борисовы тохтотуу кэнниттэн үөскээбит быһыыга-майгыга А.С.Николаевтан атын өрөспүүбүлүкэни салайар соругу сүгүөх айылаах уонна онуоха дэгиттэр бэлэмнээх атын саха киһитэ да суоҕа. Айсен Николаев бэйэтин 40-ча сааһыгар биһиги бастакы Президеммит М.Е.Николаев, салгыы В.А.Штыров, Е.А.Борисов өрөспүүбүлүкэни салайар кэмнэригэр Ил Түмэн дьокутаатынан, улахан баан салайааччытынан, үп миниистиринэн, Президент администрациятын салайааччынан, Правительство бэрэссэдээтэлин тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччынан, киин куораппыт – Дьокуускай дьаһалтатын баһылыгынан үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ, атын субъектарга, дойду салалтатыгар, федеральнай былааска биллэр-көстөр үлэһит буолбута.
Онон, Е.А.Борисов кэнниттэн А.С.Николаевы Ил Дархаҥҥа туруорсуу уонна талыы биһиги норуоппут кэмигэр уонна сөптөөх дьаһаныыта буолбута. Ол быһаарыныыбытын билигин уларытыа суох кэриҥнээхпит.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтата уларыйарыгар-тэлэрийэригэр биһиги билигин бэлэммит дуо, онуоха сөптөөх, бэлэмтэн талан ылар дьонноохпут дуо? Эбэтэр бэйэбит ыччаттарбытын бэйэбит ыһыталаан кэбиһэн баран, таһыттан кэлэн дьаһайалларын суохтаатыбыт дуу? Билиҥҥи былдьаһыктаах быыһык кэмҥэ инники күөҥҥэ таһаарбыт ыччат дьоммутун төһө кыалларынан харыстаһыы, кинилэри өйөөһүн, кинилэргэ күүс-көмө, сүбэ-ама, тирэх буолуу – норуот, омук мындырын, дириҥин бэлиэтэ. Сөпкө дьаһаммыппыт кэнэҕэс көстөн кэлиэҕэ.
И. Ушницкай: Оттон биһиги тоҕо маннык кыһалҕаҕа түбэстибит?
А. Жирков: Ити кыһалҕа буолбатах, кэм-кэрдии уратыта. Биһиги, норуот быһыытынан, билигин быыһык кэмҥэ олоробут. Быыһык кэм диэн түмүктэнэ илик уларыйыы, биир туруктан атын турукка көһүү кэмэ. Бу уларыйыы дьиҥэр, бүтүн аан дойдуга буола турар. Учуонайдар «мировая смена технологических укладов» диэн ааттыыллар. Үйэҕэ биирдэ-иккитэ кэлэн ааһар. Ити быыһык кэм норуот дьылҕатыгар да, олохпутугар-дьаһахпытыгар да, ол иһигэр салалтабытыгар эмиэ дьайар, кыаҕа суох судаарыстыбаҕа, омукка содула ордук улахан буолар.
Быыһык кэм биһиги олохпут атын эйгэлэригэр хайдах дьаһаныыны эрэйэрин туһунан кэпсэтиини кэнэҕэскигэ хаалларан баран, чопчу салалта туһунан этэр буоллахха, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар билигин көлүөнэ уларыйыыта саҕаланна. Саҕаланна эрэ, түмүктэнэ илик. Сэбиэскэй кэм саҕана үлэҕэ-хамнаска эриллибит, 90-с сыллар иннилэринэ үлэ үөһүгэр киирбит, буспут-хаппыт, араас тэрилтэ, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар тахсан үлэлээбит дьон билигин аҕамсыйдылар, сааһырдылар, олоччу кэриэтэ сирэй үлэттэн тохтоотулар. Саҥа, эдэр көлүөнэ үлэһиттэр тахса, үөскүү сатыыллар. Ол дьон борбуйун көтөҕөрө биир-икки күннээх буолбатах, кэтэһиини, күүтүүнү, ону ааһан тулууру эрэйэр. Бу быыһык кэмҥэ салалтаҕа уруккуну уонна кэнэҕэскини ситимниир, үлэлээн ааспыт дьон олуктарыгар үктэспит, бииргэ үлэлээбит, сүһэн ылан илдьэ хаалбыт дьоҥҥо тирэҕирэр ордук.
И. Ушницкай: Оттон бу сайын саҕаланыаҕыттан турбут, аныаха диэри кыайтара илик уот-буруо дьон-сэргэ санаатын олус аймаата.
А. Жирков: Саха «уот кураан» диэн мээнэҕэ эппэт. Быйылгы курдукка маарынныыр, үөһэттэн таммах да сиигэ суох, эбиитин өҥүрүк куйаас, кураанах тыаллаах-куустаах дьыл ааспыт сэрии саҕана буолбута биллэр. Кураан сыллар салҕаныахтарын сөп. Айылҕа күүһүн айылҕа күүһэ кыайар. Оччоттон баччаҕа диэри киһи аймах, төһө да түөһүн охсуннар, уу, уот уонна тыал күүһүн баһыйа да, киһилии көмүскэнэр албаһы тобула да илик. Ол иһин бу аан дойдуга тахсыталыы турар айылҕа иэдээнигэр киһи аймах ааспыт кэмнэр курдук биир эмэ аньыылааҕы булан толук биэрэр идэтин тохтотон, дойду дойдунан, омук омугунан бүттүүн саба түһэн өрүһүнэ, быыһана сатыыр буолбута быданнаата.
Сахаҕа эмиэ оннук. Түөлбэ-түөлбэ аайы дьон-сэргэ мустан, үйэлэр тухары олохсуйбут төрүт сирдэрин күдэнтэн көмүскээн, кыанардыын-кыамматтыын бииргэ түмсэн, уот суоһун утары турунна. Иэдээн суоһаабытыгар, дьон кыраны-ааһары умнан, бииргэ буолла, түмүстэ. Уонна кыһарҕаннаах кэмҥэ чороҥ соҕотох буолбатаҕын, ханнык да таһымҥа сүүрэ-көтө, салайа, туруорса, кыһалла сылдьар дьоннооҕун, салайааччылардааҕын көрдө, билиннэ. Нэһилиэккэ, улууска даҕаны, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны.
Соторутааҕыта Бэс Күөлүн олохтоохторун кытта көрсүбүтүм. Ыар охсууттан самныбатах, төрөөбүт түөлбэлэрин чөлүгэр түһэрэр туһугар дьулуһар дьон, Бэс Күөллэрэ. Түмсүүлээхтэр, мындырдар, эрэллээхтэр. Итинник киһилии, дьиҥ сахалыы быһыы-майгы биһиэхэ, дьиҥэр, барыбытыгар баар. Ону сүтэриэ, ыһыктыа суохтаахпыт.
И. Ушницкай: Кырдьык, улуус-улуус аайы дьон-сэргэ туруммута сүрдээх. Саха дьоно түмсүүлээҕин, кыайыылааҕын көрдөрөр.
А. Жирков: Уот иэдээнэ ааһыаҕа. Аны иннибитигэр кыстык кыһарҕана чугаһаата. Үгүс улуустарга уот кураан уотунан эрэ муҥурдаммата, хаарыан ходуһалар хара буорунан көрдүлэр. Онон, улуус, өрөспүүбүлүкэ салалтата билигин бааһы-үүтү оһоруна охсон, этэҥҥэ кыстыкка киирэр, сыл тахсар дьаһаллары тэҥинэн ылына олорор. Ол да өттүн кыаныахпыт дии саныыбын.
Кыһарҕан ааһыаҕа, олох салҕана туруоҕа. Мөлтөөн-сынтарыйан, эрэйбитигэр-буруйбутугар аан дойдуну барытын уонна таарыйа бэйэ-бэйэбитин буруйдаһан баран сууланан кэбиһиэ, муҥурахсыйыа суох тустаахпыт. Төттөрүтүн, омугу муҥурахсыта, утарыта туруортуу, кыра да, улахан да кыһалҕаны үлүннэрэ, тэнитэ сатааччылары, ол кыһарҕаҥҥа бэйэлэрэ биллэ-көстө, аат оҥостуна сатааччылары таба көрөр, араарар, ылыммат, оннук дьону кириргиир, тэйитэр дьоҕурдаах буолуохтаахпыт. Кыахтаах омук анала оннук.
И.Ушницкай: Александр Николаевич, үтүө, ыллыктаах тылгар махтал. Түмүккэ, дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу этиэҥ этэй?
А. Жирков: Сахалар, биһиги былыр-былыргыттан ким да «сээн» диэбэтэх, айылҕа атаахтаппатах, ааспыт олохпутугар үгүс кыһарҕаны, ууну-уоту, дьаҥы-дьаһаҕы, үтүө да, мөкү да сыһыаны аргыстанан ахан кэлбит омукпут. Булгуруйбатахпыт, булгуруйуо да суох кэриҥнээхпит. Бүтүн норуоту биир-икки кыһарҕаҥҥа тууйа сатыыр хаһан даҕаны кыаллыа суоҕа. Саха омук «өлөртөн өлбөт өйө, өйүнэн өлбөт бэйэтэ» ол туһугар хоһуллубута.
Ити өттүн, кэскиллээх, ыллыктаах өттүн тутуһуоҕуҥ, баар-суох ыччаттарбытын инники күөҥҥэ өрө анньан баран ситэри өйүөҕүҥ, кинилэр кылыыларын кэтээччилэргэ көх-нэм буолумуоҕуҥ. Судаарыстыбаннас култуурата салайааччыттан ирдиири тэҥэ, салалтаны билинэри эмиэ ирдиир. Үтүө, кэскиллээх санаа хаһан баҕарар кыайыылаах буола туруоҕа.
Ытык-мааны биир
дойдулаахтарым!
Инникибит илгэлээх,
аартыкпыт алгыстаах буоллун.
Анаабыт курдук аһыллан,
сатанан, кэҥээн-киэркэйэн
истин!
Эппитим курдук, Александр Николаевичтыын кэпсэтии Госдуума быыбарын иннинэ аҕай буолбута. Ол кэпсэтиигэ кини Госдуумаҕа турбут кандидаттар тустарынан, быһыы-майгы хайдах буолуохтааҕын туһунан санаатын эмиэ эппитэ. Быыбар түмүгэ кини сөпкө сэрэхэдийбитин, ол иһин ыллыктаах тылын-өһүн тапталлаах Сахатын сирин дьонугар-сэргэтигэр уу сахалыы тылынан тириэрдэ сатаабытын чопчу бигэргэттэ.
Бу аҕыйах хонуктааҕыта оҥорбут пресс-конференциятыгар Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич быыбар түмүгэ өрөспүүбүлүкэҕэ, чуолаан үп-харчы хамсааһыныгар, улахан объектар тутуллууларыгар содуллаах буолуоҕун таайтаран соҕус да буоллар, өйдүүр киһи өйдүүр гына эппитэ. «Чэ, ол Баһылык, салалта кыһалҕата буолуоҕа», – диэбитэ…
Иван Ушницкай,
суруйааччы, суруналыыс.