Ааспыт күн Саха сирин үрдүнэн 17 ойуур баһаара умуруоруллубут

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Билигин Саха сирин үрдүнэн 172 ойуур баһаара умайа турара биллэр.

Биир суукка иһигэр 57 тыһ. га иэннээх 17 баһаар умуруоруллубут.

Уоту утары үлэҕэ 4,8 тыһыынча киһи үлэлиир, 766 араас тиэхиньикэ туһаныллар.

Бэс Күөлэ, Таастаах, Кырыкый, Бээрийэ, Ытык Күөл, Ударник, Өргөлөөх, Үөдэй, Орто Сурт, Мэлдьэхси уонна Фрунзе нэһилиэнньэлээх пууннарга Арассыыйа ЫБММ министиэристибэтин исписэлиистэрэ үлэлииллэр.

Минерализованнай балаһалары оҥоруу уонна уоту умуруоруу үлэлэрин кэҥэтээһин бара турар.

Ааспыт күн иһигэр Арассыыйа ЫБМ министиэристибэтин авиацията 6 рейси оҥорон 108 киһини тиэйдэ.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru Инстаграмыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0