Аармыйаҕа ыҥырыы болдьоҕо доруобуйа туругунан, дьиэ кэргэн уустук балаһыанньатынан, үлэнэн, үөрэҕинэн сибээстээн уһатыллар. Маныаха кэмиттэн-кэмигэр уларытыылар киирэллэр. Бүгүн “Эдэр саас” ааҕааччыларыгар анаан, үөрэнэр устудьуоннар ханнык түгэҥҥэ ыҥырыллар болдьохторо уһуурун көрүөҕүҥ.
edersaas.ru
Дойду үрдүнэн, сүрүннээн, үөрэҕинэн сибээстээн уһаттараллар эбит. Холобур, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет саайта суруйарынан, ааспыт үөрэх дьылыгар, тустаах үөрэх кыһатыттан 75 устудьуон үөрэҕин тохтотон сулууспалыы барбыт.
Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор
Сорох төрөппүттэр, күһүн хойут, сыл бүтүүтэ төрөөбүт оҕолорун өссө даҕаны кыралар диэн санааттан, сэттэ саастарын лаппа ааспыттарын кэннэ, аҕыстарыгар бардахтарына оскуолаҕа биэрэллэр. Оччотугар оҕо 11-с кылааска үөрэнэр сылыгар номнуо 18 сааһын туолар. Оттон Арассыыйаҕа оскуолаҕа (күнүскүгэ) үөрэнэр оҕолору аармыйаҕа ылбаттар, болдьоҕун уһатан биэрэллэр.
Орто үөрэх кыһатын устудьуоннара
Итини таһынан, тиэхиньикумҥа, кэллиэскэ үөрэнэр орто анал үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннарын эмиэ үөрэхтэрин бүтэриэхтэригэр диэри быстах көҥүллүүллэр.
Үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннара
Аккредитацияламмыт үөрэх тэрилтэлэригэр күнүскү үөрэххэ киирбит үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннарын аармыйаҕа барыыларын болдьоҕун уһатыахтарын сөп:
— бакалаврга киирбиттэри, исписэлиис уонна магистр диплома суох ыччаты;
— специалитекка киирбит бакалавр, исписэлиис уонна магистр диплома суох ыччаты;
— магистратураҕа киирбит исписэлиис уонна магистр диплома суох ыччаты (өскөтүн бакалавры бүтэрбит сылыгар магистратураҕа киирбит буоллаҕына).
Аспирантураҕа киирбит дьон
Үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин бүтэрбит, ол эрээри, аспирантураҕа (адъюнктураҕа, ординатураҕа) үөрэнэр дьоҥҥо болдьохторун уһатар кыахтаахтар. Кимнээххэ маннык быраап бэриллэрий? Холобур, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр эбэтэр научнай-педагогическай каадырдары бэлэмниир аспирантураҕа (адъюнктура), ординатураҕа эбэтэр ассистентураҕа-стажировкаҕа наука тэрилтэлэригэр үөрэнэр дьон. Уһатыы болдьоҕо үөрэхтэрин бүтэриэхтэригэр диэри көрүллэр. Ону тэҥэ, биир сылтан уһуна суох квалификационнай үлэлэрин көмүскүүр кэмнэригэр көҥүллүүллэр эбит.
Духуобунай үөрэх тэрилтэтэ
Өссө биир түгэн. Духуобунай үөрэх тэрилтэтигэр күнүскүгэ үөрэнэр ыччат эмиэ аармыйаҕа барыытын болдьоҕун уһаттарыан сөп. Холобур, религияҕа сыһыаннаах тэрилтэлэргэ үлэлииргэ бэлэмнэнэр ыччаты. Маныаха үөрэх орто дуу, үрдүк дуу буолара оруолу оонньообот. Саамай сүрүнэ, күнүскүгэ итиэннэ тэрилтэ үөрэтэргэ көҥүллээх буолара ирдэнэр.
Ирдэбиллэр
Итиннэ эбэн эттэххэ, кэлин уларытыы киирэн, билигин аны орто анал, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр бэлэмнэниигэ үөрэнэр дьон эмиэ аармыйаҕа барыыларын биир сыл уһаттарыахтарын сөп. Уопсайынан, үөрэҕинэн сибээстээн, түөртэ уһаттарар кыах баар.
Ыйыллыбытын курдук, устудьуоннар үөрэнэр кэмнэригэр аармыйаҕа ыҥырыллар кэми уһатарга чопчу ирдэбиллэр бааллар. Ол курдук, бастатан туран, үөрэнэр тэрилтэлэрэ оҕолору, устудьуоннары үөрэтэр аккредитациялаах буолуохтаах. Иккиһинэн, оҕо, устудьуон күнүскү үөрэххэ үөрэниэхтээх (кэтэхтэн үөрэх аахсыллыбат). Үсүһүнэн, болдьоҕу уһатыыны Байыаннай комиссариат эрэ оҥорор бырааптаах.
Түмүк
Туох да диэбит иһин, аармыйаттан сылтах була сатыы-сатыы болдьоҕу уһаттарыы, куотунуу туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтэ биллэр. Аны сулууспалаабатах дьону сорох үлэҕэ ылбат буолан тураллар. Бу ыстатыйаны куотунар суоллары ыйар курдук өйдүүр сыыһа. Бэйэ быраабын билии быһыытынан ылынар оруннаах.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн