Аармыйаҕа сулууспалаабыт устудьуон

Ааптар: 
25.01.2022
Бөлөххө киир:

Нэһилиэкпит биир кэскиллээх эдэр ыччата Протодьяконов Николай ыал соҕотох оҕото. Кини 2006 сыллаахха Бөрөлөөх оскуолатын маҥнайгы кылааһыгар киирбитэ.

Үөрэммит кэмнэригэр наар 4 уонна 5 сыанаҕа үөрэммитэ. Нэһилиэккэ ыытыллар спортивнай-култуурунай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара, ол иһин 4 кылааска үөрэнэ сылдьан Сочи куоракка сынньана барар чиэскэ тиксибитэ. Оскуоланы 2015 сыллаахха бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы сибээс уонна энергетика колледжыгар үөрэххэ киирбитэ уонна 2019 сыллаахха “Обслуживание и ремонт радиоэлектронной техники” диэн идэни  баһылаан, үрүҥ көмүс  мэтээлинэн бүтэрбитэ. Бу сыл ХИФУ үп-экэниэмикэ институтугар менеджмент идэтигэр үөрэҕин салҕаабыта. Онтон аармыйаҕа   ыҥырыллан Приморскай кыраайга сулууспалаан,  ытык иэһин толорбута. Билигин салгыы 2 кууруска үөрэнэ сылдьара үөрдэр. Коляны Устудьуон күнүнэн эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт үөрэҕэр  үрдүк ситиһиилэри, дьоллоох олоҕу.

Людмила Колесова, Аллайыаха, Бөрөлөөх

Хаартыскаҕа: Н.Протодьяконов (ааптар ыытта)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0