«Сырдык өттүгэр күүстээх уларыйыылар бара тураллар. Ким кимэ биллэр, киһи эриэнэ таһыгар тахсар кэмэ кэллэ» диэн санаатын үллэстэр биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт. Кини — Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгиттэн төрүттээх, айылҕаттан айдарыылаах эмчит, алгысчыт Александр Петров — Аар Саарын.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
— Александр Кузьмич, дьон эйигин күүстээх эмчит дииллэр. Эмтиир дьоҕуруҥ хайдах арыллыбытай?
— Оҕо сылдьан, дьээбэлэммитэ буолан, бэйэм чугас дьоммун илиим иминэн эмтээччибин, онтум үтүөрээччилэр. 20 сааспын ааһан баран, хайдах эрэ ис испиттэн эмтиэхпин баҕаран кэлэр буолбутум. Онтон Киһилээх хайатыгар, Сата хайатыгар, Тибеккэ бара сылдьыахпыттан, ити дьоҕурум ордук аһыллан, дьону эмтиирбин саҕалаабытым. Маны таһынан, киһи көстүбэт эттигин (ауратын), дьиэни-уоту, сири-дойдуну ыраастыыбын.
— Оттон «ыарыы барыта ньиэрбэттэн» диэн этиигэ сөбүлэһэҕин дуо?
— Ханнык баҕарар ыарыы — тумуу буоллун, улахан ыарыы буоллун — киһи бэйэтин майгытыттан, тылыттан-өһүттэн, дьоҥҥо сыһыаныттан үөскүөн сөп. Ыарыы биһиэхэ тургутуу курдук бэриллэр. Тохтоон толкуйдуу түһэрбитигэр. Тугу алҕаһаатым, ханна сыыһа тутуннум диэн. Ону сөпкө өйдөөтөххө, ыарыы ааһан хаалыан сөп.
— Биһиги, сахалар, тыл иччилээҕин, сэттээҕин бэркэ диэн билэбит, өйдүүбүт. Эйигин өссө алгысчыт диэн истибитим. Итинэн мин кырыыс уонна алгыс киһиэхэ дьайар күүстэрин туһунан ыйытыахпын баҕарабын.
— Алгыс диэн үтүөнү санааһын, оттон кырыыс диэн ол таҥнарыта буоллаҕа. Мин, аҕыйах саҥалаах киһи, алгыырбар тыл бэйэтэ, үөһэттэн кутуллан киирэр. Урут хаһан да истибэтэх тылларбын кытары этэбин.
Кырыыс туһунан эттэххэ, кырыы турар киһи, бастатан туран, бэйэтигэр, ону ааһан, оҕотугар-уруутугар куһаҕаны оҥостор. Ол эппитэ-тыыммыта барыта бэйэтигэр эргиллэн кэлэр. Алгыс эмиэ соннук дьайар күүстээх.
— Дьон тылыттан, куһаҕан санаатыттан, дьайыытыттан хайдах харыстаныахха сөбүй?
— Бэйэҕэ чугастык ылынымыахха наада, оччоҕо ол эппитэ-тыыммыта эйиэхэ иҥпэт. Бу саҥара турар киһи билбэтиттэн итинник тыллаһарын, быһыыланарын өйдүөххэ наада. Куйаар бэйэтэ туспа сокуоннаах: тугу санаабытыҥ, саҥарбытыҥ, оҥорбутуҥ син биир хаһан эмит бэйэҕэр эргийэн кэлэ турар. Үтүө үтүөнэн, мөкү мөкүнэн. Уон төгүл күүһүрэн. Бэйэҕэр буолбатаҕына, оҕолоргор. Оҕолоргор буолбатаҕына, сиэннэргэр.
— Дьылҕаҥ эрдэттэн суруллан-ыйыллан кэлэр диэн өйдөбүл баар. Оччотугар киһи хайдах да хамсаннын, ол ыйааҕын уларытар кыаҕа суох дуо?
— Уларытар кыахтаах. Бэйэтин күннээҕи олоҕунан, тылынан-өһүнэн, санаатынан. Киһи кыра собуот курдук — тугу санаабыта, саҥарбыта, тугу гыммыта инники олоҕун оҥорор. Киһи дьылҕаттан ураты бэйэтин олоҕун ыраас лиискэ курдук туспа «суруйар».
— Ол дьылҕаны ким аныырый?
— Эн бэйэҥ. Дьылҕа диэн — эн бэйэҥ урукку олохторгуттан сиэттэрэн оҥостубут «сценарийыҥ» буолар. Оттон ол «сценарийтан» уратыны киһи күннээҕи олоҕунан, санаатынан, дьайыыларынан уларытыан сөп.
— Этэллэр дии, таҥара тэҥниир диэн. Ол эрэн, олоххо көрдөххө, кыһалҕалаах киһи эрэйтэн төлөрүйбэт курдук, оттон сорох киһи олоҕо бары өттүнэн табыллыылаах.
— «Олох — үөрэх» диир буоллахпытына, биһиги тугу эрэ ситэ өйдөөбөппүтүттэн, ол үөрэхпит эксээмэнин ааспаппытыттан, биир сиргэ тэпсэҥниибит. Киһи кутун сайыннараары кэлэр. Ол кэлэн, сирдээҕи олох оскуолатын, кылаастан кылааска тахсарга курдук, эксээмэн туттаран ааһабыт. Ол эксээмэннэр — тургутуулар. Биир кылаастан өнүйүө суохха сөп, оччоҕо олоҕо биир кэм буолар. Биитэр кылаастан кылааска тахсан, төһө баҕарар сайдыахха сөп. Оннук тургутуулары ааспыт киһи олоҕу көрүүтэ тосту уларыйар, айылҕа тыыннааҕын өйдүүр.
— Киһи төһө да кута сайдан, олоҕун уларыта сатаабытын да иһин, тас дьайыылар харгыс буолуохтарын сөп буолбатах дуо?
— Тас дьайыылар диэн киһини үтэн-анньан көрүү буолар. Холобур, учуутал сорудах биэрэрин курдук.Ол сорудаҕы толорон, билиини киһи бэйэтин олоҕор туттан истэҕинэ, уларыйар. Бэйэҕэ туһаммакка хааллардахха, — ол көҥдөй билии. Онон, билбити-көрбүтү бэйэҕэ туһанан истэххэ, кылаастан кылааска тахсан иһэҕин. Билии-көрүү ордук айылҕаҕа соҕотох сырыттахха кэлэр.
Оттон киһи ханнык эмит тургутууну кыайан ааспатаҕына, ыарахантан куотан, арыгыга, атын дьайга умньаныан сөп. Ол дьайтан босхолонуу — эмиэ биир улахан үөрэх. Хас биирдии киһи соругун ситиһэр суола-ииһэ атын. Холобур, сыалгар-соруккар сөпкө баран иһэр буоллаххына — суолуҥ аһыллан иһэр. Сыыһа суолунан баран иһэр буоллаххына — сабыллан иһэр.
Киһи төрүөҕүттэн бу сиргэ икки көмөлөһөөччүлээх кэлэр. Кутуҥ сайыннаҕын аайы, ол көмөлөһөөччүлэриҥ ахсаана элбээн иһэр. Олор соруккар тиийэр суолгун-иискин аһан эбэтэр бүөлээн биэрэллэр.
— Оччотугар олоҕум уларыйарыгар туох эмит бэлиэлэр баар буолаайаллар?
— Ханнык эрэ таһымы аастаххына, атын таһымҥа тахсаргар, дьылҕа бэйэтэ саҥа дьонунан сирэйдэнэн дуу, саҥа көстүүнэн дуу билиини биэрэр. Ол билиини ылан, илдьиритэн, өйдөөн, бэйэҕэр буһаран, бэйэҕинэн аһардан, кутуҥ сайдар. Ханнык да суолунан барбыт иһин — киһи туохха эмит үөрэнэр. Өйдүөр диэри алҕаһын хатылыы турар.
— Билиҥҥи олоххо киһи киһиэхэ хаҕыс сыһыана, атаҕастааһын, өлөрүү элбээбит курдугун тугунан быһаарыахха сөбүй?
— Билигин куйаарбыт уларыйа турар кэмэ. Ол аата эниэргийэ күүһүрэн, сирбит эмиэ уларыйар. Сырдык өттүгэр күүстээх уларыйыылар бара тураллар. Ким кимэ биллэр, киһи эриэнэ таһыгар тахсар кэмэ кэллэ. Бу — ыраастаныы биир көрүҥэ. Кирдээх киһи сырдыгы уйбакка, ол кирэ таска тахсар быһыыта. Бу сир уларыйарыгар, сырдыкка көһөрүгэр, хараҥа барыта тахсан бүтүөхтээх. Ити сэриилэр, өлөрүүлэр, киһи куһаҕан быһыыта, баһаардар, тыаллар, уу ылыыта — барыта сир уларыйыытыгар бара турар көстүүлэр.
— Төһө өргө диэри барыай, бу ыраастаныы?
— Олус өр буолбата буолуо.
— Оттон дьахтар эр киһи сыһыаныгар даҕатан ыйыттахха, ыал буолууга дьулуһуу аҕыйаабыт, арахсыы элбээбит төрдө эмиэ ол уларыйыы көстүүтэ дуо?
— Онно киирсэр.
— Дьиҥнээх таптал киһиэхэ биирдэ эрэ бэриллэр дуу биитэр киһи олоҕун устатыгар хаста да таптыан сөп дуу?
— Биирдэ да таптыан сөп биитэр хаста баҕарар таптыан сөп. Ол киһититтэн тутулуктаах. Таптал диэни киһи биир тылынан эппэт. Киһи биир кэм таптал туругар сылдьыбат, сороҕор ыһыллар-тоҕуллар кэмигэр таптала суох буолар, сүтэн хаалар. Киһиэхэ таптал (киһини көрөн таптааһын) диэн уонна үрдүкү таптал (барыны бары таптааһын) диэн баар.
— Оттон киһи бу сиргэ аналын көрсөн, ыал буолуохтаах диэн этиллэр эрээри, олохторугар соҕотох дьон элбэх эбээт?
— Бу киһи урукку олоҕор элбэх оҕолоох, кинилэр эрэ тустарыгар олорбут буолан, бу сырыытыгар сайдаары, бэйэтин туһугар олороору, сынньанаары кэлэр. Ону бэйэтэ өйдүөн наада, оччоҕо олороругар чэпчэки буолуоҕа. Эбэтэр урукку олоҕор оҕо бөҕөтүн оҕоломмут буолан баран, үчүгэйдик көрбөтөх-ииппэтэх, куһаҕаннык сыһыаннаспыт буоллаҕына, бу сиргэ соҕотох буолар аналлаах кэлэр.
— Кэпсэтиибит түмүгэр, бу саҥа үүммүт 2017 сылбыт туһунан тус көрүүгүн биһиги ааҕааччыларбытыгар тиэрдиэҥ буолаарай?
— Бу сылга икки атахтаах сыһыаныгар эрэ буолбакка, айылҕа көстүүтүтүгэр, туругар эмиэ уларыйыы тахсыаҕа. Ол төһө хабааннанара, содулланара биһигиттэн бэйэбититтэн тутулуктаах. Билигин чараас эйгэ сир дьонун олоҕор дьайар күүһэ улаатан турар. Саныыр санаа, этиллибит тыл туолар кэмэ кэллэ.
Төһөнөн элбэх киһи үтүөнү ыраланар, эйэҕэ талаһар, иирсээни бопсор өйдөөх-санаалаах буоллаҕына – олохпут да сол курдук үтүө диэки салаллан барыаҕа. Дьон санаата сааһыланыан, тылын-өһүн кыатана туттуон наада.
Сүбэм-соргум диэн – үчүгэйи саныахха, ыраланыахха наада. Сарсыҥҥы күн үтүөнү аҕаларыгар бүк итэҕэйиэххэ, эрэниэххэ. Туох эмит ыарахаҥҥа түбэстэххэ даҕаны, үчүгэйдик түмүктэниэ диэн бигэ эрэллээх, бөҕө санаалаах буолуҥ. Син биир эргийэн-эргийэн киһи санаатын иһинэн тахсан кэлиэҕэ.
— Ыйытыыларбар аһаҕастык хоруйдаабыккар улахан махтал, Александр Кузьмич!
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.