Аар хатыҥ  (кэпсээн)

09.05.2018
Бөлөххө киир:

Аар хатыҥ барахсан, дорообо. Эн эмиэ сааскыны уруйдуу, күөҕүнэн симэммиккин,  солко сэбирдэххин сиккиэр тыалга тэлибирии оонньотоҕун.

Эмиэ биир сааскы чэбдик сарсыарданы этэҥҥэ көрүстүбүт. Эмиэ биир Кыайыы сааһын.

Кыайыы сааһа. Кыайыы сааһын, дьиҥ чахчы өрөгөй күнүн, үөрүү-дьол күнүн көрсүбүт көлүөнэ аҕыйаатыбыт ээ. Хайдах этэй ол Кыайыы сааһа?  Өйдүүгүөн эн, аар хатыҥ? Кэтэстибит да этээ, ол Кыайыы сааһын, ол суостаах сэрииттэн дьоммут кэлэрин. Кэтэстибит да этэ. Сэрии…  Ааспат, арахпат ыар аһыы. Күн-дьыл аастаҕын аайы мүлүрүйүөхтээҕэр, өссө дириҥиир, өссө аһыы- кутурҕан аргыстаһар.

Оччотооҕуга эн эдэркээн хатыҥчаан этиҥ, дьылыгырас субаҕар хара дьураа сыста илигэ. Мин да олох оҕочоос этим. Ол эрээри олох ыараханын, кыһарҕанын биһиги көлүөнэ эрдэ билбиппит.

Аҕаларбытын, убайдарбытын сэриигэ атаарыы. Өйдүүбүн ээ, хатыҥчаан, эн курдук эдэркээн кыргыттар, субу эн аттыгар туран маҥан былаатынан далбаатыы тапталлаахтарын атаара турбуттарын. Кыайыы туһа диэн суту-курааны кытта охсуспут, колхоз ыар үлэтин бурҕалдьытын соспут, таптал, ийэ буолуу дьолун билбэтэх, кэтэһии курус ахтылҕаныгар куустарбыт оччотооҕу кыргыттар… Билигин үгүстэрэ суохтар.

Сут-кураан. Ама хайаан умнуоҥуй, хатыҥчаан, ол кэми. Сайын саҕаланаатын кытта, силигилии симэнэриҥ оннугар, куура хатан, сэбирдэххин тыалга ыһарыҥ. Бэл чыычаах да ырыата иһиллибэт курдуга дии эн таскар. Арай  сири-дойдуну имири салаабыт, былыт курдук көһө сылдьар тимир аһыҥка тохтообот куугуна эрэ иһиллэрэ.

Хатыҥчаан, эн эмиэ сэрии силлиэтин тулуйбутуҥ, оспот баас эн кылбаа маҥан сотоҕор хара дьирбии буолбута бу хараара оспут.

Өйдүүгүөн хатыҥчаан, биһигини, атах сыгынньах оччотооҕу оҕолору. Бу анныгар нэлэһийэр бурдук бааһынатын уһаты-туора сыыйбыт, биир ытыс туораах бурдук иһин идэмэрдээх аһыҥканы бултаспыт, кутуйах хороонун хаһыспыт оччотооҕу уончалаах оҕолору. Уллуҥа тэстибитинэн угунньабыт быга сылдьар этэрбэспит элээмэтин ардахха сытытымаары эн анныгар саһан сынньанарбыт. Эн биһигини харыстыыр этиҥ силлиэттэн-буурҕаттан, тыалтан-самыыртан, арыт дьон хаҕыс тылыттан. Эн көнө умнаскар сыстан туран, хомолтобутун кэпсиирбит, сэдэх үөрүүлэрбититтэн үллэстэрбит. Эн биһигини өйдүүр курдугун, ийэлии санныбытыттан сылаастык имэрийэриҥ. Ол сыллар бу эн ньуургар эмиэ хара дьирбиини хааллардахтара.

Сыллар ааспыттара. Эн намчы бэйэҥ улаатан, дьоройон, күөх солко сэбирдэххинэн суугунуу хамсыыр кэрэчээн хатыҥҥа кубулуйбутуҥ.

Өйдүүгүн хатыҥым барахсан, сэрииттэн эргиллибит саллааттар аан бастаан эйиигин көрдө-көрбүтүнэн кэлэр буолбуттарын. Эн кинилэри бүтүн бэйэҕинэн иэйэ кууһан көрсүбүтүҥ, күрүлэс куйаастан күлүккэр сынньаппытыҥ, ахтылҕаннарын аһарбытыҥ, ыар баастарын оһорбутуҥ.

Өйдүүгүн хатыҥым барахсан, эн күлүккэр аны таптаһар уоллаах кыыс көрсүһэр буолбуттарын. Эн кинилэри өрүү үөрэ көрсөрүҥ, истиҥ тапталларын кистиириҥ, сэмээр мичийэ кэтэһэриҥ.

Оо, умнубаппын хатыҥым барахсан, эн биирдэ ыардык да ынчыктаан ылбыккын. Аан бастакы хомуурга биир бастакынан барбыт, өлбүтүн туһунан биллэриитэ кэлбит ыалбыт Ньукулааһа барахсан тиийэн кэлээхтээбитэ. Эдэркээн кэргэнин, кырачаан уолчаанын сүтэрбит абатын, билиэҥҥэ түбэһии сорун, тоҥ маһы тосту тардар бүтүн күүстээх бэйэтэ киһи аҥара киһи буолбутун эйиэхэ кэпсээбитэ, күөх ньаассын кырыскар умса түһэн сытан муҥун ытаабыта. Онно эн кинини кытта тэҥҥэ ытаспытыҥ. Ол аһыы-кутурҕан суола бу хараара чөҥөрүйэн көстөөхтүүр.

Сыллар аастар ааһан испиттэрэ, сэрии баастара мүлүрүйэн, олох бэйэтин киэлитигэр киирэн барбыта. Хатыҥым барахсан, эн эмиэ баараҕыдыйан аар  хатыҥҥа кубулуйдуҥ. Бу эн тулаҕар кырачаан хахыйахтар үүммүттэр. Биһиги эмиэ, оччотооҕу сэрии кэмин оҕолоро, олохпутугар инники эрэллэрбит – оҕолорбут, ыччаттарбыт, биһиги хахыйахтарбыт.

Аар хатыҥ барахсан, олорбут олохпут аргыһа, ситэ-силигилии, ыччаттаргын сириэдитэ, сир ийэни симии тур дуу. Эһиил көрсүөххэ диэри, хатыҥчааным, хатыҥым барахсан.

                                                      Акулина Сокольникова-Өкүүчэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0