Аар айылҕа Арассыыйа модун күүһүн билинэр

07.03.2022
Бөлөххө киир:

Сааскы айылҕа араастаан дьүһүн кубулуйан киһини сөхтөрөн абылыыр.

Кыраҕы харахтаахтар түһэрэ охсоннор үйэтитэллэр, ситимҥэ таһааран дьону үөрдэллэр, кэрэнэн симииллэр.
Киэһээҥҥи сарыал илэ-бодо Арассыыйа былааҕын көрдөрбүтэ дьикти. Оннооҕор Аар айылҕа Арассыыйа модун күүһүн билинэн,  киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа тилийэ таһаарда.
Бу ураты көстүүнү көрөммүт, санаабыт көтөҕүлүннэ, сүрэхпит сылаанньыйда.
Күн 5 чаас 47 мүн. уһаата. Киһи таһырдьаттан киирбэт кэрэ кэмнэрэ кэллилэр. Тыа сиригэр сүөһүлэр төрөөннөр үрүҥ илгэ дэлэйдэ. Күннээҕи олох төһө да түбүктээх буоллар, үлэ түмүктээҕиттэн харытын күүһүнэн үлэлээн иитиллээччи киһи сүргэтэ көтөҕүллэр, санаата бөҕөргүүр.

«Саха сирэ»,  edersaas.ru анаан Иннокентий ПОПОВ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0