Ааптардары кытта көрсүһүү ааҕааччылары астыннарда

Ааптар: 
24.07.2017
Бөлөххө киир:

«Бичик» кинигэ кыһата ааҕааччыларыгар анаан саҥаттан саҥа акциялары, күрэстэри, тэрээһиннэри утумнаахтык ыытар. Ол курдук, бу нэдиэлэҕэ “Бичик+” маҕаһыыҥҥа ааптардары кытта көрсүһүү күннэрэ ыытылыннылар.


Көрсүһүүнү «Когда болеет ребенок…» төрөппүккэ босуобуйа уонна саҥа тахсыбыт «Чудовище Лабынкыра» остуоруйалардаах кинигэ ааптара, СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ уонна РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна, СӨ үлэҕэ туйгуна Валентин Владимирович Егоров саҕалаата. Валентин Владимирович мустубут дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах сүбэлэри-амалары биэрдэ, ыйытыыларга хоруйдаата, ааҕааччылары кытта атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэһэргэстэ, санаа атастаста.

Салгыы икки күн маастар-кылаастар ыытылыннылар. Маҥнайгы күн «Туос иһити тигии» кинигэ ааптара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ уус-уран оҥоһуктарга маастара Татьяна Алексеевна Карамзина кылтан-сиэлтэн ситиини хатан көрдөрдө. «Түүлээххэ сууланан» кинигэ ааптара көмүс тарбахтаах иистэнньэҥ, элбэх куонкурус кыайыылааҕа Туйаара Иннокентьевна Александрова оҕуруонан, тириинэн, түүлээх кырадаһынынан дьахтар уолугар анньынар киэргэлин оҥорон көрдөрдө. Манна иис-уус сатабылыгар үөрэниэн баҕалаах кэрэ аҥаардар илэ харахтарынан көрөн, илиилэрин иминэн тутан-хабан ситии хатарга, оҕуруо тиһэргэ үөрэннилэр, киэргэл оҥостон үөрдүлэр-көттүлэр.

Көрсүһүү күннэрин «Талахтан, мастан дьиэ тэрилэ», «Саха мастан тутуулара» кинигэлэр ааптара, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына, Россия уонна Саха сирин архитектордарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара Эрнст Александрович Алексеев түмүктээтэ. Кини саха төрүт тутуулара диэн тиэмэҕэ үлэҕэ үөрүйэҕин, сатабылын үллэһиннэ, талахтан оҥоһук кистэлэҥин, ымпыгын-чымпыгын арыйда. Ону тэҥэ илдьэ кэлбит ураты көрүүлээх уруһуйдарын, эскиистэрин көрдөртөөтө, санаатын үллэһиннэ.

«Бичик» ааҕааччыларыгар анаабыт тэрээһиннэригэр уопсайа 100-тэн тахса киһи сырытта. Кэлбит ааҕааччылар ааптардартан илии баттааһыннаах кинигэ ылан, саҥаны, сонуну билэн-көрөн, биир санаалаахтарын кытта алтыһан, туһалаах көрсүһүүттэн олус астынан, махтанан тарҕастылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0