Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөхүмэ улууһун Абаҕа сэлиэнньэтигэр маҥан уонна тэтэркэй өҥнөөх сэппэрээк (өлүөхүмэлэр чэмпэрээк диэн ааттыыллар) кэккэлэһэ үүммүт хаартыскалара тарҕанна. Бүгүн Даппарай сэлиэнньэтиттэн хас даҕаны хаартыска тигинээн кэллэ. Өлүөхүмэлэр хас даҕаны сылга биирдэ маҥан сибэккилэнэр диэн бэлиэтииллэр.
Өлүөхүмэ улууһугар сэппэрээк хото үүнэр. Олохтоохтортон, баҕар, ким эмэ хаартыскаҕа түһэрбитэ буолаарай диэн туоһуласпыппар, өр-өтөр буолбата, аҕыйах хонуктааҕы хаартыска тигинээн кэллэ.
Хаартыска ааптара Зарема Баишева: “Урут, эдэр сылдьан, Даппарайга Тарыҥ Үрэх биэрэгэр биирдэ эмиэ маҥан чэмпэрээги көрөн турабын. Оччолорго хаартыска суох буоллаҕа, ол иһин ким даҕаны итэҕэйбэтэҕэ. Билигин ээр-сэмээр ол миэстэҕэ көрдүүбүн да, суох. Баҕар, биэрэгэ сууллубута буолуо”, — диэн санаатын үллэстэр.
Ону таһынан, Зарема Халитовна бүгүн аара суол кытыытыгар үс өҥнөөх ньургуһуну бэлиэтии көрөн, хаартыскаҕа түһэрбит. Чахчы, көрүөхтэн эриэккэс хаартыскалар буолбат дуо?
Аҕыйах хонугунан Өлүөхүмэ улууһа Аанньаах хочотугар Олоҥхо ыһыаҕын ыһыаҕа. Ол иннинэ өҥ буордаах айылҕата кыыс оҕолуу симэнэр, киэркэйэр!
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru