Бүгүн Баанчык маҕаһыыҥҥа баран иһэн уулуссаҕа бииргэ үөрэнэр кыыһын Аанчыгы көрсө түстэ. Кинини эрэ көрсүөм диэбэтэх буолан долгуйан сүрэҕэ мөҕүл гынан ылла. Кыбыстан сирэйэ кытаран хаалбытын биллэримээри умса туттан аттынан дорооболоспокко да ааһан хаалла. Ааспытын кэннэ кэннин хайыһан кыыс төбөтүн оройугар туттарбыт, кулун кутуругунуу тойтороҥнуур баттаҕын көрүөн наһаа баҕарда эрээри, кыбыстан хайыспата. Быйыл кини тоҕо эрэ наһаа кыбыстанньан буолан хаалла. Ордук Аанчык баар буоллаҕына кыбыстан хайдах да буолуон билбэт. Санаатыгар Аанчык кини хас биирдии хамсаныытын кыраҕытык кэтиир, тугу саҥарарын истэр курдук. Кыыс баарыгар төһө да кыбыһыннар тоҕо эрэ куруутун кини таһыгар баар буолуон, саҥтын истиэн, кулун кутуругунуу тойтороҥнуур баттаҕын көрүөн баҕарар. Кылааска Аанчык инники паартаҕа олорор, онон ити тойтороҥнуур баттаҕы төһө баҕарар салгыбакка көрөн олорор. Онтон биирдэ эмэтэ утары көрсө түстэхтэринэ, долгуйан сүрэҕэ мөхсө түһэр, бэрт түргэнник хараҕын куоттара охсор. Оннук туох эрэ дьикти ыарыыга ыллара сылдьар. Онто биир түгэнтэн ордук күүһүрбүтэ. Ол күнү кини хаһан да умнубаттыы, хас биирдии ымпыгын-чымпыгын барытын өйдүүр.
…Саҥа дьыл чугаһаан киһи барыта өрө көтөҕүллэн, бырааһынньыгы кэтэһэ аҕай сылдьаллар этэ. Оскуола саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгар хас биирдии кылаас остуоруйаттан инсценировка туруорар үһүбүт диэн буолбута. Биир күн ыстаарысталара Наташа уруок кэнниттэн хаалан ханнык остуоруйаны туруорарбытын сүбэлэһэбит, онно бары баар буолаҕыт диэбитэ. Алтыс уруок бүппүтүн биллэрэн чуораан өрө тырылыы түһээтин кытары, кэтэһэн турбуттуу кылаастарын салайааччыта Мария Ивановна хас да кинигэни кыбыммытынан киирэн кэлбитэ. Онон кылаас чааһыттан күрээри өгдөҥөлөһө олорор уолаттар сирэйдэрэ холлон хаалбыта.
Мария Ивановна киирээт: «Дорооболоруҥ!» — диэбитэ уонна остуолга тиийэн хас да остуоруйа кинигэтин ууран кэбиспитэ. Баанчык хаһан да артыыстаабатах киһи инсценировка туруоруутугар кыттар санаата суоҕа. Остуолга ууруллубут биэс-алта кинигэни көрөн, итиннэ киллэриллибит остуоруйалартан сыымайдаан, сирэн-талан, мөккүһэн хаһан бүтэрбит биллибэт эбит дии санаабыта.
— Саҥа дьылга инсценировка туруоруутугар куонкурус биллэриллибитин бары билэр буолуохтааххыт, — Мария Ивановна ачыкытын өрө анньына-анньына кылааһы эргиччи көрбүтэ. – Дьэ, эрэ, ким туох этиилээҕий? Ханнык остуоруйаны туруорабытый? – диэн баран кылааһы эргиччи көрбүтэ.
Чочумча уу-чуумпу сатыылаабыта. Онтон Рая туран: «Оттон, арай, «Эриэппэ уонна оҕонньор» диэн остуоруйаны туруордахпытына», — диэбитигэр бүтэһик паартаҕа олорор Бүөккэ күлэн тыбыыра түспүтэ.
— Аата, кыра оҕолорго дылы дуо? – диэбитигэр Варя эргиллэ түһээт: «Улахан оҕо» оччоҕо, эн ханнык остуоруйаны туруорарбытын этэн биэриий», — диэбитигэр киһитэ тугу да саҥарбакка паартатын сирэйигэр сытынан кэбиспитэ. Итини эрэ күүппүттүү онтон-мантан хас да кыыс ойон туран ханнык остуоруйаны туруоруохха сөбүн этитэлээбиттэрэ. Мария Ивановна ону барытын сүрдээх болҕомтолоохтук истэн баран:
— Хайа, оттон уолаттар туох этиилээххитий? – диэбитэ. Онуоха Баанчык бэйэтэ да соһуйуон иһин ойон туран:
— Хайаан да норуот остуоруйатынан инсценировка туруоруохтаахпыт дуо? Оттон, арай, биһиги бэйэбит тугу эрэ айан туруордахпытына хайдаҕый? – диэбитэ.
Оҕолор бары соһуйбут курдук кини диэки эргиллэ түспүттэрэ. Баанчык онтон кыбыстан сирэйэ итий-итий гыныталаан ылбыта. Ол да буоллар олорунан кэбиспэккэ оҕолору кэриччи көрүтэлээбитэ. Эмискэ Аанчыктыын харахтара харсыһа түспүттэрэ. Баанчык кыыс кини диэки сонурҕаабыттыы, соһуйбуттуу көрөн олороруттан сүрэҕэ мөҕүл гынан ылбыта. Тута хараҕын атын сиргэ халбарыта охсубута уонна ити этиитин хайаан даҕаны олоххо киллэриэн баҕаран кэлбитэ.
Кини урут маннык мунньахтарга тугу да саҥарбат, баара-суоҕа биллибэт буолара, үөрэҕэр даҕаны уот курдук орто этэ. Ол эрээри, бэйэтин саастыылаахтарын ортотугар саамай элбэҕи аахпыт, ону наһаа үчүгэйдик ыпсаран-хопсорон кэпсиир буолан уоллуун-кыыстыын бары сөбүлүүллэрэ.
Мария Ивановна эмиэ Баанчык диэки соһуйбуттуу көрөн олорон:
— Таак-так! Дьэ, хата Ваня бэрт интэриэһинэй этиини киллэрдэ, — дии-дии хаҥас илиитин сөмүйэтинэн ачыкытын өрүтэ анньыммахтаабыта. – Баһаалыста, идеяҕын сиһилии быһааран биэр эрэ, — диэбитэ.
Баанчык күөмэйин оҥостон көхсүн этиппэхтээн ылбыта уонна Мария Ивановнаны утары көрөн туран:
— Бары саамай сөбүлүүр остуоруйабыт, мультикпыт геройдарын мааскаларын оҥостуоҕуҥ уонна бэйэбит остуоруйата толкуйдуоҕуҥ, — диэн баран олорунан кэбиспитэ.
— Кырдьы-ы-ык, наһаа үчүгэ-э-эй… Мин Дюймовочка буолабын, — диэт бастакы паартаҕа олорор Ленка ытыһын таһыммахтаан ылбыта.
Итини эрэ күүппүттүү кылаас иһэ эмискэ өрө оргуйа түспүтэ. Кыргыттар бары былдьаһа-былдьаһа ким буолуохтарын баҕаралларын этэн, илиилэрин өрө ууна-ууна аймана түспүттэрэ. Бэл, уолаттар өрүкүнэспиттэрэ. Бүөккэ туохха да кыһаммат курдук паартатыгар сытар бэйэтэ ойон туран икки илиитин өрүтэ ууммахтыы-ууммахтыы уопсай айдааны баһыйа сатаан: «Мин, мин…Мин Илья Муромец буолабын», — диэн төлүтэ биэртэлээбитэ. Баанчык ол күүгээҥҥэ Аанчык туох диирин истэ сатыы олордоҕуна Мария Ивановна:
— Тохтооҥ, тохтооҥ! Чуумпуруҥ эрэ, баһаалыста. Баанчык наһаа үчүгэй идеяны эттэ. Билигин Варялаах Галя ким ханнык мааска буолуон баҕарарын испииһэктээҥ. Онтон инсценировкабыт ис хоһоонун толкуйдуохпут. Баара-суоҕа уон мүнүүтэлээх инсценировка буолуохтаах. Ол иһигэр бары сыанаҕа киирэн тахсаргыт курдук толкуйдуохха наада, — диэбитигэр айдаан арыый намыраабыта.
Варя Галялыын паарталары кэрийэ сылдьан ким туох мааска буоларын суруммутунан барбыттара. Баанчык Аанчык туох диирин истээри чөрбөйөн аҕай олорбута. Галя Аанчык таһыгар кэлэн:
— Аанчык, эн ким буолаҕын? – диэн ыйыппытыгар бэрт килбиктик: «Морозко» остуоруйаҕа баар Настенька буолуом», — диэн баран умса туттан кэбиспитэ. Баанчык ону истээт «Оччоҕо мин Морозко буолар эбиппин» диэн быһаарына охсубута. Аймалаһан-аймалаһан ким ханнык мааска буоларын быһаарсан баран, аны остуоруйаны толкуйдааһын моргуора буолбута. Тиһэҕэр Мария Ивановна: «Үс-түөрт киһилээх айар бөлөхтө тэрийиэххэ. Биллэн турар, онно Баанчык киириэхтээх уонна кимнээҕи киллэрэҕит?» — диэбитигэр Света ойон туран:
— Варяны, Аняны, Костяны киллэриэххэ, — диэбитэ.
Бары онно сөбүлэһэн күүгүнэһэ түспүттэрэ. Онон аны үс хонугунан остуоруйа торумун суруйан, бэлэмнэниини саҕалыахха наада диэн быһаарбыттара.
Баанчык кылаас чааһын кэнниттэн түптэлэс тымныыга дьиэтигэр баран иһэн кэлэн иһэр Саҥа дьыл бырааһынньыга киниэхэ хаһааҥҥытааҕар да дьикти, долгутуулаах буолуохтааҕыттан ис-иһиттэн сүргэтэ көтөҕүллэн, мэктиэтигэр уҥуохтара кыйан ылбыта. Дьиэтигэр тиийэ охсон мааскалар испииһэктэрин көрүөн, оҕолору оруолларынан арааран саҥа остуоруйаны айыан баҕаран чигди суол устун сиэлэн сэгэйэн испитэ.
…Саҥа дьылга инсценировкалара бастаан үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттара. Аанчык ол киэһэ кинини адьас атын хараҕынан көрөр курдуга. Дьэ онтон ыла Баанчык наһаа кыбыстанньаҥ буолан иэдэйэ сылдьар. Онно барытыгар ити сибилигин аттынан ааспыт, кулун кутуругунуу тойтоҥолуур баттахтаах Аанчык кыыс буруйдаах.
Данил МАКЕЕВ, Дьокуускай.
Хаартыскалар, хартыыналар: интэриниэттэн.